Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » “Бары айымньылара дьоҥҥо тиийбититтэн үөрэрэ”

“Бары айымньылара дьоҥҥо тиийбититтэн үөрэрэ”


Биһиги ыалдьыппыт – саха биллиилээх суруйааччыта А.С. Сыромятникова кыыһа, суруналыыстыкаҕа Саха Республикатын Государственнай бириэмийэтин лауреата, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Спиридоновна Дмитриева.

– Анастасия Саввична туох дьоҥҥо төрөөн улааппытый, оҕо сааһыттан ойо тутан тугу сэһэргиир этэй?

– Ийэм иллээх дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн, оҕо сааһа дьоллоохтук ааспыт. Байаҕантай улууһун Кириэс Халдьаайытыгар, кэрэ айылҕалаах Мөҥкөҕө, өрүс уҥуор Арыы Толооҥҥо төрөөбүт. Үҥкүүһүт Лаврентий Мекюрдянов эмиэ ити сиртэн тахсыбыт. Аҕата Савва сорсуннаах булчут, балыксыт, сымнаҕас майгылаах ис иһиттэн интеллигентнэй киһи эбит. Ийэтэ Мотуруона сытыы-хотуу, бэрт сыыдамнык ыалларынан сылдьан, туох эмэ сонуну истэн-билэн кэлэн сэргэхситэлиирэ үһү. Сыромятниковтар Бүөтүр, Настаа, Ольга, Евдокия, Георгий диэн оҕолордоохторо. Бөлүһүөктүү дириҥи анаарар толкуйдаах аҕата Настааттан хайаан да туох эрэ тахсара буолуо диэн кэтэһэр эбит. Ол санаатын арай кыыһа түлэкэдийиитэ мунаардара үһү. Түүн туран хаамарын ааһан, утуйбута утуйбутунан сылдьан өссө мас кыстыыртан көтөх муҥунан хардаҕаһы мараччы көтөҕөн киллэрэн оһох айаҕар сүөкүүр эбит. Ону манаан аҕата аанньа утуйбат да үһү. Ийэм эһэбитин олус уйаҕастык ахтан-санаан кэлэрэ. Оҕолоро сайдыылаах, үөрэхтээх дьон буолалларын ыралыырын кэпсиирэ.

– Оччоҕо үөрэхтэнэр суолга эрдэ үктэннэҕэ буолуо…

– Ийэм Кириэс Халдьаайы начаалынай оскуолатын 19-гар бүтэрэн баран Томпо оройуонун райисполкомугар дьыаланы бэрийээччинэн уонна оройуоннааҕы саахса сэбиэдиссэйинэн икки сыл үлэлээбит, үөрэххэ-билиигэ баҕалаах эдэр кыыс 1936-1938 сс. куоракка педрабфакка үөрэнэр. Ити кэмҥэ дьиэ кэргэни аһатан-таҥыннаран олорор аҕата өлөр. Оччолорго тыа кыыһа хантан дьиэлээх буолуой, дьиэ куортамнаан, балтыларын, быраатын куоракка көһөртөөн аҕалар.

Сөҕөрүм баар, ийэм итиччэ элбэх иитимньилээҕин аахсыбакка, комсомол куораттааҕы комитетын секретара Спиридон Ксенофонтович Дмитриев кинини сөбүлүү көрөн ыал буоларга тыл көтөҕөр. Бу дьону көһөртөөн күккүрэтэн аҕалар. Аҕабыт саахыматчыт, ол кэмнэргэ поэт быһыытынан биллэн испит киэҥ билиилээх-көрүүлээх киһи эбит. Дьүһүнүнэн да дьүөрэтэ суохтара. Аҕам сырдык хааннаах, куудара баттахтаах буоллаҕына, ийэбит кыра, хара, быһата, атын-атын омук дьоно холбоспуттарын курдуктара. Ол да буоллар бэркэ тапсан олорбуттара.

– Аҕаҕыт Спиридон Ксенофонтович туһунан билиһиннэрбэккин ээ.

– Аҕам Үөһээ Бүлүү Далырыттан төрүттээх. Киэҥ билиилээх, күүстээх пропагандист эбит. Эдэригэр поэзиянан дьарыктанан иһэн наука өттүгэр охтубут. Университекка философия преподавателинэн үлэлээбитэ. Үчүгэй лектор быһыытынан биллэрэ.

Москваҕа үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрэн кэлэн баран «Кыым» хаһыакка редактордаабыта. Советскай-партийнай бэчээт тиэмэтигэр докторскай үлэни бүтэрэн баран, доруобуйата мөлтөөн, көмүскүү барар кыаҕа сарбыллыбыта.

– Улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, тэрилтэ түбүктээх үлэһитэ хантан быыс булан айар үлэҕэ тахсыылаахтык үлэлээбитэ буолуой диэн сөҕөбүн.

– Итиннэ аҕабыт ийэтэ, эбэбит үтүөлээх. Дьиэ иһинээҕи бары дьаһалы кини сүгэрэ. Аныгы олоххо экономкалар диэн бааллар дии, соннуга, дьиэ иһинээҕи ороскуоту, оттугу, күҥҥэ туох буһарыллан остуолга уурулларыгар тиийэ дьаһайара. Ийэбин сөбүлүүрэ. Оннооҕор 1959 с. Москваҕа икки сыллаах үрдүкү литературнай кууруска барарыгар туорайдаспатаҕа. Ол кэмҥэ кыра уола иккилээх эрэ этэ. Хата аҕам утарсан буугунуурун эбэбит саба саҥарара. «Оҕолору көрүөм. Мин баарбар үөрэнэн хааллын», – диирэ.

Эбэбит олорору билбэт, биир кэм үлэлээн тигиниир, амбиция бөҕөлөөх хоһуун кырдьаҕас этэ.

Ойуунускай аатынан уулуссаҕа саха интеллигенцията түөлбэлээн олороро. Ыалларбыт Тихоновтар, оҕолоругар пианино атыыласпыттарыгар эбэбит ымсыырбыта ахан. Сиэннэригэр оннук тэрил суоҕуттан итэҕэстийэ санаммыта. Нөҥүө сылыгар дьонум пианино ылбыттарыгар кимнээҕэр да улаханнык кини үөрбүтэ. Мин музыкальнай оскуолаҕа үөрэнэрим.

Суруйааччылар урут айар дьиэлэргэ уһуннук үлэлии бараллара. Ийэм онно үгүстүк үлэлээбитэ. Ол – эмиэ эбэбит үтүөтэ.

– Оҕолор сайынын күөххэ, чэбдик салгыҥҥа сынньанаргытыгар кыах баара дуо?

– Суруйааччыларга даача сирэ биэрбиттэрэ. Биһигини кытта Сергей Васильев, Лев Габышев ыаллыы олорбуттара. Мин Васильева Анялыын дьүөгэлии этибит. Габышевтар куукула курдук кыраһыабай 5 кыыстаахтара. Кыргыттар бииргэ тутуһан күнү быһа сөтүөлээн, оонньоон күммүтүн барыырбыт. Сергей Васильев, Лев Габышев кыргыттарыгар оонньуур дьиэ тутан биэрбиттэрэ. Дьэ онтон арахпат буоларым. Хайа хайалара наһаа бэрээдэктээх, арыгы диэҥҥэ чугаһаабатах дьон.

Урут дьон даачаҕа бүтэй олбуору оҥостубат этилэрэ. Барыта нэлэччи көстөн олороро. Кимнээх алаадьы астаммыттара сытыттан биллэрэ. Оҕо аймах онно тиийдэҕинэ кими да матарбакка күндүлүүллэрэ. Ийэм оҕуруот аһыттан бэртээхэй салааттары оҥороро. «Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойутаан турбут чыычаах хараҕын хастар», – диэн өс хоһоонунуу, биир эмэ оҕо матан хаалыа диэн тус-туспа бүлүүһэҕэ өлүүлээн сотторунан сабара. Үҥсүһэрбитин сөбүлээбэт этэ. Тимир-тамыр туттан баран аҕалан ороҥҥо олордуталаан кэбиһэрэ. Сирэй-харах кэтээн кылахачыһа олорон син өйдөспүппүт баар буолара.

– Иискэ, ас астааһыныгар төһө сыстаҕаһай?

– Аһары минньигэстик астыыра. Иистэнэрэ даҕаны. Нэдиэлэҕэ соҕотох өрөбүллээҕэр түбүгүрэрэ ахан. Сарсыарда эрдэ туран мас буочукаҕа хаппыыста тууһаан, киэһэтин бэрэски астаан үөрдүтэлиирэ. Оччолорго таҥас да кэмчи. Миэтэрэнэн таҥас атыылаһан икки кыыһыгар биир өҥнөөх сиидэһинэн былааччыйа тигитэлиирэ. Ол кэтэһиитигэр остуолга өрө мыҥаан олорорбут. Хайа хайабыт бастакынан кэтэн, эргичийэр баҕалаахпыт. Ол иһин бииргэ быһан, сиэҕин, саҕатын тэҥҥэ олордон былааччыйаларбытын биир кэмҥэ бүтэртиирэ.

Саас Маай бырааһынньыгын аайы дьиэтин кылбаччы оппуохалаан сандаардара. Түргэн-тарҕан туттуулааҕа, былааннаабытын бүтэрэн-оһорон иһэрэ.

– Урукку дьон оҕо ирээттэнэр буолаллара. Ордук куттарын туттарбыт оҕолорун муннуларын анныгар укталлара. Хайалара ордук эйиэхэ «ууллан түһэрэй?»

– Аҕам эбитэ дуу… Олох кырабытыгар аҕабыт оҕолору көрсүбэтэ, бүөбэйдэспэтэ үһү. Борбуйбутун көтөҕүүбүт саҕана оҕомсоҕо дьэ уһуктубут. Барыбытыгар болҕомтотун уурара. Үөрэхпитин хонтуруоллуура. Кулгааҕа ийэм туох дьаһалы биэрэрин күүтэрэ. «Надя физикаҕа доҕолоҥнуур, үөрэҕин көрөөр эрэ», – диэн дьаһал биэрдэҕинэ, дьэ күннэтэ дневник, тэтэрээт бэрэбиэркэтэ саҕаланар. Физикаҕа билиибин кытаанахтык хонтуруолга тутара.

– Анастасия Саввична «Эдэр коммунист» хаһыакка үлэлии сылдьан айар ыччаты кытта утумнаахтык үлэлэспитин, «Хомус» түмсүүнү салайбытын үгүс ахтыылартан билэбит. Кинини олус ытыктыылларын суруйар эбиттэр. Айымньыларын олох аһаҕастык, туох да аһын­сыыта суох кытаанахтык ырытыһаллар эбит ээ! Ол кимиэхэ эрэ туһалаатаҕа, итэҕэһи ылыммат хоргус соҕустары туораан биэрэллэригэр да күһэйдэҕэ. Айар үлэҕэ куорсун анньан көтүппүт ыччаттарыттан суруйааччылар да таҕыстахтара. Улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, күн төһөтүгэр, хаска утуйан, төһөҕө туран суруйар этэй?

– Түүнүн буоллаҕа дии. Оҕолор оннубутун булан сыппыппыт кэннэ. 11 чаастан массыыҥка тыаһа тобурҕуура. Ол тыаска мэһэйдэппэт этибит, үөрэнэн хаалан биһик ырыатын тэҥэ истэрбит. Сууккаҕа олус кылгастык утуйара. Сарсыарда аһатан, таҥыннаран оскуолаҕа утаартыыра.

– Үөрэхтээх дьон оҕолоро оскуолаҕа киириэх иннинэ ааҕар буолбуккут буолуо…

– Суох, оччотооҕуга оннук методика суоҕа. Төттөрү, үөрэхтээһиҥҥэ эрдэ аахпыт оҕо оскуолаҕа киирэн интэриэһэ суохтук үөрэнэр диэн утары толкуй баара. Дьиэтээҕи библиотекабыт күннэтэ байытылла турара. Ийэбит кинигэ издательствотыгар үлэлии сылдьан, дьэрэкээн оҕо кинигэтин аҕала турара. Эбэбит үөрэҕэ суох буолан ити кинигэлэргэ туох кэпсэнэрин билиэн, истиэн олус баҕарара. Ийэбит кинигэ ааҕарыгар эбэбит аттыбытыгар кэлэн иһиллээн олороро.

– Анастасия Саввична 1979 с. «Хотугу сулус» сурунаалга биэрбит интервьютугар: «Суруйааччылар тус бэйэлэрин олохторугар кыһалҕаны, эрэйи көрсөн баран, күүстээх санааларын түһэрбэккэ, суруйан-айан, дьон туһугар үлэлииллэрин билэбин», – диэһинэ, бэйэтин олоҕор ханан эрэ сыһыаннааҕа буолуо дуу?

– Ийэм айар үлэ суолугар үктэммитин кэннэ, 1947 с. олоҕор ыар сүтүктэммитэ. Емельян диэн ааттаах аҕыс саастаах уола суох буолбута. «Оҕолорбуттан саамай үчүгэй дьүһүннээхтэрэ, мааны майгылаахтара…» – диэн олус аһыйара, санаатар эрэ хараастара. Мин санаабар «Хопто» диэн кэпсээнин айарыгар уолун суохтааһына, кинини тыыннаах уобарас оҥорон көрүүтэ көмөлөспүт буолуохтаах. Ити кэпсээн РСФСР үөрэҕин министерствота оҕолорго аналлаах бастыҥ уус-уран суруйууга ыыппыт куонкуруһугар бириэмийэлэммитэ. Емельяныгар ахтылҕана, киниэхэ күүстээх таптала онуоха көмөлөстөҕө.

Ити улахан куонкуруска Наталья Кончаловская Кремль туһунан хоһоонугар, Расул Гамзатов партиотическай хоһоонун бөлөҕөр, ол кэннэ Валентина Осеева, Николай Носов курдук биллэр суруйааччылар наҕарааламмыттара. «Хопто» кэпсээн туспа кинигэнэн 1950 с. тахсыбыта.

Ийэм 1957 с. Суруйааччылар союзтарыгар киирбитэ. Кини кэнниттэн прозаик Валентина Гаврильева 1973 с. ылыллыбыта.

– Дьахтар суруйааччыны эр дьон халҕаһата хайдах ылыммыта буолуой?

– Эр дьон, дьахтар киһи дьиэнэн-уотунан эрэ дьарыктаныахтааҕын курдук өйдөбүллэрэ өрүү баар. Онон туох эрэ чэпчэтиигэ суоттаныы ити эйгэҕэ урут да, билигин да суох. Оннооҕор бииргэ төрөөбүт сурдьа, Георгий Саввич Сыромятников, кинигэ издательствотыгар дириэктэрдээн олорон эдьиийин кинигэтин былааҥҥа киллэрбэтэх. Тоҕо киирбэтэҕин туоһуласпытыгар: «Амма Аччыгыйын курдук дьон иннигэр хайдах түһүөххүнүй?» – диэбит. Эппиэтэ онон бүппүт.

Туох кистэлэй, өйү-дууһаны эймэнитэр уустук үлэ буолан, суруйааччы эргимтэтигэр арыгыга умньаммыт дьон урут үгүстэрэ. Дууһалара да уйана, чарааһа бэрт буоллаҕа. Бөлөҕүнэн суксуруһаллара. Онон бэйэ-бэйэлэригэр убансан, наадалаах түгэҥҥэ өйөнсөн, көмүскэсиһэн сырыттахтара. Кириитикэни арыгынан сайҕаан уҕарытыныылара да баар буоллаҕа. Оттон соҕотох дьахтар суруйааччы бэйэтэ-бэйэтигэр, кириитикэни соҕотоҕун уйан, тулуйан сырыттаҕа. Биир да үрүүмкэ арыгыны испэт этэ. Оннооҕор Суруйааччылар съезтэригэр делегат быһыытынан тиийэн, Кремльгэ буолбут банкекка судаарыстыба баһылыга Н.С. Хрущев бэйэтинэн сампааннаах үрүүмкэтин туппутунан тыаһатыһа кэлбитигэр охсуһуннаран баран уоһугар да тиэрдибэтэх. Хомойуох иһин, ити өттүнэн мөлтөөн биэрии ыар холобура барыбытыгар биллэр.

– «Ийэм курдук суруйааччы буолуом», – диэн санаа оҕо, эдэр саастаргар киирэн кэлэрэ дуо?

– Төттөрү, суруйааччы эрэ буолбатах киһи диэн санаалааҕым. Оҕо сааспыттан ийэм түүн ааттаахха утуйбакка суруйан тахсарын көрө-көрө сүрэҕим саллара. Хаатырга муҥун-таҥын тэҥэ ыарахан үлэ буоларын өйдөөбүтүм. Күннэтэ ыар таһаҕаһы сүгэ сылдьар тэҥэ идэлээх дьон буоллахтара, суруйааччылар диэн. Ону өйдүүбүн ахан. Суруйар идэни талыам эрэ суоҕа диэн баран суруналыыстыкаҕа олохпун анаатым. Университеты бүтэриэхпиттэн телевидениеттэн халбаҥныы иликпин.

Билигин «Саха» НКИК «Көмүс фонда» программатын редакторабын, саҥа телебырайыактар салааларыгар үлэлиибин. Ийэм икки сиэнэ эмиэ суруналыыстыка эйгэтигэр бааллар. Сурдьум уола Максим Георгиевич Дмитриев – РФ Суруналыыстарын союһун чилиэнэ, политолог. Эдьиийим Полина кыыһа Светлана Сивцева «Якутия» авиахампаанньа пресс-секретара, манна режиссерунан үлэлии сылдьыбыта.

– Эйигин телевидение нөҥүө уруккуттан билэбин. Суруйааччылар тустарынан дириҥ ис хоһоонноох биэриилэргин умнубаппын. Үлэҕэ ситиһиилэргиттэн дьонуҥ урут эйигинэн киэн туттубут, үөрбүт буолуохтаахтар.

– 1982 с. аҕам «Көмүс бөрүө» кыайыылааҕа буолбуппун «Социалистическая Якутия» хаһыакка ааҕан билбит. «Хайдах эйиэхэ, партията суох киһиэхэ ити ааты биэрбиттэрэй? – диэн мунааран турбута. Биллэн турар үөрдэҕэ. Ийэбит буоллаҕына, ордук биһиги доруобуйабыт туһугар долгуйара. Оҕо сааспар дьаныһан туран соҕуруунан илдьэн бэрэбиэкэлэтэн, эмтэтэн турар.

– Анастасия Саввична олоҕун тиһэх сылларыгар айар үлэҕэ күүспүн-кыахпын толору туһамматым дуу диэн хомолтоҕо куустаран ылар түгэннэрдээҕэ дуу?

– Букатын суох. Архыыбын бэрийэн баран өссө сөҕөрө. 17, ол иһигэр уус-уран литератураҕа 15 кинигэни бэчээттэппититтэн дуоһуйара. Бэчээттэммэтэх кэпсээн суоҕуттан үөрэрэ. Кэпсээнтэн ромаҥҥа тиийэ саха литературатын байытыспытыттан сэмэйдик киэн тутта мичээрдиирэ.

– Надежда Спиридоновна, үлэ-түбүк быыһыгар чаас болдьоон сэһэргэһэн ааһар түгэни анаабыккар махтанабын.

Суруйааччы кыыһыныын сэһэргэстэ Айысхаана.

Чолбон №1-2015