Атырдьах ыйын 11 күнэ.
Маҥнайгы күн.
ХОТУ ДОЙДУ ТЫЫНА УОННА ЭЙЭҔЭС АСЧЫТ ДЬАХТАР
Атырдьах ыйын 11 күнэ. Сөрүүн, былыттаах сарсыарда. Бүгүн Дьокуускайтан ахсыа буолан Уус Куйгааҕа көттүбүт. Аэропорка кэргэттэрбит далбаатыы хааллылар…
Балай эмэ өр хоту дойду халлааныгар көтөн күпсүйдүбүт, эргэрбит АН-24 сөмөлүөт икки аҥаар чааһынан, хата, аналлаах сиригэр аҕалла. Хоту дойду дьоҕус пуордугар дьон бөҕө тоҕуоруспут. Соһуйуохпут иһин биһигини Өлүөнэ өрүстээҕи холбоһуктаах пароходство (ЛОРП) уонна «Саханефтегазсбыт» акциялаах уопсастыба үлэһиттэрэ бүтүн үс массыынанан киирэн көрүстүлэр. Халлаан сөрүүнэ тута биллэр. Дьокуускайга холоотоххо балачча тымныы, хоту дойду ураты салгына диэх курдук. Олохтоохтор бары халыҥ таҥастаах сылдьаллара харахха быраҕыллар.
Дьоммутун көрсөн, билсэн баран, салгыы Дьааҥы өрүскэ киирэн таас чох таһар үс танкерга тус-туспа арахсан малбытын-салбытын тиэннибит. Таһаҕаспыт да диэн, сүгэһэрдэр эрэ. Биэс киһи саалаахпыт. Серафим, Тиитэ, Ньургун доруоп аптамааттаахтар, онтон мин уонна Георгий харабыыннаахпыт. Уһун-киэҥ, инникитэ биллибэт экспедицияҕа наадалаах сэптэр.
Быыһааччы уолаттар Серафим, мин уонна Тиитэ – үһүөн биир хараабылга киирдибит уонна икки каютанан олохсуйдубут. Арыый да нам-нум буолбуппутун кэннэ, киэһэ алта саҕана, дьэ, айаҥҥа туруннубут.
Экспедициябыт салайааччыта Николай Александрович, Георгий уонна киинэҕэ устар уолбут Эркин бастакы хараабылынан биһиги иннибитигэр барбыттара. Онтон үһүс хараабылга Ньургун уонна Мирлан диэн киргиис күтүөт кэннибититтэн иһэллэр.
Халлаан былыттаах да буоллар хараҥарбат эбит. Уһук хоту дойду буоллаҕа. Дьааҥы эбэ уута болоорон үүттээх чэй курдук. Сайыны быһа ардаан угуттаабыта хайа аанньа буолуой.
Хата, биһиги кыраһыабай бэйэлээх асчыт нуучча дьахтарын билсэн үөрүү бөҕө. Бэрт сэргэх, тула көтө сылдьан сонун дьону аһатар-сиэтэр, ол быыһыгар кэпсээнэ да баһаам киһи буолан биэрдэ. Сураҕа үһүс ыйын навигацияҕа уста сылдьар үһү. Ити кэм иһигэр хамаандатын дьонуттан ураты атын икки атахтааҕы көрбөтөх буолан, тыына-быара хаайтарбыта, кэпсээнэ-ипсээнэ тууйуллубута сүр. Сонуну ыйытар, бэйэтэ да кэпсээнэ бүппэт киһи.
Хараабыл хапытаана уонна мэхээнньигэ хараабылларын тэҥэ саастаах дьон эбиттэр. Тэрилтэлэрэ эргэ сэпкэ саппаас чаас, өрөмүөҥҥэ үп-харчы көрбөттөрүн кэпсээн муҥатыйаллар. Кинилэри таһынан икки эдэр мотуруос уол баар. Хараабылларын биир ыытааччыта (судоводитель), биһиги саастыыта киһи, симиэнэтин кэннэ утуйа сытар дииллэр. Бу дьон маннык алтыа буолан өссө Сэбиэскэй Сойуус саҕанааҕы, бүтүннүү абырах буолбут танкерынан Аллараа Дьааҥыга кэлбит таас чоҕу тиэнэн, салгыы Дьааҥыны өрө өксөйөн, Баатаҕайга тиийэ таһаллар. Уһун сайыны быһа алтыан оннук дьарыктаах, үлэлээх-хамнастаах дьон эбиттэр.
Атырдьах ыйын 12 күнэ.
Иккис күн.
Аллараа Дьааҥы
Танкердар Дьааҥы эбэ ньуурун хайа анньан иннилэрин диэки тохтоло суох дьулуруйан иһэллэр.
Устан иһэн аара, күнүс, Хаһааччыйа сэлиэнньэтин көрөн аастыбыт. Биһиги сылаас каюталарга тэбэн көрбөккө утуйуу…
Аллараа Дьааҥыга киэһэ алта саҕана кэллибит. Олохтоохтор массыынанан киирэн көрүстүлэр. Дьоно көспүт, быраҕыллыбыт дэриэбинэ түгэҕэр, өтөхтөр быыстарыгар икки мэндиэмэннээх гостиницаҕа тиийдибит. Хамаандабыт дьоно бары мустан, үөрэн-көтөн, кэпсээн-ипсээн бөҕө буолан чэйдээтибит. Түөрт хостоох квартира икки хоһун баһылаатыбыт.
Атырдьах ыйын 13 күнэ.
Үһүс күн.
Тэстибит баах уонна мэнэйдэһии
09 ч. 00 м. Экспедициябытыгар туттар тэриллэрбит, ыһыкпыт, уматыкпыт, устар аалларбыт контейнерга угуллан Дьокуускайтан хараабылынан маныаха диэри кэлбитэ үһүс хонуга. Катамараннары таҥа бардыбыт. Контейнербыт иһэ бүтүннүү бензин сытынан аҥылыйбыт. Онтукайбыт аара биир уоннаах баахпыт тэстэн тохтубут эбит.
Таҥастары куурда ыйаатыбыт. Хата, халлаан туран биэрдэ. Таҥас-сап начаас үлүгэр салгылаата. Катамараны харыйа сиэрдийэлэргэ баайан-үүйэн бэлэм оҥордубут. Күнүс олохтоох табаһыты көрсөн, биир куул хортуоскаҕа таба аҥаарын атастаһан эттэннибит. Таба түөһүттэн миин буһарынан эбиэттээтибит уонна киэһэ аҕыс чааска диэри тохтоло суох тура үлэлээтибит. Халлаан киэһээҥҥэ диэри туран биэрдэ.
Атырдьах ыйын 14 күнэ.
Төрдүс күн.
Ааллары таҥыы уонна абалаах ыарыы
Сарсыарда сэттэ саҕана туран иһит сууйдум. Күн бөҕө, ол эрээри аны тыала сытыырхайбыт. Овсянка, үүттээх хааһы астаатым. Бүгүн сарсыарда үксүбүт сөтөллөн уһугуннубут.
09 ч. 00 м. Бириистэммитигэр тиийэн салгыы катамараннарбытын хомуйдубут. Хапытааммыт Ньургун аалыгар каюта дьиэбитин туруордубут. Триамараҥҥа (үс оҥочо сэргэстэһэ холбоммута) тоҕус уоннаах мотуор олортубут уонна балаакка тиирдибит. Киэһэ аҕыска диэри тиргиччи үлэлээн баран гостиницабытыгар кэллибит.
Бүгүн эбиэккэ Николай Александрович макарон астаан аһатта. Киэһэ Мирлан, бэйэтин төрүт аһынан, пловунан, күндүлээтэ. Аны киэһэтин мин сыыҥк-сыраан, ытырдыы бөҕө буоллум. Арба бүгүн сарсыарда Эркиммит ыалдьан турбута. Температурата 39 буолбут. Онон күнү быһа сытан таҕыста. Киэһэ син аматыйбыт курдук эрээри, кыраадыһа өссө да 37…
Атырдьах ыйын 15 күнэ.
Бэһис күн.
09 ч. 00 м. Катамараннары айаҥҥа бэлэм оҥордубут. Төһө кыалларынан таһаҕаспытын тиэннибит, аны сарсыҥҥы күнү кэтэһэбит. Эркин билигин да туруга соччото суох, сытар. Николай Александрович эмиэ температурата үрдүк, бары да сөтөллөн хахсайыы.
Пограничниктарга туһааннаах докумуоннары ситэрдибит, аны координаттары эрэ чопчулуурбут хаалла…
Атырдьах ыйын 16 күнэ.
Алтыс күн.
Кыралаан бэттэх кэлии
Сарсыарда күн бөҕө. Дьонум эмиэ хайалара да турбата. Сып-сап аһаан баран аҕыс саҕана бириистэҥҥэ бардым. Бириистэнтэн үрүксээкпэр толору ас сүгэн кэлэн борщ буһардым. Дьонум бары температуралаабыттар, өссө да сыталлар. Сорохтор туруктара төрүт соччото суох. Эбиэт саҕана дьэ биир-биир туран син аһаатылар. Онтон эмиэ кыратык ас иҥэрбитэ буола сытан ыллыбыт.
14 ч. 00 м. Пограничниктарга тиийэн айанныахтаах координаттарбытын биэрдибит, аны көҥүл биэрэллэрин кэтэһэбит. Онон, эмиэ сарсыҥҥы күнү күүтэр буоллубут.
Бүгүн килиэппитин ыллыбыт уонна улахан аҥаарын морозилкаҕа тоҥоро уктубут. Биһиги, син бэттэх кэлбит дьон, катамараннарга ону-маны ситэрбитэ буоллубут. Киэһэ Серафим эт миинэ буһарда. Ноутбукка киинэ эҥин көрдүбүт уонна куолубутунан эмп иһэн баран утуйдубут…
Атырдьах ыйын 17 күнэ.
Сэттис күн.
Отут киилэ бензин сыаналаах
ыарахан эмп
Сарсыарда туран аһаан-сиэн баран олохтоох маҕаһыыннары кэрийии буолла. Ситэри ылбатах ол-бу бытархайы-оторхойу ылынныбыт. Холобур, манна биирдэ туттуллар бытык хорунар тэрил куорат сыанатыгар холоотоххо түөрт бүк ыарахан буолан биэрдэ. Хамаанда аҥаара температуралаан, дьаҥы кытта киирсэр эмп-томп хайыы-үйэ тутахсыйан, эбии антибиотик ыларга күһэлиннибит. Уопсай харчыттан арбидолу түөрт хааны ыллым. Арбидол биир хаата 1600 солкуобай! Дьокуускайга даҕаны ити эмп ыарахан диэҕи, саҥарбатах ордук. Амоксициллин таблетката эмиэ сыана эбит, онтон эбии алта хааны ыллым.
Киэһэ Серафим уһана сылдьан алҕас эрэһиинэ оҥочобутун тимир кырыытынан хайа анньан кэбиспит. Кыһалҕа суоҕар кыһалҕа эбилиннэ. Инньэ гынан ону абырахтыырга Аллараа Дьааҥы бөһүөлэгин кэрийэ сылдьан тутууга туттуллар ититэр фен көрдөөтө. Хата биир пуорт үлэһититтэн булан, сарсын уларсыах буолла.
Атырдьах ыйын 18 күнэ.
Ахсыс күн.
Экспедицияттан аккаастанар
санаа аалыыта
Сарсыарда эрдэ туран Николай Александрович мунньах оҥордо. Салайааччыбыт улаханнык мунчааран олорорун биллэрдэ. Идэлээх быраас хамаандабытыгар суоҕа кэккэ кыһалҕалары үөскэттэ. Телефонунан сүбэ-ама ылан эмтэнии оччо көдьүүһэ суоҕа көһүннэ. Дьиҥ турукпутун, туох ыарыы буоларын быһаарар киһи суоҕа улахан кыһалҕаҕа тиэртэ. Николай Александрович биллибэт ыарыыттан сылтаан: «Экспедицияны тохтоторбут дуу», – диэн тыл көтөхтө. Балачча уу чуумпу буолла. Бары турукпут мөлтөөбүтүн билинэр дьон, мөҕүллүбүт оҕолуу умса көрөн олордубут. Ол да буоллар биир-биир туран тус бэйэбит санаабытын эттибит. Бары туруоруммут сыалбытын ситиһиэҕиҥ диэн түмүккэ кэллибит.
Мин арыый медицинаҕа сыһыаннаах киһи быһыытынан хамаанда бүгүҥҥү күҥҥэ доруобуйатын туругун сырдаттым. Үксүбүт эмп күүһүнэн бэтэрээ кэллибит. Сорохпут температуралаабакка эрэ ытырдан, сөтөллөн дьаҥы аһардыбыт курдукпут. Тыҥаларын иһиллээн көрбүтүм хайаларыгар да хардырҕас тыас иһиллибэт. Эмп-томп ахсаанын ааҕан көрбүтүм, өссө биирдэ ыарыы эргийэр түгэнигэр, алта киһини атаҕар туруорар эмп баар эбит. Ол курдук вируһу утарар арбидол, ринза, ыарыы тииһигин аччатар колдрекс, аспирин плюс, антибиотиктар: амоксициллин, ципролет, амоксиклав 858 мг баар. Онон уһун айаҥҥа туруннахха эмтэнэр кыах баар курдук. Иллэрээ сыллааҕы экспедицияҕа холоотоххо, катамараҥҥа рубкатын ититэр, сэлээркэнэн үлэлиир тэрил (сухой фен) баар буолан сылаас, кураанах дьиэлээх буолабыт. Ол да буоллар муораҕа тиийэн ыарыыны ситэри кыайарбыт кэккэ кутталлары үөскэтэр. Өскөтүн ойоҕостотуу турар күнүгэр укуол, систиэмэ туруорар кыахпыт суох, эбиитин төһөнөн материктан тэйэн истэхпит аайы суһал көмө кэлэн өрүһүйэрэ саарбах. Холобур, Саҥа Сибиир арыытыгар соҕотох бөртөлүөт көппөт, хайаан даҕаны иккиэ буолуохтарын наада. Олортон биирдэстэрэ уматык эрэ тиэнэр соруктаах буолар.
Салайааччыбытыгар кытаанах быһаарыныы буолла. Санаатын көтөҕөн уолаттар үөрэн-көтөн: «Бу көннөрү хоту дойду салгынын дьайыыта, соҕурууттан кэлбит дьон буоллахпыт», – эҥин диэн күлсэллэр. Онтон: «Саатар Улахан Ляховпытыгар диэри тиийиэҕиҥ. Балтараа суукка айан иһигэр биллиэ, салгыы барарга төһө бэлэммитин көрдөрүө. Тыал даҕаны уостан эрэр, кэлэр икки күн айаҥҥа табыгастаах буолсу», – дэстилэр. Ама, икки сылы быһа бэлэмнэммит тэрээһиммит оҕо оонньообутунуу таах хаалыа дуо?! Иллэрээ сыл илдьэн хаалларбыт балаҕаммыт тутуу маһа-тэрилэ, сэргэбит күүтэн аҕай сыттахтара.
Хата, бу мунньах хамаанда санаатын сүрдээҕин өрө көтөхтө. Инникигэ эрэл санаа кыымын күөдьүттэ. Ону көрөн Николай Александрович: «Чэ, Ляховка диэри айанныаҕыҥ», – диэн быһаарынна.
Серафим күнүскү аһылыкка диэри «Солар» оҥочотун абырахтаан, силимнээн бүтэрэ оҕуста. Бириистэҥҥэ таһаҕаспытын, катамараны, тримараны улахан кыраанынан ууга түһэрэн биэрдилэр. Собуоттанан өрүһү кыратык өксөйөн салалта дьиэтин иннигэр сөптөөх кытыл булан тигистибит. Маннааҕы быыһыыр сулууспа массыынатынан уматыктаах кэниистэрэлэри, иһэр уубутун тастыбыт. Киэһэ алтаҕа диэри малбытын барытын тиэнэн айаҥҥа бэлэм буоллубут.
Гостиницабытыгар тиийэн, таба эттээх соркуойу сиэн, тото-хана аһаатыбыт. Барыах иннинэ өссө төгүл дьонум туруктарын кэтээн көрдүм, температураларын кээмэйдээтим. Хайаларыгар да 37-тэн үрдүк көрдөрүү суоҕа үөртэ. Чөллөрүйбүт сөтөл эрэ хаалбыт. Туруулаһан туран эмтэрин ситэри иһэллэрин ирдиибин. Эркин идэтинэн хас хамсаныыбытын тула көтө сылдьан киинэҕэ устар. Сорох кэмҥэ көмөлөһүөн билбэккэ, камератын туппутунан ыараханы көтөҕө тураргын, чугастан сирэйгин хабан устара абалаах курдук. Ол эрээри кини идэтэ эмиэ туспа үлэ буоллаҕа.
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр, түүн уон аҥаар чааска айаҥҥа туруннубут. Халлаан сып-сырдык, тыал-куус да ама – сөкүүндэҕэ үс миэтэрэ түргэннээх.
Катамаран 70-наах мотуордаах. Хамаандата – Николай Александрович, Ньургун Павлов, Серафим Гуляев, Мирлан Туркменов уонна оператор Игорь Ермаков–Эркин. Кинилэр, уу суолун көрдөрөр «Лоуренс» диэн навигационнай аппаратура көмөтүнэн сирдэтэн, инники түһэ турдулар. Кэннилэриттэн биһиги 90-наах мотуордаах тримаранынан астарабыт. Хамаандабытыгар: мин – Валерий Андросов, Георгий Башарин, Тит Алексеев. Дьоммутуттан хаалбакка тилэх баттаһа иһэбит.
Хас биирдиибит төлөпүөммүтүгэр анал программа киллэрэн, суолбутун-ииспитин ыйар-кэрдэр (навигационнай) тус каарталардаахпыт. Онтукайбыт аатырбыт «Лоуренс» тэрилтэн хаалсыбакка бэркэ көрдөрөр, суолбутун чуо ыйан биэрэр. Уопсайынан итинник аныгы үйэ тэриллэрин сырдаттахха маннык: бэйэ икки ардыгар кэпсэтэр кылгас долгуҥҥа хабар «Беофенг» рациялардаахпыт, онно «судно-судно», итиэннэ ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр SOS сигналы биэрэр частоталары туруорбуппут. Дьокуускайга баар кэтээн көрөр хамаандабытын кытта спутник телефонунан уонна суругунан кэпсэтэр кыахтаахпыт, вайфай диэн тэриллэрдээхпит. Эбиитин икки устар аалбытыгар эмиэ спутник нөҥүө ханан, хайдах баран иһэрбитин көрдөрөр трекер диэн тэрил баар. Ол тэрил интернет көмөтүнэн иккилии чаас буола-буола компьютерга бэлиэ хаалларар, төһө түргэнник устарбытын, ханан баран иһэрбитин көрдөрөр. Онон халлаан туругун кэтээн көрөр, суһал биллэриини биэрэр, истэр, көннөрү кэпсэтэр кыах баар аҕай диэххэ сөп.
Айаммыт саҕаланыытыгар Тиит түөрт чаас устата штурвалга турда, онтон сарсыарда үс чааска мин солбуйдум. Судовой сурунаалга көрдөххө ити түөрт чаас устата айаҥҥа алта уон лиитэрэ уматык туттуллубут, итиэннэ 0,5 лиитэрэ оҕунуох бараммыт. Уматыкпытын балтараалыы тонна үллэстэн, төттөрү эрэллээхтик эргиллэн кэлэргэ тиийэр гына суоттааммыт тиэнэн иһэбит.
Солбуйарбар номнуо Бар-Яна диэн улахан хараабыллар тохтуур сирдэрин ааспыт, хайыы-үйэ Дьааҥы хомотугар киирбит эбиппит. Муора үрдүк долгунугар киирэммит мотуорбут биинтэтэ сотору-сотору кураанах салгыҥҥа эргийэн орулуур.
Атырдьах ыйын 19 күнэ.
Тохсус күн.
Айан
03 ч. 00 м. Түүн. Айаннаан иһэбит. Ортотунан алта морской узел түргэннээхпит, ол аата быһа холоон чааска уон икки килэмиэтир курдук түргэнинэн иһэбит. Мотуор эргиирэ (оборуота) мүнүүтэҕэ – 1700.
Инники баран иһэр катамараҥҥа вахтаҕа турар Ньургуннаах Эркини кытта сотору-сотору рациянан кэпсэтэ иһэбит. Кинилэр солбуктарын болдьоҕун үстүү чааһынан үллэрбиттэр эбит. Ол иһин иккилии буолан вахтаҕа тураллар. Биирэ штурвалга турар, иккиһэ эхолотунан уу дириҥин көрөр уонна навигаторынан суолу ыйдаран лоцман оруолун толорор. Биһиги көннөрү батыһан иһэр буолан соҕотох турабыт. Бэйэм ыытан иһэр буолан санааларым, дьэ, босхо бардылар. Утары, илинтэн сөкүүндэҕэ алта миэтэрэ түргэннээх орто соҕус тыаллаах. Муора сииктээх салгына тумуулаабыт муруну дьөлө үрдэ. Туустаах сиик тыҥаны толорон эмтииргэ дылы буолла уонна сөтөл тута чөллөрүйэн бэркэ хоҥунна. Өр күүтүүлээх айан саҕаланан эрэрэ киһи сүргэтин көтөҕөр. Эбиитин, иллэрээ сыл сылдьыбыт муорабыт буолан, Ляховка диэри айаны арыый хото саныы иһэбин.
Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр биллэрэллэринэн, халлааммыт туруга өссө тупсуох курдук. Онон түөрт күн маннык туруон сөп. Күн былыттар быыстарынан дөрүн-дөрүн быгыалаан муора уутун араас өҥүнэн күлүмүрдэтэр. Тула өттүбэр киэҥ байҕал, ханан да ийэ сир быа буолан хараара, субулла сытара көстүбэт буолла. Лаптев муората сымнаҕастык көрүстэ диэн үөрэбин.
06 ч. 00 м. Сарсыарда. Георгий миигин солбуйда. Биһиги тримараммытыгар хайаҕа аналлаах үс миэстэлээх, альпинистар балааккаларын тииринэн онно утуйабыт. Дьиҥэр, былаан быһыытынан аһылык кэмигэр анараа катамараны кытта сыстыһыахтаах этибит, ону долгун улаатан тохтобула суох иннибит диэки түһүнэн иһэбит. Бэҕэһээҥҥиттэн ыла ууну кытта галетынан үссэнэбит.
Вахтабын туттараат, төкүнүк быһыылаах икки хостоох балаакка иһигэр дьылыс гынным. Таба тэллэхтээх халыҥ спальник иһигэр киирээт долгуҥҥа бигэммитинэн үөрүйэхтээх моряк курдук туох да кыһалҕата суох тута утуйан хааллым.
11 ч. 00 м. Тиит вахтаҕа турбут.
Күнүс биир чааска уһуктан, Тиитэни солбуйдум. Долгун ама соҕус, тыал утары, 60 лиитэрэ уматыгы баахха толору куттум. Утары хайалар көстөллөр. Онтукайым Широкостан диэн тумул арыы эбит. Ол аата Макаар арыытын номнуо ааспыппыт. Иллэрээ сыл ити арыыга олус чугаһаан сүүрүгүн охсуутугар иэдэйэ сыспыппыт. Онон быйыл, тэйиччинэн, лаппа ырааҕынан тумнан ааһыахпыт диэн быһаарыммыппыт. Рациянан дьоммут: «Долгуна кыра сирдэ булан тохтуоҕуҥ», – дэстилэр.
14 ч. 30 м. Широкостан арҕааҥҥы кытылыгар илиҥҥи тыалтан күлүктэннибит. Аны манан уута чычааһа бэрт буолан дьаакырданан турдубут. Аалларбытын ойоҕосторунан бэйэ-бэйэлэригэр сыһыары тардан, холбоон кэбистибит. Серафим бэҕэһээҥҥи миинин доширак лапсатынан хойуннаран аһаатыбыт. Бириистэҥҥэ билэр дьоммут тоҥ чыыр бэрсибиттэрин, тиэнэ сылдьар оччугуй морозильникпытыттан хостоон, кыһан эбиннибит. Тримараммытыгар тиэрмэстэргэ чэй, бэчиэнньэ ыллыбыт, итиэннэ Игорь гаас горелка уонна онно аналлаах түргэнник оргуйар лиитэрэлээх курууска биэрдэ. Эбии арыы уонна чугуун иһиккэ иллэрээ күннээҕи соркуойу ыллыбыт. Афган казана диэннэрэ бэрт иһит эбит. Үрдэ ыга хаппахтанар, паар эрэ тахсар кылаапаннардаах бүтэй лааҥкы. Ыга хаппахтаммыт буоллаҕына, хайа да түгэҥҥэ иһиттэн аһа тохтубат. Тус бэйэм бу иһити олус сэҥээрдим. Аһы буһарара да быдан түргэн эбит.
Киэһэ биэс чааска салгыы айаммытыгар туруннубут.
19 ч. 00 м. Симиэнэбин туттардым. Аалбытын Георгий ыытан иһэр. Сыа мурун үөрдэрэ көстөн ылаллар. Ньиэрпэлэр сотору-сотору былтаҥныыллар. Киһи этэ тардыах, хап-хара сирэйдээх тараҕай оҕолор одуулуулларын курдук кыыллар.
Атырдьах ыйын 20 күнэ.
Онус күн.
Улахан Ляхов арыыта уонна
соҕотох метеоролог
00 ч. 00 м. Бүлүү Илбэҥэтин боотура Тиит Алексеев штурвалга турда. Саха сирин араас муннуктарыгар буолбут үгүс быһылааннарга, дьону өрүһүйэр командировкаларга буспут-хаппыт үһүс кылаастаах быыһааччы күүһүрэн эрэр тыалга кыһаллыбат. Дохсун долгуннар дууһатын долгуппаттар. Сахаҕа уһун уҥуохтаах, эрийэ хаппыт тиит мастыҥы, иҥииринэн үүйүллүбүт орто саастаах уол оҕото. Биэс оҕо амарах аҕата. Кэмчи саҥалааҕын аанньа биирдэ эмэ ыллыыра киирдэҕинэ адьас талаан саһа сытара соһутар.
Түүнүн тримараны долгун өрө-таҥнары быраҕаттаан биэрдэ. Ыраахтан Улахан Ляхов арыыта көһүннэ.
03 ч. 00 м. Киһилээх метеостанция хомотугар тигистибит. Метеоролог Саня Дороболюк ытынаан кытылга көрсө кэлэн турар эбит. Киинэҕэ уһуллаары иккистээн муораҕа киирэн, былаахтары өрө тутан өссө биирдэ кытылга тигистибит. Идэлээх операторбыт баҕатын толорон иһэрбитигэр тиийэбит.
Дьэ ити кэнниттэн биирдэ Санябытын кытары киһилии илии тутуһан иһирэх көрсүһүү буолла. Бу икки сыл тухары Саня барахсан соҕотох үлэлээн-хамсаан олорбут. Үс ый устата икки метеоролог кэлэн үлэлэһэ сылдьан баран, биирэ күрэммит, биирэ манна арыыга инсультаан өлөөхтөөбүт. Ол курдук, арыы абааһыта буолан Саня–Метео дойдубут биир уһук метеостанциятыгар халлаан туругун сырдатан, ытык сулууспаны толоро олорор…
Итии чэй иһэн, дойду кэһиитининэн күндүлээн, сакааһын тиксэрэн бэрт сэргэх күн буолла. Кыратык утуйан, сынньана түһэн баран бары тутуубут матырыйаалын, балаҕаммыт маһын тиэнэ таҕыстыбыт. Хата хамаанда доруобуйата биллэ бэттэх кэлбит. Уон үс миэтэрэлээх үс баллонтан турар, харыйа араамалаах тримараҥҥа малбытын үксүн тиэйдибит. Хаптаһыннар, буруус, профлист, обивка, буочукалаах уматык, сэргэ, о.д.а. малбыт бүтүннүү тиэйилиннэ. Малбытын барытын кэтит, бөҕө-таҕа быанан тримараны курдуу ыга тардан баайдыбыт. Икки сыл устата хата маннааҕы халлааны, сииги, ууну-хаары тулуйан бэркэ сыппыттар. Айаммытын салгыыбыт дуу, суох дуу диэн ыар баттык санаа төлөрүйэн бары да чэпчээтибит.
Сарсыарда таба эттээх, горохтаах миин буһаран аһаппыт эбит буоллахпына, киэһэ Эркин киинэ устарын быыһыгар эмиэ эт миинэ буһаран айаҥҥа илдьэ барардыы бэлэмнээбит.
19 ч. 00 м. Атаарыы остуола. Саня метеостанциятыгар дьоро киэһэ. Дьиэлээх хаһаайыны кытары түргэн соҕустук да буоллар, ирэ-хоро сэлэһэ түһээт, сэттэни түөрт уон мүнүүтэ ааһыыта, салгыы айаммытыгар туруннубут. Билигин эрэ үөрэ-көтө сэһэргэһэ олорон, «эмиэ соҕотох чуҥкуйа хааллаҕым» диэхтээбитэ уонна ытынаан кытылга киирэн атаара туран хаалбыта. Саня православнай итэҕэллээх киһи буолан, кэннибититтэн кириэс охсон алҕаабыта.
Саняттан барыыбытыгар штурвалга бэйэм турдум. Үһүөйэх бэйэбит буккуллубат сменалаах буолан мөккүөр суох. Халлаан туран биэрэрин тухары ыраах айаннаах дьон сыалбыт диэки тутан истэхпит. Этэрикээн силбэһиитэ (пролив) – икки муора сүүрүгэ көрсөр сирэ. Тыала да суоҕар дохсун долгуннаах. Киһилээх тумулуттан хотугулуу-арҕаа хайысханы тутуһан Этэрикээн оҕонньорго киирбэккэ, Кыра Ляхов арыытын диэки туттубут. Илинтэн сөкүүндэҕэ алта миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, орто долгуннаах, ол долгуна балтараа миэтэрэ кэриҥэ үрдүккэ тиийэр. Айаммыт хаамыыта төһө да мал тиэммиппит үрдүнэн улаханнык бытаарбата. Ортотунан чааска 14-15 км. түргэннээхтик устабыт, ол аата 7-7,5 муора узелын барабыт.
Атырдьах ыйын 21 күнэ.
Уон биирис күн.
00 ч. 20 м. Георгий Иванович вахтаҕа турда. Кини Кыра Ляхов арҕаа өттүнэн барар былааннаах иннибитигэр устан иһэр катамараны эккирэттэ. Георгий Иванович, дьиҥэр, үрдүк сололоох, өрөспүүбүлүкэбит иккис президенэ Вячеслав Анатольевич Штыров көмөлөһөөччүтэ. Билигин «Саханефтегазсбыт» акционернай уопсастыба генеральнай дириэктэрин сүбэһитэ дуоһунастаах, биэс уонун ааспыт, Сангаартан төрүттээх хамаандабыт биир тутаах киһитэ. Уу куттаах – өрүс оҕото диэххэ сөп. Бэлэмнэнии кэмигэр бэйэтин дьаһаллаах, сытыы өйдөөх салайааччы быһыытынан көрдөрбүтэ. Быйылгы экспедициябыт тэрээһинигэр Георгий Иванович өҥөтө олус элбэх. Кини куолайга уҥуох турбутун курдук буолбут кыһалҕалары ааһан иһэн быһаарар. Оннук киһилэнэммит, дьэ, бу айаннаан эрдэхпит. Аны туран, ити үлүгэр үрдүкү салайар үлэһит киһи диэтэххэ, биһигини кытта тэҥҥэ тоҥон-хатан, хара үлэни да үллэстэн, тэбис-тэҥҥэ сылдьара хайҕаллаах. Олоҕун тухары спордунан дьарыктанан, этин-сиинин эрчийэ сылдьар буолан эдэрдии эрчимнээх, ыксалга да түргэн толкуйдаах эбит.
Сотору соҕус долгун аччаата. Балаакка түннүгэ суох буолан ханна кэлбиппитин телефон картатынан сирдэтэн эрэ билэбит. Кыра Ляхов арҕаа өттүгэр киирэн эрэр эбиппит. Илиҥҥи тыал охсубат, арыы күлүктээн чуумпу. Онон түргэн айан буолла.
04 ч. 00 м. Утуйуу. Тиит вахтаҕа турар. Дьонум тугу эрэ бэрт сэргэхтик кэпсэтэллэр. Кус бөҕө үһү. Сыа мурун халыҥ үөрдэрэ тримараны лаппа чугаһаталлар эбит. Катамаран хамаандата үс сыа муруну бултаабыттар. Ол курдук Кыра Ляхов арыытын күлүгэр илиҥҥи тыалтан саһан, бэрт түргэнник Санников силбэһиитигэр устан таҕыстыбыт.
08 ч. 00 м. Сарсыарда күн бөҕө, тыал сөкүүндэҕэ алта миэтэрэҕэ тиийэ күүһүрбүт. Баахха 30 лиитэрэ уматыгы куттум уонна мотуорга 50 гр. оҕунуох эптим. Вахтабар турдум. Симиэнэм этэҥҥэ.
12 ч. 00 м. Георгий туран гаас билииккэтин туһанан хочолуокка миин сылытта. Бу сырыыга долгун төһө да өрөһөлөннөр бэркэ диэн эбиэттээтибит, уу олоҕор сыыйа үөрэнэн эрэр курдукпут. Тыалбыт хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ үс миэтэрэ тэтимнэннэ. Ол аата арыый налыйда. Аны туран Санников силбэһиитин утары сүүрүгэ сүрдэннэ. Бу, икки улахан муора силбэһэр сирэ. Лаптев муората Илин Сибиир муоратын кытары кыраныыссалара. Муораҕа айаннаабатах дьоҥҥо уу да уу курдук буолан көстүө эбитэ буолуо, оттон биһиги муоралар тыыннарын, уулара, сүүрүктэрэ хамсыырын син таайар, сэрэйэр буолбут эбиппит. Ол, холобур, утары сүүрүккэ мотуор да кыамтата мөлтүүрүттэн көстөр, эбэтэр кэтэххиттэн үрэр тыал айаҥҥар көмөтө ала-чуо, сүрдээҕин биллэр.
16 ч. 00 м. Тиит утуйан турда. Аргыспар гааһынан эмиэ миин сылытан биэрдим. Вахтаҕа түөртүү чаас туран баран, аҕыс чаас холку сынньалаҥ баара бэртээхэй курдук. Эмискэ тэйиччи соҕус сир көһүннэ. Тута рацияҕа инники аргыстарбыт: «ЗЕМЛЯ!», – диэн сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт хаһыылара иһиллэр. Серафимнаах Мирлан үөрэн өрүкүйбүт саҥалара дуораһыйар.
Ити Бунге сирэ диэн Котельнай арыытын биир тумул арыыта көстөр. Ыраахтан урукку байыаннай чаас радардара, халлааҥҥа таласпыт вышкалара көстөллөр. Рациянан: «Тохтоон аста астаныах, сиргэ түһэн хааман сынньана түһүөх» – диэн биллэрдилэр. Картаҕа биир үрэх төрдүгэр киэҥ хомо баар курдук көстөр. Ол гынан баран билигин уу түспүт буолан, киһи ылла да тиксибэт кытыла. Эбиитин долгуна күүстээҕэ сүрдээх, эрийэн ыла-ыла уутун көбүөрдүү төкүнүтэн аҕалан туруору кытылга сыбыы быраҕар. Катамараннары алдьатыах курдук айылаах.
Биһиги балачча төттөрү-таары сүүрдэ сылдьан чычаас соҕус кытылы булан син тохтоотубут.
18 ч. 15 м. Этэҥҥэ кытылы буллубут. Долгун устар аалларбытын күүһүрэн кэлэ-кэлэ өрүтэ үтэр, төттөрү түһэригэр бэйэтин кытта муораҕа тардан ыла сатыыр. Бэрт эрэйинэн хастыы да сиринэн быанан таттаран баанныбыт. Тимир луомнары кумахха батары охсон киллэрэ-киллэрэ, таастары мунньан, онон баттатан син быа баайар гына оҥордубут. Долгун өрө көтөҕө-көтөҕө төттөрү тардарыгар аны ПВХ баллоннарбыт кытыл таастарыгар аалыллан дьиксиннэрдилэр. Николай Александрович «Киһилээх» метеостанциятыгар алгыс алаадьытын астаабыта. Метеостанцияттан айаҥҥа турунуохпут иннинэ сирин-уотун аһаппыта, алҕаабыта. Түргэнник уот оттунан ол алаадьынан бу дойду иччилэрин айах туттубут, сири-дойдуну аһаттыбыт. Серафимнаах Мирлан сыа мурун кустарынан убаҕас соркуой буһардылар. Онон, тото-хана аһаатыбыт.
19 ч. 15 м. Салгыы Тиит штурвалга турда. Биэрэктэн тэйээппитин кытта долгун аччаабыт курдук буолла. Дьиҥэр, төһөнөн үөскэ киирэҕин даҕаны, муора долгуна төбөтүттэн төбөтүгэр диэри устата уһаан биэрэр. Өрүс долгунуттан уратыта диэн ол. Өрүс долгуна сытыы долгун дэнэр, муора киэнэ кэҥээн, төһө да долгуна үрдээтэр, икки арда ыраатан катамаран айаныгар үөрэннэххэ табыгастаах, сымнаҕас буолар эбит. Айаммыт тэтимэ чааска 12 килэмиэтир. «Бэркэ баран иһэбит» диэн үөрэбит.
20 ч. 00 м. Тиити солбуйдум. Кыралаан хараҥарар буолан эрэр эбит. Катамаран арай куурсун сотору-сотору уларытар. Рацияҕа сибээскэ тахсан ыйыппыппар: «Тула бүтүннүү кумах арыылар, чычаас сир», – диэтилэр. Эхолот көмөтүнэн дириҥтэн-дириҥ сирдэри көрөн айанныыбыт. Биир кэмҥэ өйдөөн көрбүтүм мотуорбут эргиирин мүнүүтэҕэ 2800-кэ таһааран, тэтимин үрдэппиппин, ускуораспыт узела тоҕуска тиийэ үрдээбит. Чааска 17 килэмиэтирэнэн баран, катамараны начаас икки ардыгар ситэ баттаан ыллым. Дьоммут арыы кутта тураллар эбит.
Атырдьах ыйын 22 күнэ.
Уон иккис күн.
…Земля!!!
Сири көрөн туран тиксибэт үлүгэрэ
00 ч. 20 м. Георгий Иванович баахтары толору уматык кутта уонна салгыы штурвалга турда. Халлаан ыраас, тыала төрүт суох. Мин симиэнэбин туттаран сытаат да утуйдум.
Сарсыарда түөркэ Тиит айаммытын салҕаабыт. Аара Благовещенскай силбэһиккэ Фадеев арыытын өттө бүтүннүү муус үһү. Саас өрүс мууһа эстэн хамнаан эрэринии дэлби симиллибит. Оттон Саҥа Сибиир арыы өттө аны ыраас үһү. Оннук Саҥа Сибиир арыыны буллубут.
08 ч. 00 м. Уочараппынан штурвалга турдум. Үрдүк (Высокий) диэн тумустан дьэ, тиһэх 130 биэрэстэлээх кэрчикпитигэр халлааммыт туругун билэн, суоттаан көрөн баран түһүнэн кэбистибит. Хата тыал суоҕун кэриэтэ. Өссө уон чаас халлаан тулуйан, ыгылыйбакка турара сабаҕаланар. Санаабытыгар муора силлиэтигэр (шторм) да түбэстэххэ, син этэҥҥэ тиийииһибит. Тиийиэхтээх Беннеппит арыыта чугаһаатаҕа буолуо диэн эрэллээхпит. Хайдах эмэ гынан сири булаа инибит…
Чаас курдук айаннаан баран өйдөөн көрбүтүм, тыала суоҕун үрдүнэн долгун уһаабыт, муора уута харааран-бороорон олох атын, дьулаан көстүүлэммит.
12 ч. 30 м. Георгий туран миигин солбуйда. Эмиэ тута уу уларыйбытын, долгуна адьас атын көстүүлэммитин бэлиэтии көрдө. Арааһа номнуо – акыйаан! Хотугу Муустаах байҕал тыына, аарыма эбэ уута… Термостан итии чэй иһэн ирэ түстүм. Муораҕа тахсыахпытыттан тимирбэт халыҥ көстүүм кэппиппит эрээри, мостикка өр турдахха киһи тоҥор, арааһа сиик хаарыйар быһыылаах. Балааккаҕа киирэн сыта түстүм. Суруксуттуу олорон нухарыйан ыллым.
16 ч 00 м. Тиитэ турбут, рациянан катамараннаахтары кытары кэпсэтэр саҥата добдугураан иһиллэр. Балааккаттан быкпытым Георгий халампааһынан иннин диэки сири көрөн турар. Навигаторынан көрдөххө, тиийэрбит икки эрэ көс курдук хаалбыт.
18 ч. 00 м. «Земля!» диэн рацияҕа үөрүүлээх хаһыы иһилиннэ. Тута ракетница кыһыл уота өрө уһууран халлааҥҥа кыырайда. Долгун быдан дохсун буолбут, быһыыта улахан силлиэ чугаһаан эрэр. Аны ханан да арыы баара көстүбэт. Хойуу туман хара былыты кытта холбоһон, уу үрдүгэр тиийэ силбэһэн турар. Тугу көрөн «Земля» диэтэхтэрэй? Арай сэттэ чаас чугаһыгар, туман үрдүнэн хара былыппыт үрүҥ сурааһын муус ойууланан кэллэ. Уу үрдүнэн туман кыратык өрө көтөн биэрбитигэр, таас очуостар, туруору кытыллар көстөн кэллилэр. Картаҕа көрдөххө, арыыга диэри алта эрэ биэрэстэ хаалбыт. Кэннибин хайыһан көрбүтүм, бэйэбит эмиэ хойуу үүт туман иһигэр киирбит эбиппит. Эмискэ бэрт дьикти, сылаас салгын илгийэ түстэ. Кыһыҥҥы сонноох, бэргэһэлээх дьон тута итииргээн, түөспүтүн арыйан нэлэкэйдэнэ оҕустубут. Кырдьык даҕаны, уу анныгар саһа сытар икки вулкан баар дииллэрэ чахчы эбит. Уонна хантан маннык сылаас, сииктээх салгын кэлиэй?
Космостан хаартыскаҕа түһэриилэри көрдөххө, сотору-сотору арыыбыт аттыттан икки хойуу буруо унааран, оннооҕор Аляска кытылыгар тиийэ субуллар. Ыраах материкка эрэ баар сейсмодатчиктар көрдөрүүлэринэн сир анныннааҕы күүстээх эстиилэр, хамсааһыннар Беннет арыытын өттүттэн биллибиттэр. Экспедиция биир сыалынан ити көстүүлэри үөрэтэр, биллэрэр, кэтээн көрөр сейсмодатчик аҕалан туруоруу этэ. Онуоха үп-харчы кырыымчыга, эбиитин аан дойдуга буола турар уларыйыылар харгыс буоллулар. Онтон атын биһиги, быыһааччылар, биир улахан өҥөбүт цунамига кубулуйуон сөптөөх сир хамсааһынын кэтээн көрөр сэптэри туруоран, ыксаллаах быһыыттан-майгыттан эрдэттэн сэрэнэр дьаһалы ылыы буолуохтаах этэ. Вулкан бу кэмҥэ диэри мэлдьи кыһынын уу анныгар эстэн сири хамнатара бэлиэтэммит. Ол иһин кини сири дьигиһитэр күүһэ халыҥ муус анныгар хаайтаран, долгуну үөскэппэккэ этэҥҥэ, содула суох ааһар эбит. Өскөтүн, мууһа суох кэмҥэ, ол эбэтэр сайынын уһуктар түгэннээх буоллаҕына, Сахабыт сирин муора кытылыгар баар дьон олорор сирдэрин аарыма долгун (цунами) саба баттыыр куттала үөскүүр.
Хамаанда дьоно бары кэриэтэ эрдэ санаабытыгар ойуулаан көрөр арыыбытыттан тосту-туора хартыына көһүннэ. Хараҥа кугастыҥы, кириэппэс эркинин кэриэтэ дьапталлыбыт сытыы кырыылаах таастардаах, туруору очуос кытыллаах, үрдэ бүтүннүү халыҥ муус баттыктаах арыы эбит. Беннет арыыта дьэ, маннык, киһи кутун-сүрүн баттыыр көстүүлээх буолла. Кайра диэн пингвиннэргэ маарынныыр көтөрдөр көһүннүлэр. Арыыбытыгар өссө чугаһаабыппыт, ууга моржтар бааллар эбит. Иккилии-үстүү буолан бэйэ-бэйэлэрин кытта куустуспуттуу уста сылдьаллар, умсан чомполоноллор. Атыырдар аһыыларын килбэҥнэтэн, биһиги диэки суоһурҕаммыттыы мөҕүрүүллэр. Оҕолорун ийэлэрэ иннилэригэр хам кыбынан, кууспуттарын ыһыктыбакка биһигини дьиибэргээбиттии одуулаһаллар. Сорохторо таас быыһыгар сынньана тахсыбыт сөтүөһүттэрдии таах таалалыы сыталлар. Бэркэ сүрэҕэлдьээбиттии төбөлөрүн нэһиилэ өндөтөн көрөллөр. Аарыма кыыллар.
20 ч 00 м. Ваахтабар турдум. Өссө да өр тиксэргэ сөптөөх кытылы булбакка, Беннет соҕуруу кытылын батыһа илин диэки устан иһэбит. Сотору-сотору сытыы чыпчааллаах үрдүк хайалар көстөллөр. Кытыла сорох сиринэн ыйанан хаалбыт муустардаах, саккырыыр, бытархай таастардаах, арыый сытыары соҕус эмпэрэ хайалар хартыынаны уларыталлар. Таас тумулу нөҥүөлээт көрбүппүт, улахан муус тарыҥ хайаттан ыга анньан муораҕа тиийэ киирэн килэйэн сытар эбит. Маны «Зееберг леднигэ» диэн ааттаабыттар. Кэлин арыыны кэрийэ сылдан көрбүппэр, бу ледник алта уон бырыһыана муус чыпчааллаах киэҥ тарыҥ хайа буолан биэрбитэ.
Биир эмэ уу куһа көтөн ааһар, хопто, кайра үөрдэрэ үтүмэннэр. Хайа үрдүттэн олохтоох хаһаайын – үрүҥ эһэ илэ бэйэтинэн киирэн көрсө турарын, лаппа чугаһаан баран биирдэ көрдүбүт. Оҕонньор кыһалҕата кыра, биһиги диэки салгыны сымардыы-сымардыы утары кэлэн иһэр. Арааһа «туох дьиибэ устар аалларай» диир буолуохтаах…
София тумуһа диэн, арыыны илин өттүгэр хайыһыннарар тумул хайаны эргийэ уһуннубут. Манна силлиэ бөҕө буола турар эбит. Хойуу туман быыһыгар улахан долгуннар ортолоругар бэйэ-бэйэбитин сүтэрсэ сыһа-сыһа, Кеппен аатынан киэҥ хомону көрдөөтүбүт. Инньэ гынан киэһэ аҕыс чааска хомобутун син булан тиийдибит эрээри, илинтэн сиксийэр күүстээх тыал, муора силлиэтин дохсун долгуннара хайдах даҕаны кытылга тиксибэт гына оргуйа олорор дойдута буолла. Онон сири булбакка, төттөрү соҕуруу өттүгэр тыалтан хахха сири көрдүү төнүннүбүт. Эмиэ хойуу тумаҥҥа киирэн навигатор ыйарынан сирдэтэн айаннаатыбыт.
Атырдьах ыйын 23 күнэ.
Уон үһүс күн.
Икки оҥочоттон – биири
00 ч. 35 м. София Тумуһун кэннигэр устан киирээт, кыараҕас да буоллар чуумпу, тыала-кууһа суох хонноҕу булан, дьэ, этэҥҥэ кытылга тигистибит. Сылаа мунньуллубута бэрдиттэн дуу, арыыбыт тоҥуйдук көрсүбүтүттэн эбитэ дуу, улахан үөрүүтэ-көтүүтэ суох сиргэ тахсан, түргэн соҕустук чэйдээтибит. Саҥа-иҥэ улахан суох. Бары да сүр баттаппыт курдукпут. Сып-сап хабыалыы охсоот, түүн икки чааһы уон биэс мүнүүтэ ааһыыта устар аалларбытыгар киирэн утуйан хааллыбыт.
09 ч. 00 м. Дьэ, утуйуу да утуйуу буолбут. Бэҕэһээ кэлэрбитигэр, олохтоох хаһаайын кэлэн көрсүө диэн санааҕа да суоҕа. Айылҕата, сирэ оннук буоллаҕа…
Туран эмиэ сып-сап чэйдии түһээт, төттөрү илиҥҥи хомоҕо айаннаатыбыт. Тыал хайысхата уларыйан, хоту өттүттэн үрэр буолан София тумуһун холкутук, эрэйэ суох эрийэ туттубут. Долгуна да намыраабыт. Балачча устумахтаан баран, Кеппен киэҥ хомотугар киирдибит. Манна кыра үрэх төрдүн булан, долгуна кыра сиригэр тигистибит. Кытылга сүүрэн тахсан бытархай таастаах сиргэ тимир луомнары батарыта анньан устар аалларбытын баайталаатыбыт. Ол да буоллар син биир соччо табыгаһа суох кытыл буолан биэрдэ. Арба, кытыыга тиксиэхпит иннинэ, аны катамараммыт сэттэ уоннаах мотуора хам тутан алдьанна. Катамараммытын сытыы тыал төттөрү үөскэ киллэрэ турарын тримараҥҥа холбоон соһон аҕаллыбыт. Хайыыр да кыах суох, хата маныаха диэри аҕалла диэн үөрэбит эрэ. Алдьаммыт мотуордаах катамараны кытылга сыбыы анньан, үс сиргэ быанан баайан иҥиннэрдибит. Толору тиэммит тримараны долгун охсон төттөрү муораҕа тарда турар буолан, уопсай сүбэнэн сүөкүү охсорго быһаарынныбыт. Онтон, күн аҥаарын быһа балаҕаммыт маһын, тутуу матырыйаалын үрдүк сиргэ тастыбыт. Иччитэх тримараны үөһээ соҕус соһо сатаатыбыт да, дохсун долгуннар ыһыктан биэрбэтилэр, эккирэтэн кэлэн саба анньан таһаара-таһаара, төттөрү соһон тирилэтэллэр. Ол быыһыгар аалбытын өрүтэ быраҕаттаан, иҥиннэрбит луомнарбытын хостуу тардан илдьэ бараары ыксаталлар. Ахсыан төттөрү-таары сүүрэкэлээн, сэниэ бөҕө баранна, эт-тирии эһиннэ. Тиһэҕэр тримараммытын олох да көтүрэн, арааматын үрэйэн, баллоннарын биир-биир үөһэ соһон таһааран дьэ быыһаатыбыт. Тоҕус уоннаах мотуору устан ылан катамараҥҥа ииллибит уонна кэнниттэн электрическэй лебедка көмөтүнэн биэрэккэ соһон таһааран биэс сиргэ иҥиннэрдибит. Ол кэннэ киэһэ, дьэ, тыын ылан, ас астанан сэниэ киллэриннибит. Улахан ураһа курдук балаакканы тиирэн, оһох оттон аҥаарбыт онно көстө, сорохпут катамаран каюта дьиэтигэр хааллылар. Үлэбитин киэһэ хойут, уон аҥаар саҕана, дьэ бүтэрдибит. Беннет арыытыгар маҥнайгы үлэ күнэ итинник буолла, былааҥҥа киирбэтэх аймалҕан түбүгэ этэҥҥэ түмүктэннэ.
Халлаан түүнүн лаппа тымныйда, хотуттан үрэр тыал тыйыс, лаппа күүстээх буолла. Аһаҕас сир буолан аны балааккабытын биир кэм тилигирэтэн көтүрү тардан көтүтүөх айылаах. Ол иһин балааккабытын элбэх сиринэн таастарга баайан иҥиннэрдибит. Түгэҕин эргиччи таастарынан баттатан биэрдибит.
Мирлан эрдэ эппитим курдук – омугунан кыргыыс. Кини Серафим күтүөтэ. Джип массыыналарынан экспедицияҕа элбэхтэ сылдьыбыт, буспут-хаппыт, эмиэ биир туспа үөрүйэхтээх киһи буолан хамаандабытыгар талыллан киирбитэ. Саха сирин сөбүлээн, бу дойдуга олохсуйбута номнуо уонтан тахса сыл буолбут. 2018 сыллаахха кыһыҥҥы суолунан Тиксии–Аллараа Дьааҥы–Чокурдаах–Русское Устье хайысханан айаннаабыт киһи. Мирлан кэлбиппитин бэлиэтээн «уоттаах утаҕынан» күндүлээтэ, сылаа таһааран кыайыы биир өрүтүн биллибит уонна дьэ уоскуйан кыратык уруйдаатыбыт.
Сарсыҥҥыга былаан бөҕө буолла. Манна уһуур кутталлааҕын бары да билэн олоробут. Хотуттан тыал уһуннук үрдэ да, муус кэлэн арыыны тула өттүттэн бүөлээн, быыс-хайаҕас суох гына төгүрүйэн, биһигини манна ыбылы хаайан кэбиһиэн сөп. Онон арыыны үөрэтэр-чинчийэр сыалбытын уһаппакка олоххо киллэрэргэ быһаарынныбыт. Балаҕаммытын тутарга олох кыра бириэмэлээхпитин бары өйдөөтүбүт. Бу күн мин ыал буолбутум – сүүрбэ биэс сыллаах үбүлүөйдээх күнэ түбэстэ. Ону, манна туман быыһыгар саһан сытар, икки атахтаах мээнэ үктэммэтэх сиригэр сэмэйдик уонна өйгө-санааҕа хаалар гына, олус иһирэхтик бэлиэтээтибит. Спутник телефонунан кэргэммин, оҕолорбун эҕэрдэлээтим, баар-суох дьоммун кытары астына-дуоһуйа кэпсэттим.
Атырдьах ыйын 24 күнэ.
Уон төрдүс күн.
Акылаат түстэ!
05 ч. 15 м. Туохтан эрэ эмискэ уһуктан кэллим. Тыалбыт өссө күүһүрбүт. Оһоҕу оттон баран таһырдьа тахсыбытым, туман үөһэ көтөн хайаларга ыйаммыт. Өйдөөн көрбүтүм үрэхпит хоту өттүттэн үрүҥ эһэ аа-дьуо хааман иһэр эбит. Үс сүүс миэтэрэ чугаһаан баран чуҥнаан, кини да буоллар тохтоон турда. Оҕо эһэ эбит диэн сэрэйдим. Төбөтө бүтүн бэйэтигэр тэҥнээтэххэ арыый улахан курдук, туттара-хаптара да оҕолуу. Муодарҕаан икки атаҕар туран салгын ыла сатаата да, тыал кини өттүттэн буолан үрэх үрдүнээҕи күөлү эргийэ бара турда. Долгуҥҥа тохтоло суох хачайдана турар устар аал, тыалга тэлибирии турар балаакка да хамныыра сэрэхэччиттэ быһыылаах. Хараҕым далыттан сүтүөр диэри өр одуулаан турдум. Күөл баһыттан муус хайаны көрдө-көрбүтүнэн дабайа турда. Ырдьаччы тоҥон, сылыйа охсубут балаакка иһигэр киирэн, иттэ түһэн баран эмиэ утуйан хааллым.
Бары да өр утуйбуппут. Сарсыарда аҕыс чаас саҕана уһугуннубут. Тоҕус саҕана үлэбитин саҕалаатыбыт. Биһи Тииттиин акылааппыт мастарын салайааччыбыт ыйбыт сиригэр тастыбыт. Балаҕан туруохтаах миэстэтэ эрдэттэн чопчу биллэрин үрдүнэн, арыый сирин уларытан, табыгастаах көнө миэстэни булан бастакы мастары онно түһэрдибит. Балаҕан бырайыага Тиит төбөтүгэр баар. Тутууга сыһыаннаах дьон маҥнай балаҕаммытын иккиэн эрэ тутан саҕалаатыбыт. Атыттарбыт матырыйаалбытын харса суох кытылтан таһан бардылар. Матырыйаалбыт диэн: аныгы СИП-панель диэн пенополистирол истээх эркиннэр, сайдинг ылтаһын бүрүөһүн уонна тутар, туттар тэриллэрбит.
Эбиэккэ диэри акылаат түһэрэн, хара муоста панелларын тэлгэтэн, хам туттаран бүтэрдибит. Хата ардаҕа суох буолан абыраата. Муоста курдары балаҕаммыт баҕаналарын туруоран, икки эргиир баайыы мастарын олордон бүтэрдибит. Уолаттар таһаҕаһы араас ньыманы туһанан, панеллары үрдэрэр тыыга тиэйэн, үрэҕи өксөйө соһон, таһан бүтэрдилэр. Николай Александрович Находкин, барыбытыттан саастаах киһибит, салайааччыбыт эбиэт буһаран аһатта. Сотору-сотору: «Тулаҕытын көрүнэ сылдьыҥ. Бу дойдуга үрүҥ эһэлэр туохтан да куттамматтар. Эмискэ аттыгар баар буолан соһутуохтара», – диэн барыбытын сэрэтэр.
Эбиэт кэнниттэн балаҕаммыт дьардьаматын бүтэрэ охсон СИП-панеллары туруору тутан түөрт эркинин туруордубут. Тимир сурууптарынан хам тардан ыга туттартаатыбыт. Киэһэ аҕыс чаас саҕана бүтэн, балааккабыт диэки хаамтыбыт.
Халлаан 3 кыраадыс тымныы буолбут, тыал тохтуур санаата суох. Николай Александрович долгуйар, ыксыыр, сотору-сотору интернет көмөтүнэн муус туругун ыйыталаһар. Куоракка хаалбыт, күнү-дьылы кэтиир, айаммытыгар хайысхатын (координаттары) ыйар хамаандабыт түүннэри-күнүстэри халлаан туругун кэтии-маныы олорор. Ол дьоммутуттан «силлиэ икки күнүнэн биирдэ тохтуур үһү» диэн сонун кэллэ. Ол тохтоон да диэн, суукка эрэ курдук уоскуйар, онтон эмиэ түһүө диэн биллэрдилэр. Инньэ гынан научнай чинчийэр сорудахтаах дьон: Серафим уонна мин сарсыҥҥы тутуу үлэтиттэн босхолоннубут. Сорудахпытын хайаан да толордохпутуна сатанар.
Атырдьах ыйын 25 күнэ.
Уон бэһис күн.
Кириэс уонна аан үрдүгэр чороон.
Иэдээн иэнигийдэ…
08 ч. 00 м. Куолубутунан эмиэ сып-сап өл хаба охсоот, бары үлэбитигэр ыстанныбыт. Бүгүн ЛОРП үлэһиттэрин көрдөһүүлэринэн хотугу муоралар айанньыттарын араҥаччылыыр, былыргы саҥа сирдэри арыйааччы хорсун дьону кэриэстиир сэттэ миэтирэ үрдүктээх тимир кириэс туруоруохтаахпыт. Кэлэрбит саҕана бу кириэһи аҕабыыт кэлэн алҕаабыта. Кириэспитин этэҥҥэ туруордубут.
Салгыы бары саба түһэн балаҕаммыт үрдүн панелларынан бүрүйэн, уһун сурууптарынан хам эрийтэлээтибит. Тиит түннүк, аан үөлэстэрин дьөлүтэ эрбэтэлээтэ. Эбиэт саҕана Серафим, гидрологтартан сорудахтаах киһи, уу боруобатын ыла диэн эрэһиинэ тыынан үрэҕи өксөйдө уонна күөлтэн эмиэ ылла. Серафим үһүс кылаастаах быыһааччы, иллэрээ сыллааҕы экспедициябыт маҥнайгы чааһыгар сылдьыспыт үөрүйэхтээх, ууһут бэрдэ диэххэ сөп. Кини саас ортолоох, сырдык хааннаах Кэбээйи Хаалбыһыттан төрүттээх уола хаан.
Мин үүнээйилэрбин хомуйа диэн арыы үөһүн диэки хаамтым. Арыыбыт бүтүннүү лаһыгырас таас дойду. Туундара курдук хойуу от, кырыс сир диэн суох. Аллара өттө кырылас бытархай сытыы таастаах, үүнээйитэ кэмчитэ сүрдээх, лабыкта эмиэ бэрт аҕыйах, дэҥ кэриэтэ көстөр да буоллаҕына кып-кыра, намыһах умнастаах. Таас быыһыгар онон-манан муох көстөн ааһар. Ол да буоллар сорудаҕым быһыытынан туох баарынан хомуйдум. Онтум барыта аҕыс көрүҥ үүнээйи буолла. Оттуун, сибэккилиин бары намыһахтар, олус намчылар. Саһархай дьүһүннээх дьэрэкээн сибэкки элбэх эбит. Ханнык үүнээйи буоларын билээрибин атласпын арыйан тэҥнээн көрөбүн уонна – «мак полярный» диэҥҥэ маарыннатабын. Кыһыл, умнаһа суох роза сибэккигэ майгынныыр үүнэйи эмиэ баар да, аатын булбатым. Хомуйбут үүнээйилэрбин иллэрээ сыл оҥостубут фанера хоруопка сүгэһэрбэр сэрэнэн хаһыакка суулаан угабын. Ирдэбил быһыытынан хас биирдии үүнээйибин силиһин алдьаппакка, сэрэнэн хостоон ылан гербарий оҥорорго бэлэмниибин. Тула баар тааһы ыраастаан баран, кумаҕы хаһан силиһин хостуубун…
Хайаларга тахса сырыттым. Манна адьас ураты быһыылаах, кырыылаах бөдөҥ таастардаах эбит. Омос көрдөххө улахан суостан, итииттэн хайа барбыт курдук быһыылаахтар-таһаалаахтар. Дьүһүннэрэ кытархайдыҥы кугас, хараҥа кугас, уокка умайбыт курдуктар. Үрэх хомото диэхтээн, кыра иэннээх эбит. Устата көһү кыайар-кыайбат, туората биэс-алта биэрэстэ. Хомобут хайа үрдүттэн адьас ытыс үрдүгэр сытар курдук нэлэйэн көстөр. Тула өттө хайалар. Үрэх баһын арҕаа өттүн, улахан аҥаарын хам баттаан, муус хайа-ледник сытар. Ол көстүүнү төгүрүччү туман бүрүйэ суулаан ситэрэр. Тыал күүһүрдэҕинэ хантан кэлэрэ биллибэт, кыһыҥҥы дьыбар курдук үрүҥ буруо хойдор, туох да көстүбэт үүт тумана бүрүүкүүр. Ол тумаммыт сотору үөһэ көтөн тахсан, биир сиргэ ыйанан хаалар. Санаабар муус тарыҥ үөһүттэн мамонт үөрэ тахсан кэлиэх курдук. Дьикти көстүү…
Беннет арыытыгар биһиги иннибитинэ биология, гидрология биир да учуонайа кэлэ сылдьыбатах, үөрэппэтэх арыыта буолан эппиэтинэс улахан. Суолу-ииһи көрдөххө аҕыс атыыр кыыл таба баар эбит уонна тугуттаах тыһылар туспа үөрдэһэн сылдьаллар. Ахсааннарын сатаан быһаарбатым, алтыалар эрэ быһыылаах. Барахсаттар, мууһу кытта кэлсэн, төрөөн-ууһаан хааллахтара. Муус турдаҕына улахан арыыларга көстөхтөрүнэ сатаныыһы. Таба аһылыга бэрт кэмчи дойдута эбит. Син балачча кэрийэн, хаарга биир кырса суолун көрдүм. Лемминг диэн туундара кутуйаҕа төрүт көстүбэт. Ити сылдьан икки үрүҥ эһэни харахпар көрдүм. Суоллара мууска баара да, киһи араарбат гына батыччахтаан хаамаллар. Хайалара улахана, кырата биллибэт.
Үрэҕи баһынан эргийэн кэллим.
17 ч. 00 м. Балаҕаммыт тутуллан бүтэрэ чугаһаабыт. Аныгы пластик түннүктэр турбуттар. Тимир оһох турбата олордуллан үөһээ хоройбут. Мирлан, Серафим, Георгий балаҕан тас өттүн ылтаһын сайдинынан эрийэ сылдьаллар. Онтулара туруорбах балаҕан эркинин курдук көстөр. Тиит балаҕаммыт аанын оҥорор. Ньургун, катамаран хаһаайына, Өлүөхүмэттэн төрүттээх урбаанньыт, уус илиилээх убайбыт киэргэллэри иилэ сылдьар. Хаптаһын ордугунан балаҕан үрдүгэр бэрт кыраһыабай чороон оҥорон саайбыт. Онтуката балаҕаммытын олус тупсарар. Түннүктэр, аан чанчыктарыгар анаан атыыласпыт оһуордаах хаптаһыннарбытын саайар.
Мин дьоммор кэлээт эмиэ илии-атах буолбутунан бардым. Бука бары туттуу-хаптыы бөҕө, арай нуучча доҕорбут Эркин эрэ, омос көрдөххө, туох да туһата суох киинэҕэ устар. Санкт-Петербург курдук ыраах сиртэн кэлэн маҥнайгы экспедициябытын киинэҕэ устан, оҥорон, бэркэ сырдаппыта. Тэҥҥэ сылдьыһан, ууга-хаарга түсүһэн, бэйэтин үчүгэй эрэ өттүнэн көрдөрөн быйыл эмиэ ыҥырыллан кэлэн кытта сылдьар.
20 ч. 00 м. Дьэ барыны-бары бүтэрэн, балаҕаммыт оһоҕун оттон, буруо таһааран, аал уоппутун аһатан ис-испититтэн долгуйдубут, биллэ уоскуйдубут. Кытылга балааккабытыгар киирэн ас астанан хайаан, дьоро киэһэ буолуохтаах этэ да, аны иэдээн буолла. Мин хомуйбут үүнээйилэрбин мас хоруопкабыттан хостоон хаһыаттарга суулаан гербарий оҥороору сырыттахпына катамараҥҥа аймалҕан бөҕө буолла. Георгий балааккаттан ыстанан тахсан миигин ыҥырда.
Хантан кэлбитэ биллибэт икки аарыма улахан долгун катамаран баайыллан турбут быаларын тааска быһа сотон баран муораҕа кыыраппыт. Уолаттар түөстэригэр диэри ууга киирэн ордубут быаларыттан төттөрү соһо сатыы сылдьаллар эбит. Хата, биһиги дьолбутугар, кинилэр болдьообут курдук тиийбит буоланнар катамараны куоттарбатахтар. Ас буһара сылдьыбыт Николай Александрович уонна Мирлан кытылга ыстанан тахсыбыттар. Өрө үллэҥнии олорор долгун дьону катамараннары баҕастары талбытынан илгиэлээн, түҥнэритэ тардыалаан ууга соһо турда. Серафимнаах Ньургун кыл-мүччү катамараҥҥа ойон тахсан, ситэри муораҕа дьаакырданан турарга сананнылар. Георгий, хата, өй була охсон уматыктаах бааҕы тоҕо эрэ бэрт чэпчэкитик бырахта. Биһиги ибили сытыйбыт дьон биэрэккэ туран хааллыбыт. Ырааппакка катамаран мотуорун собуоттаатылар. Тыал бөҕө буолан бары хаһыытаһан эрэ кэпсэтэбит. Быалары бэлэмнээн, саҥаттан баайар гына таастары таһабыт. Ол эрээри халлааммыт, дьэ, хайдах буолан турара биллибэт. Дьаакыр буолуохтаах тимирдэрбит саатар бары манна кытылга сыталлара. Арай дьоммут аа-дьуо соҕуруу очуос таас кытыл диэки уста турдулар. Тоҕо эрэ мотуордара үлэлиирэ биллибэт. Тиит «хаһыыларын истиэм» диэбитинэн кытыл устун кинилэр диэки сүүрэ турда. Николай Александрович «рация» диэн көрдө да, өлүү түбэлтэлээх икки рациябыт иккиэн катамараҥҥа буолан биэрдилэр. Сотору соҕус Тиит биһигини ыҥыран далбаатаата, онуоха бары туох баарбытынан кини диэки ыстанныбыт. Арай Георгий холку куолаһынан: «Баахтарыгар уматык баар-суох икки ардынан быһыылааҕа», – диэтэ. «Бензиннэрэ бүтэн устан иһэллэр» диэн санаа тута киирдэ. Георгийдыын 40 лиитэрэ кэниистэрэни маска туора баайа охсон сүкпүтүнэн кыл тиэтэлинэн сүүрдүбүт. Георгий уолаттарга: «Оҥочону күөлтэн соһон аҕалыҥ, онон сүүрдэн киирэн бензин тиксэриэххэ», – диэн көрдө да, тыал иһитиннэриэ дуо уонна уолаттарбыт да бэлиэр ыраата охсубуттар.
Хата биһиги дьолбутугар тыал катамараны очуос тааска диэри тиэрдибэккэ, 500 миэтэрэ курдук ыраах, кытылга сыбаан барда. Тиит ууга саба сүүрэн киирэн маҥнайгы быаны бырахта. Атыттар кыл-мүччү тиийэн көмөлөһөн, ол бэчимэбититтэн харбаан ылан, аалбытын кытылга состубут. Иэдээн ийэтэ – бензин бүппүтэ буолбатах эбит.
Катамаран кытылга турар кэмигэр долгун тохтоло суох хачайдыырыгар мотуорбут хатанар сэбин, тимир транеһы тосту анньан мөлтөппүт. Уолаттар муораҕа тахсаат собуоттааттарын кытта мөлтөөбүт транец иһэрдиитэ уйбакка тосту баран тута мотуордуун баҕастыын ууга тимирэн хаалбыт. Транец инники атахтара эрэ салыбырыы сылдьаллар. Хата, айыыларбыт көмөлөһөннөр мотуорбут уу анныгар соһулла сылдьар буолан биэрдэ. Уолаттар ол иһин тыалга оҕустаран уста турбуттар. Күөмэйдэрэ бүтүөр диэри хаһыытыы сатаабыттара иһиллибэтэх.
Ыксаллаах быһыыга түбэһэ сылдьыбатах дьоммут уолуйуу-хомойуу бөҕө буоллулар. Биһиги двухтактнай мотуор ууга түстэҕинэ туох да буолбатын билэр буолан холку соҕуспут. Катамараны эрийэ тутан, мотуору транец тобохтуун-майдыын сулбу тардан таһаардыбыт. Мирлан балачча күүстээх, тэтиэнэх уол эбит. Бэлэмнэнэн баран долгуҥҥа өрө мөҕө турар катамаран анныттан мотуору биирдэ оруу тардан таһаарда. Онтон үһүө буолан үөһэ соһон таһаардыбыт. Катамараны төһө кыалларынан кытылга үөһээ тартыбыт. Эмиэ түөрт быанан иҥиннэрдибит. Ол кэннэ транец тобоҕун тиэрэ быраҕан мотуорбутун онно туруору тутан өйөөтүбүт. Серафим курдук уу мотуоругар сыһыаннаах киһилээх буолан абыранныбыт. Көмөлөөн көрбүрээтэрдэрин өһүллүбүт, мустубут уутун сүөкээн үрдэрдибит. Уот биэрэр тэрилин (зажиганиетын) кууртубут, ыраас бензининэн мотуор иһин сайҕаатыбыт. Түүн үөһэ тыал арыый намыраата. Балааккабытыгар тиийэн аһаатыбыт, оһоҕу ньиргиччи оттон, таҥас-сап куурдуннубут. Уоскуйа түстүбүт. Үлэбитин түмүктүүр дьоро киэһэбит сатаммата. Сарсыҥҥы күнү быһаарар, суһал мунньах буолла.
Салайааччыбыт Николай Алексадрович: «Уу аннынааҕы вулкан сөтөллөн итинник улахан долгуннары үөскэппитэ буолуо», – диэн сабаҕалаата. Халлааммыт туруга уларыйан эрэр диэн биллэрии кэлэн, түргэнник айаҥҥа туруна оҕустахпытына сатанар буолла. Өскөтүн, хотуттан сиксийэр тыал уһаатаҕына уста сылдьар муустар кэлэн арыыны тулалыыр кутталлаахтар, оччотугар төннөр суолбутун бүөлүөн сөп. Куораттан спутник нөҥүө кэтээн көрөр хамаандабыт иһитиннэрбитинэн «Хотугу Муустаах байҕал мууһа чугаһаабыт» диэн буолла. Сылаа мунньуллан, үссэнэ охсоот, сорохпут катамаран каютатыгар утуйа таҕыстылар. Кэри-куру түүн буолла…
Атырдьах ыйын 26 күнэ.
Уон алтыс күн.
Российскай Федерация сиригэр
сэргэ турда
09 ч. 00 м. Тыал эрэ, үрүҥ эһэ эрэ, бэҕэһээҥҥи былаан эрэ – уолаттар утуйуу да утуйуу. Катамарантан Николай Алексадрович кэлэн уһугуннарбатаҕа буоллар, өссө да утуйуо эбиппит.
Ойон туран эмиэ сып-сап хамсанан бардыбыт. Бары мустан, сиэри-туому тутуһан, аны биир сүрүн сыалбытын – сэргэбитин туруордубут. Салайааччыбыт Николай Александрович Находкин алаадьы астаан сири-уоту аһатта, үрүҥ кылы уокка биэрэн сыт таһаарда. Салгыы кырылыы кыынньар быырпаҕынан айах тутан алгыс тылы эттэ. Ол кэнниттэн балаҕаммытыгар киирэн сырыыбытын түмүктүүр сүбэ буолла. Бэйэ-бэйэбитин эҕэрдэлэстибит, баҕа санаалар, үтүө тыл-өс бөҕө этилиннэ. Балаҕаммытыгар оттор мас, уматык арааһын, күн сырдыгыттан иитиллэр аккумулятор, хас да лаампа хааллардыбыт. Икки киһи ый аҥаара аһыыр аһылыгын, иһит-хомуос чөкөтөн уурдубут. Сурук суруйарга анаан блокнот, тэтэрээт, харандаас, уруучука хааллардыбыт. Ол кэнниттэн кимнээхпитин биллэрэн сурук суруйдубут, экспедиция былааҕар илии баттаан ыйаатыбыт. Николай Александрович почта бэчээтин оҥорторон аҕалан докумуоҥҥа, балаҕан кинигэтигэр туруортаата. Бэчээппит суруга: «Российская Федерация, Республика Саха (Якутия), Булунский улус, остров Беннетта».
Дьэ онтон үөрүү-көтүү, дьээбэ-хообо бөҕө буоллубут. Ол курдук, Беннет арыытын олохтоохторун бастакы баһылыгынан – күбүрүнээтэринэн Николай Александрович Находкины сүүс бырыһыан куоластаан таллыбыт. Салгыы тахсан былаахтарбытын тэнитэн, бары хаартыскаҕа уһулуннубут. Бу кэрэ түгэннэри барытын Игорь Ермаков, Эркин диэн сахалыы аат ылыммыт операторбыт, тула көтө сылдьан устан үйэтиттэ.
Эбиэккэ диэри тэрээһиммит бүтэн Серафимныын мотуорбутун хомуйдубут. Собуоттаан, тыаһа-ууһа уларыйбатаҕын истэн үөрүү бөҕөнү үөрдүбүт. Атыттар үрэйбит тримараммыт транеһын соһон аҕалан катамараҥҥа ииллилэр. Бу ампаалыктана сырыттахпытына олохтоох хаһаайын кэллэ уонна өр да өр аттыбытыгар кэтээн сытта. Халлааҥҥа харабыынынан ытан көрдүм да, үргэр санаата суох, биир кэм одуулуу сытар. Катамараммыт мотуорун олортубут, муораҕа уһуннаран киллэрэн, балааккабыт иннигэр кэлэн тигистэ. Салгыы хомуна сырыттахпытына эһэбит өссө чугаһаата. Эркин квадрокоптеры көтүтэн эһэ үрдүгэр тирилэппитигэр, дьэ, үргэн куоппута буолла.
Ыксаабакка малбытын-салбытын өр соҕус тиэннибит. Сыыйа барытын батаран, быаларынан хам тардан баайдыбыт. Төннөр айаммыт улахан аҥаара силлиэ ортотунан буоларын бары билэбит. Ахсыан катамаран кыра каютатыгар батар гына нааралары эбитэлээтибит. Үрүҥ эһэбит туппут балаҕаммытын тула хаама сылдьан сытырҕалыыр, сэргэ тула уурбут алаадьыларбытын тыыппакка, биһигини атаарардыы чугаһаан, операторбыт баҕатын толорон хаартыскаҕа түһэн үөртэ. Хомунан бүтэн катамараммытын кытылтан бидилийэ сытар байҕал үөһүн диэки астыбыт.
20 ч. 24 м. Айаммытыгар Кеппен аатынан бухтаттан туруннубут.
Хата, муорабыт уоскуйбут, долгуна наҕыл, чуумпу. София тумуһун эрийэ тутан арыыбыт соҕуруу кытылыгар тохтоон, мотуорбут транецка олорор балаһыанньатын көннөрөн биэрдибит. Айаммыт арыый тубуста, сыыдам соҕус буолла. Ол эрээри кыйбараҥнаан, көнөтүк устубат, биинтэбитин уларыппыппыт кэннэ, дьэ, оннун булла.
23 ч. 00 м. Беннет арыытыттан арахтыбыт. Мантан Саҥа Сибиир арыытыгар диэри 130 биэрэстэ. Дьокуускайтан дьоммут биллэрбиттэринэн балтараа суукка чуумпу, тыала суох халлаан туруохтаах. Таабырына ситэ таайыллыбатах Беннет арыыта кыратык тэйээппитин кытары туманыгар бүрүллэн, ханан да сир омооно баара биллибэт гына симэлийэн, саһан хаалла…
Чааска 13-15 килэмиэтир түргэннээхтик устабыт. Ол аата балай эмэ сыыдамнык иһэбит. Штурвалга бастакы симиэнэҕэ хапытааммыт – Ньургун уонна Эркин. Атыттар ичигэс каютаҕа киирэн син батан утуйдубут…
Атырдьах ыйын 27 күнэ.
Уон сэттис күн.
Дойдубутугар төннүү
05 ч. 00 м. Вахтаҕа мин Мирланныын турдубут. Кэннибититтэн күн сардаҥата кыайыыга кынаттаан, айаммыт хайысхатын ыйан иһэр. Сотору Саҥа Сибиир арыы хайалара көһүннүлэр.
08 ч. 00 м. Мирлан миигин солбуйда. Дьоҕус хочулуокка бэҕэһээҥҥи соркуойбутун сылытан аһаатыбыт. Тиэрмэстэн итии чэй иһэн ирдибит, абыранныбыт. Хайдах да таҥын, өр штурвалга турдахха сииктээх салгынтан син биир тоҥор курдуккун. Киһи туран эрэ дэлби дьагдьайар.
08 ч. 20 м. Үрдүк диэн ааттаах тумус арыы хайаларын анныгар тиийдибит. Манна кытылга тиксибэккэ, халлаан үчүгэйин тухары салгыы иннибит диэки түһүнэн иһэбит.
11 ч. 00 м. Мотуорбут арыытын эбэн, баахха уматыгын толорон, симиэнэбитин туттардыбыт. Салгыы Георгий Иванович уонна Тиит катамараны салайа хааллылар. Каютаҕа ичигэһин, хамаанда барыта номнуо уһуктан кэпсээн-ипсээн, сырыыбытын ырытыһа сытар эбит. Соҕуруулуу-илинтэн тыал биллэр гына үрэн долгуннары улаатыннаран эрэр. Күнүс Серафим буһарбыт эттээх, ириистээх аһын тото-хана сиэн баран, биһиги симиэнэ утуйдубут. Түүҥҥү вахтаҕа тахсар дьон сэниэ эбиннэхпитинэ сатанар.
Серафим, Ньургун, Эркин солбуһа сылдьан Благовещенскай силбэһиитин ааһан, номнуо дохсун сүүрүктээх Санников силбэһиитигэр киирбиттэр. Биһиги уһуктарбытыгар каютабыт кыычыгыраан-хаачыгыраан сүрдээх, долгун күүһүрбүтэ тута биллэр. Катамаран долгун арҕаһыгар тахса-тахса, утары долгуҥҥа тумсунан батары түһэн үрдүгэр ууну бүрүнэр. Силлиэ саҕаланан эрэр.
23 ч. 00 м. Мирлан штурвалга турда. Халлаан хараҥаран эрэр. Силлиэ кэмигэр каютаҕа олорордооҕор таһырдьа мостикка турар мин санаабар ордук курдук. Катамаран долгуҥҥа хайдах иэҕэҥниирин илэ көрөн киһи санаата холкутуйар. Гондолалары тааска дьөлө анньыбатахха, хайдах да балаһыанньаҕа тимирбэттэр. Уһун сыыҥкабай турбалартан турар араама эмиэ харыйа араама курдук долгун быһыытын батыһан иэҕэҥнээн, оонньоон биэрэн, үтүктэн иһэр. Арай, собуот оҥорбут турбалары холбуур тутулуктарыгар (заклепка) эрэммэккэ, бэйэбит үрдүнэн эбии быанан үүйэн биэрбит, хам харчааҕалаабыт буолан, устар аалбытыгар эрэллээхпит.
Атырдьах ыйын 28 күнэ.
Уон ахсыс күн.
Былыргы буйвол уонна эмис уомуллар
02 ч. 00 м. Түүн Кыра Ляхов арыытын арҕааҥҥы кытылыгар тиксэн, утары тыалтан хаххаланан сынньанныбыт. Вайгач хомотугар киирэн хоннубут.
Күнүс арыый соҕуруу диэки сыҕарыйан биэрдибит. Балаакка тииринэргэ үрдүк кытыл тыалтан арыый хаххалыыр. Элбэх оттор мастаах сири булан тохтоотубут. Сыа мурун хойуу сирэ буолан биэрдэ. Тиит Серафимныын үөмэн киирэн бултаан үөртүлэр. Бу арыыбыт буор быллаардардаах намыһах соҕус сир. Климат итийэн эрэрин биллэрэн, ирбэт тоҥ балачча дириҥҥэ тиийэ ууллан, кырыс үрдэ хайыта барар эбит. Муосчуттар ону туһанан сэлии муоһун көрдүүллэр быһыылаах.
Николай Александрович дьоммутун кытта сотору-сотору сибээстэһэ турар буолан, Лаптев муоратыгар өйүүҥҥэ диэри улахан тыал, силлиэ буоларын билэбит. Онон сахалар ытык киһибит Эдьиий Дора сүбэтин истэн төрүт ыксаабаппыт. Икки, үс күн халлааны манаан, көһүтэр буоллубут.
Эбиэккэ үөрэ-көтө кустары ыргыччы буһаран миин истибит. Сыа мурун бу кэмҥэ улаханнык уойбат эбит. Арааһа, саас уонна ыкса күһүн эмис буолара буолуо.
Киэһэлик уолаттар икки 4,5 см харахтаах илими бэрийэн, кытылтан муора диэки үттүлэр. Эркин Ньургуннуун арыыны кэрийэллэр, былыргы буйвол муоһун булан, адаарытан аҕаллылар. Мин күн тура-тура, айан буоллун, тохтобул буоллун гербарийдарбынан дьарыгырабын. Икки фанера лоскуйун икки ардыгар хаһыат быыһыгар үүнээйилэрбин хаптаччы баттатан куурдубутум. Күн аайы үүнээйиттэн сиигин оборбут хаһыаты уларытабын. Сииктээх хаһыаттары быаҕа ыйаан оһох, эбэтэр отопитель үрдүгэр куурдабын. Итинник дьаһамматаххына хомуйбут үүнээйилэрим түүнүгүрэр кутталлаахтар. Оччотугар, наукаҕа туһата суох сырыы буоларыгар тиийэр.
Тиит, Эркин, Георгий уонна мин үгэспитинэн балааккаҕа хонобут. Серафимнаах Тиит ыкса киэһэ илимнэрин көрдүлэр. Үс эмис да эмис уомул иҥнибитин ороон таһаардылар. Тута сарсыҥҥыга диэн тууһаан кэбистибит. Бары да сыалбытын сиппит дьон буолан холкутаабыт курдукпут. Түүн хойукка диэри оһох отто-отто сытан эрэ ону-маны баллыгыраһабыт. Балааккабыт ураһа курдук киэҥ-куоҥ, үрдүк буолан таҥас-сап, хаһыат куурдарга бэртээхэй. Тула өттүттэн быанан таастарга хам баайдахха күүстээх тыалга бэриммэт, эркиннэрэ эйэҥэлээбэт.
Атырдьах ыйын 29 күнэ.
Уон тохсус күн.
Аарыма балыктар
09 ч. 00 м. Күнтэн-күн санаабар хойутаан уһуктар курдукпут. Таһырдьа күн да күн. Сытыы тыаллаах да буоллар, күн сардаҥата сылытарга дылы. Сарсыарда аайы муора менютунан овсянка хааһы сиибит. Николай Александрович, Тиит уонна мин дьаарбайа таарыйа арыы ортотун диэки хаамтыбыт. Үрүйэлэр элбэхтэр, бастара куталаах, устунан туундара толоонноро буолаллар. Беннет арыытыгар холоотоххо от хойуутук үүнэр, буор сир буолан сибэкки арааһа баһаам уонна үксэ куобах кутуруга үүнээйи. Хас хотоол аайыттан хоҥор хаастар үстүү, түөртүү буолан көтөн тахсаллар, аймалҕан бөҕө түһэрэллэр. Муҥутаан, элбээбитэ уонча хааһы көрдүбүт. Хаста да үөмэ сатаатыбыт да, нэлэмэн киэҥ дойдуга чугас киирэр уустук эбит. Сэрэх көтөрдөр ыраахтан айманан бараллар, киһи диэни билэллэрэ чахчы. Бу Ляхов арыытыгар муосчуттар биригээдэлэрэ элбэх. Ол курдук хаама сылдьан, хас да сиргэ соторутааҕыта ааспыт буран суолларын көрдүбүт.
12 ч. 30 м. Кытылбытыгар кэлбиппит катамаран олохтоохторо турбуттар. Эркин Серафимныын илим көрө сылдьаллар. Операторбыт төбөтүгэр устар тэриллээх, биир илиитигэр камералаах, аҥаар өттүгэр телефоҥҥа уһулар. Кини үчүгэй кадр, эпизод хайдах курдук сыаналааҕын, эриэккэһин биһиэхэ өйдөтө сатаан баран саҥарбат буолбута быданнаата. Хата, маладьыаһыҥ өһүргэммэккэ үлэтин кыайа тутар, биир тылынан – профессионал.
Арай уолаттар оҥочолоругар өрүтэ мөхсө түстүлэр уонна миэтэрэни кыайар кыайбат уһуннаах, үрүҥ көмүс хатырыктааҕы илимниин баҕастыын ууттан хостоотулар. Үөрүү өрөгөйдөөх хаһыыта бөҕө буоллулар. Иккис илимнэриттэн өссө биир итинник балыгы ыллылар, ону таһынан уонча уомул иҥнибит. Эркин барытын бэйэтэ тутуһан-хабыһан, эбиитин киинэҕэ устан дьол бөҕө буолбут.
Бары мустан улахан балыктары одуулаһыы, үөрэтии буоллубут. Хайабыт да чопчу аатын, көрүҥүн билбэт эбиппит. Тиһэҕэр тиийэн кыһыл эттээх Арктика голеһа диэн буолла. Серафим балыксыт киһи, улахан харахтаах илимнэри ылбатахпыт диэн кыһыйар. «Өскөтүн илиммит хараҕа 80-наах эбитэ буоллар, итинник балыгынан эрэ аһыа эбиппит», – диэн тылын салбанар.
Сотору-сотору ньиэрпэлэр ууттан быгыалыыллар, кинилэр эмиэ дьиибэргээн, чугаһаан ону-маны үөрэтэн көрөр үгэстээх кыыллар эбит. Георгий Иванович уомуллары ыһаарылаата, Серафим кыһыл балыгы тууһаата, оттон Эркин балыктар төбөлөрүнэн, кутуруктарынан миин буһарда. Онон бүгүн барыта балык аһылыктаах киэһээҥҥи сандалы тардылынна. Тыал тохтообот, муора уоскуйбат…
Атырдьах ыйын 30 күнэ.
Сүүрбэһис күн.
07 ч. 00 м. Бөлүүҥҥү тыал халыҥ былыты быһыта сыспытын быыһынан күһүҥҥү күн чаҕылыччы тыгар. Муора чуумпуруох курдук. Тииттиин илимнэри көрдүбүт, уонтан тахса уомул иҥнибит, ону тууһаатыбыт. Бары халлаан туруга тупсан эрэрин көрөн сэргэх сылдьабыт. Эбиэт кэнниттэн көмөлөөн катамаран каркаһын бөҕөргөтөн быаларын чиҥэтэн биэрдибит, таһаҕаспытын хат баайдыбыт. Мин эмиэ гербарийдарым хаһыаттарын уларытабын, куурдабын. Куораттан халлаан туругун биллэрбиттэринэн илинтэн сөкүүндэҕэ 6-8 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, кэлэр икки күн онтон тупсубат уонна өссө күүһүрүөн сөп үһү. Онон сир ыла тураары: «Бүгүн муораҕа тахсыаҕыҥ. Саатар Улахан Ляхов арыытыгар баар метеостанцияҕа тиийиэҕиҥ», – диэн буолла.
16 ч. 30 м. Айаннаатыбыт. Киэһэ уон чааска диэри штурвалга мин турар уочаратым. Алта көстөөх кэрчиги өр да уһуннубут. Утары тыалбыт сотору күүстээх силлиэҕэ кубулуйда. Сөкүүндэҕэ 12 миэтирэҕэ тиийэ күүһүрдэ. Хата кыл-мүччү Улахан Ляхов арыытын арҕааҥҥы кытылын булан тыалтан күлүктэннибит. Хапытааммыт Ньургун устар аалын бэйэтэ ыытта. Этэрикээн силбэһиитин дохсун долгуннара транецпыт буолталарын дьалкытан мотуорбут салыбыраан-илибирээн нэһиилэ туоратта.
Атырдьах ыйын 31 күнэ.
Сүүрбэ биирис күн.
02 ч. 00 м. Серафимнаах Эркин түүҥҥү вахтаҕа турдулар. Сарсыарда түөрт саҕана, арыыбыт соҕуруу биэрэгэр, «Киһилээх» метеостанцияҕа кэлэн кытылга тиксээри гынан баран долгуна улаханыттан төттөрү эрийэ туттубут. Арҕаа өттүгэр чуумпу хомо булан этэҥҥэ тигистибит. Мантан метеостанция икки аҥаар биэрэстэ. Николай Александрович, Георгий, Ньургун уонна Мирлан метеостанцияҕа Саняҕа, сылаас дьиэҕэ бардылар. Биһиги үс быыһааччы уонна Эркин катамараммытын көрө-истэ сылдьаары хааллыбыт.
Күнүс биир чааска диэри астына-дуоһуйа утуйдубут. Эбиэккэ кустары буһардым, хойуу соҕус соркуойдуҥу миин буолла. Сотору соҕус Ньургун кэллэ. Транецпыт буолталарын уларыттыбыт, эбии бөҕөргөтөн иккилиини хам эрийдибит. Серафимнаах Тиит эмиэ илим үттүлэр. Эркин киинэҕэ устар, квадрокоптер көтүтэн тилигирэтэр.
17 ч. 30 м. Ньургун аалбытын кэтии хаалла, онтон атыттар бары метеостанцияҕа бардыбыт. Тиийбиппит Мирлан баанньык оттубут. Санялыын ирэ-хоро кэпсэтэн баран уочаратынан суунан киирдибит.
22 ч. 00 м. Тииттиин төттөрү катамараммытыгар хаамтыбыт. Лаппа хараҥарар буолбут, суолбутун сүүскэ кэтэр банаар уотунан сырдатан тиийдибит. Тыал күүһүрбүт. Утуйуохпут иннинэ тото-хана туустаах эмис уомулу сиэтибит.
Арба бүгүн күн-дьыл туругун биллэрээччилэр сарсын, өйүүн улахан силлиэ диэбиттэрэ. Онон икки күн манна хорҕойор буоллубут.
Балаҕан ыйын бастакы икки күннэригэр Улахан Ляхов арыытыгар, «Киһилээх» метеостанциятыгар өрөөтүбүт. Куйаар ситимэ баар буолан аан дойдутааҕы сонуннары биллибит. Хас биирдиибит дьиэ кэргэттэрбитин кытта кэпсэттибит, этэҥҥэбит диэн уоскуттубут, сыалбытын ситтибит диэн үөртүбүт.
Балаҕан ыйын 3 күнэ.
Сүүрбэ төрдүс күн.
Ийэ сир
10 ч. 00 м. Тыал арыый намыраабытын туһанан айаҥҥа туруннубут. Билигин сөкүүндэҕэ 3-5 миэтэрэ түргэннээх, онтон алта чаас устата арыый чуумпурар, ол кэнниттэн эмиэ күүһүрэн силлиэҕэ кубулуйуохтаах. Айаммытын көбүс-көнөтүк Сибэтиэй Тумус диэн үрдүк очуос хайалардаах тумулга туттубут.
15 ч. 00 м. Тумул арҕаа өттүнээҕи кыараҕас да буоллар чуумпу хомону булан этэҥҥэ кытылга тигистибит. Дьэ, ийэ сиргэ, материкка үктэннибит. Олохтоохтор манна эмиэ силлиэттэн саһар сирдэрэ. Ол туоһутунан биир катер тиксэн турар. Экипаж уолаттара бэһиэлэр, Новосибирскай арыылар диэки баран иһэллэр. Манна уруккута байыаннай чаас турбут эбит. Тимир балоктар, систиэринэлэр, турба бөҕө ыһылла-тоҕулла сытар. Дьэ уонна хоту дойду бастыҥ «баайа» – тимир буочука. Дьон тохтуу сылдьыбыт кытыла, быраҕыллыбыт тутуута, эстибит бөһүөлэгэ бүтүннүү тыһыынчанан дьэбиннирбит буочука буолар.
Кырса элбэх сирэ эбит. Киһиттэн олох куттамматтар, сорохтор илиилэриттэн бичиэнньэ биэрэн аһаттылар. Арай кытыл устун хаама сылдьан, мантан ыраах дойдубар үүнэр «золотой корень» диэн үүнээйи таастар быыстарыгар турарын таба көрдүм. Урут аптекаҕа туталлар этэ. Золотой корень эмтээх оттортон биир бастыҥнара буолан балачча сыаналанара. Наукалыы аата – родиола розовая диэн сыстыбыт моркуоп курдук модьу-таҕа силистээх сибэкки. Биһиги диэки хайаларга, үрэх бастарынан үүнэр. Ону манна, хоту дойду уһук кытылыгар, көрөммүн дьиктиргээтим. Үс угу хомуйдум, ботаникам хоруопкатыгар уган кэбистим.
Дьэ оннук ким тугунан дьарыгырарынан, тэһийэринэн өссө үс күн халлаан көнөрүн күүттүбүт. Уолаттар илим үтэн балыктаатылар, киэһэ-сарсыарда чугастааҕы күөллэргэ кус, хаас манаатылар, ким эрэ көннөрү дьаарбайар. Мин санаан кэлэ-кэлэ гербарийдарбын бэрийэбин уонна бу суруммуппун сааһылаан тэтэрээккэ тиһэбин.
Балаҕан ыйын 6 күнэ.
Сүүрбэ сэттис күн.
Буксир
Тыал хотугулуу-арҕааттан үрэр, сөкүүндэҕэ аҕыс миэтэрэ түргэннээх. Муҥутаан чуумпурбут кэмэ, мантан ордук тупсубат диэн биллэрии кэллэ. Онон салгыы айаҥҥа турунардыы хомуна сырыттыбыт. Хата ЛОРП көмөлөһөн, Тиксии диэки ааһар сухогруз буксирга ылан аарааҥҥа диэри состоруох буолла.
10 ч. 00 м. Муораҕа таҕыстыбыт. Кэпсэтиилээх «Капитан Марков» диэн хараабылбытын көрсөн, катамараммытын модьу быаларынан холбоннубут. Уматыкпытыгар баһаам экономия буолла, итиэннэ, бэйэбит сымнаҕас оронноох каюталарга хонон, суунан-тараанан суукка кэриҥэ хараабылынан уһуннубут. Ол да буоллар иккилии чаас солбуйсан, соһуллан иһэр катамараммытын кэтии, көрө сырыттыбыт. Хараабыл хамаандата хантан иһэрбитин, устар аалбыт мөкүтүн көрө-көрө сөҕөллөр.
Балаҕан ыйын 7 күнэ.
Сүүрбэ ахсыс күн.
Түмүк
06 ч. 00 м. Дьааҥы өрүс төрдүттэн түөрт көс тэйиччи муораҕа хараабыллар тохтуур сирдэригэр кэллибит. Маныаха диэри соһон аҕалбыт хараабылбыт хапытааныгар, хамаандатыгар махтанан баран араҕыстыбыт. Салгыы катамараммытыгар көһөн, экспедициябытын түмүктүүр тиһэх айаммытыгар туруннубут.
Халлаан былыттаах, быстах ардахтаах. Штурвалга мин турдум. Дьааҥы өрүскэ киирии, көрдөххө киэҥ курдук эрээри, уута чычаас буолан анал уу түгэҕин дириҥэтэр аал (земснаряд) хаспыт эрэ суолунан устаҕын. Мин бууйтан бууйга устар аал айанын суолун батыһан иһэбин.
10 ч. 30 м. Аллараа Дьааҥы пуордугар тиийдибит уонна тута алтыс нүөмэрдээх уһун атахтаах кыраан анныгар тигистибит. Пуорт үлэһиттэрэ үөрэ-көтө көрүстүлэр, кыайан-хотон кэлбит дьоҥҥо, биһиэхэ, эҕэрдэ тыллары эттилэр. Ол күн устар аалбытын кыраанынан көтөхтөрөн таһааран сиргэ уурдулар. Туох баар таһаҕаспытын контейнербытыгар симэн куоракка ыытардыы бэлэмнээтибит. Бу ый бүтүүтэ хараабылынан контейнербытын уонна катамараммытын куоракка тиэрдиэхтээхтэр. Бэйэбит сарсыҥҥытыгар сөмөлүөтүнэн дьиэбитигэр тиийэрдии бэлэмнэннибит.
Биир ыйдаах экспедициябыт сыалын ситэн этэҥҥэ эргиллэн кэллибит. Хамаандабыт чилиэннэригэр, тэрээһиҥҥэ үлэлэспит, үбүлээбит тэрилтэлэргэ барҕа махталбын тиэрдэбин. Эдьиий Дора алгыһын ылбыт буоламмыт эрэх-турах санаалаах этибит, айаммыт ыарахаттарын ыар-баттык оҥостубатыбыт. Наука өттүгэр дьоһун суолталаах үлэлэрбит түмүгүн кэлин билиэхпит. Аны Беннет арыытыгар баран үлэлиир, чинчийэр хамаанда хайаан да автономнай сейсмодатчиктары туруоруох кэриҥнээх. Ол цунамиттан сэрэнэргэ улахан тирэх буолуо этэ.
Билигин Сахабыт сиригэр саҥа арыыны бэлэхтээбит курдук сананан, айаммытыттан астынан олоробут.
Валерий Андросов,
Саха сирин быыһыыр сулууспатын бастакы кылаастаах быыһааччыта
Чолбон. –2023. – №1