(Ньукулай Туобулаахап төрөөбүтэ 100 сылынан)
«Киһи кэллээ, саха эбилиннээ!» – диэн чуопчаарбыта көтөҕөөччү эмээхсин балаҕан ыйын 7 күнүгэр 1912 сыллаахха Бахсыга Миитэрэй Силэпсиэп балаҕаныгар.
Бу Дмитрий Апексеевич Слепцов иккис кэргэнэ Мотрена Дмитриевна ыалга бэһис уолу аҕалбыта. Бу кэмҥэ ыал 17 саастаах, 13-гэр, 9-гар, 6-гар сылдьар уолаттардаах этэ. Бэһис уолу Ньукулай диэн ааттаабыттара. Кэлин кини артыыс, суруйааччы Ньукулай Туобулаахап буолта. Силэпсиэптэр Бахсыга Холболоох диэн сиргэ олороллоро. Манна 1912-1917 сс.Бахсы министерскэй начаалынай оскуолата үлэлээбитэ. Онно саха кыыһа Аржакова Евдокия Софроновна учууталлаабыта. Уолаттар аҕалара оскуола отун-маһын, уутун-хаарын көрөн Е.С. Аржакова үлэлиирин устата оскуола хаҥас дьиэтигэр кэргэттэринээн олорбута. Онон уолаттар Евдокия Софроновна аттыгар өйдөрүн туппуттара. Евдокия Софроновна интэлигиэн бы- һыытынан сабыдыала сүҥкэн эбит. Дмитрий Алексеевич доҕоругар, Бахсы кыахтаах киһитигэр этэрэ үһү: “Баайгынан манна оскуола туттардаргын -кэлин Бахсы ыччата ааккын ааттыа этэ”, — диэн. Оттон Евдокия Софроновна үөрэнээччитэ Гриша Слепцов учууталын туһунан оҕолоругар уоһуттан түһэрбэккэ кэпсиирэ. Кэлин кини учуутала олорбут, үлэлээбит дьиэтигэр ыйыырга анаан мемориальнай дуоска оҥорторбута. Евдокия Софроновнаҕа үөрэнэн нууччаһыт, суруксут бөҕө, интэлигиэн киһи буолан атаҕар турбута.
Саха үөрэхтээх учуутал кыыһа Бахсы сиригэр өйү-санааны, үөрэҕи сахпыта хас да көлүөнэҕэ сыдьаайбыт эбит. Онон даҕаны Бахсы ыччата үөрэххэ, искусствоҕа тардыһара адьас бэлэм олорбут эбит. Бахсыга үлэлээн олорон 1914 с. Дьокуускайга начаалынай оскуолалар учууталларын сийиэһигэр саха кыргыттарын үөрэхтиир туһунан этии киллэрэн дакылаат оҥорон улаханнык биһирэммит эбит.
Бахсы сатабыллаах мындыр дьоно өссө өрөбөлүүссүйэ инниттэн тыаны солоон бурдук үүннэрэллэрэ. Поэт Туобулаахап “Ахтабын бурдуктаах аатырбыт солооһун дойдулаах Бахсыбын” диэн фронтан ыыппыт суругар эппитэ оруннаах.
Бахсылар Омоҕой Баай дьонуттан төрүттээх Баатылы, Бахсы, Баҕарах диэн ини-биилэр Бахсь биилэриттэн төрүттээхтэр. Ол Бахсыттан үһүс сүһүөх киһи Куһаҕай 12 уоллааҕа үһү. Кини кыра уола Туобу (Туогу). Бу Туобу соҕотох Намылдьыйа диэн уоллаах эбит. Намылдьыйа сүрэхтэнэн Силэпсиэп Бүөтүр диэн буолбут. Кини уон уолламмыт Намылдьыйа Улахан Байбал диэн уолуттан Силэпсиэптэр төрүттээхтэр. Николай Дмитриевич Слепцов Бахсы оскуолатын бүтэрбитэ. Онтон сэргэхти- да өрө анньан тахсан испитэ кини. Уон аҕыс саастааҕар 1930 с. республикатааҕы куонкуруска “Абыраам аҕабыыт албына” диэн пьесатынан кыттан иккис миэстэни ылбыта. Дойдутугар туруорбута, бэйэтэ эмиэ оонньообута. Ити сыл комсомолга киирбитэ, сэкирэтээрдээбитэ. 1930 с. ТОЗ тэрийсибитэ. 1931 с. «Холболоох» холкуоска бэрэссэдээтэллээбитэ. Улахан дьону үөрэхтээһиҥҥэ кыттыбыта. Онтон куоракка тыа хаһаайыстыбатын бэлэмниир кууруһугар үөрэммитэ. Ону кытта тэҥҥэ 1932 с. Саха театрын драмстудиятыгар киирбитэ. Онтон Москваҕа ГИТИС сахалыы студиятыгар үөрэнэ барбыта. Ону 1936 с. бүтэрэн дойдутугар кэлбитэ Ити сылтан Саха театрыгар артыыстаабыта.
26 саастааҕар 1928 с. Амма Аччыгыйын, Суорун Омолпоону, Күннүк Уурастыырабы, Эллэйи, Абаҕыы- ныскайы, Сергей Васильевы кытта ССРС суруйааччыларын союһугар чилиэнинэн ылыллыбыта.
1941 с. Николай Дмитриевич олоҕун суолун биэс сыллаах уоттаах сэрии туора түспүтэ. Бэл илиитинэн киһи уҥуоҕун айыырҕаан ыйбат үгэстээх Бахсы уола киһини эрэ чачатыах суостаах-суодаллаах кыргыс үөһүгэр түбэспитэ. Кут-сүр туох утаҕа быстыбытын билиҥҥи дьон хаһан да өйдүөхпүт суоҕа. Инники кэскил туох торума туолбатаҕын хаһан да билиэхпит суоҕа. Николай Дмитриевич унньуктаах уһун биэс сыл сэриилэһэр аармыйа кэккэтигэр сылдьыбыта. Кини онно “Күннүк” суруммута.
Николай Дмитриевич хоһоонньут уонна драматург этэ. Урукку ырыанньыктарга кини нууччалыыттан тылбаастаабыт ырыаларын булан син көрөр этибит. Биир ырыанньыкка “Щорс туһунан ырыа” анныгар Нь. Туобулаахап тылбааһа диэн суруллубут этэ. Ол курдук көрүдүөрүнэн хаама сылдьан ыллыыр ырыабыт этэ.
Биэрэк устун ыраахтан
Этэрээт иһэр.
Иһэр кыһыл былаахтаах
Полк командира.
Ээ-эй, полк командира.
Былыр елка кэмигэр оскуола оҕолоро ыллыыр ырыалара эмиэ Нь. Туобулаахап тылларыгар этэ:
Тымтар кылыс дьыбардаах
Тымныы кыһын оҕонньор
Тос-тос тыаһыыр тайахтаах
Тиийэн кэлэн олорор.
Хос ырыата:
Тоҕо баҕас күндүтэй
Елка маспыт киэргэнэн
Тохтор көмүс сиэдэрэй
Лаампа уота имнэнэн
1943 с. “Хотугу сулустан’ Туобулаахап хоһоонун булбуппут.
АХТАБЫН
Халлаантан тымныы самыыр түһэр,
Хотуттан сипсийэ тыал үрэр,
Соҕотох хатыҥ мас төрдүгэр
Синиэлбэр сөрөнөн сытабын.
Оҕо саас үөрүүлээх күннэрин
Өйдөөммүн дойдубун ахтабын.
Харахпар элэҥнээн көстөллөр
Халдьаайы сайылык дьиэлэрэ.
Кылыйбыт кырдалым турдаҕа
Кылбаҕар хаарынан сабыллан,
Сөтүөлүүр үрэҕим сыттаҕа
Сүр халыҥ мууһунан бүрүллэн.
Ахтабын алааһым хонуутун
Андылыыр Тураҥ күөл күөх уутун,
Муҥхалыыр Дьэҥкиидэ күөллэрин
Күүлэйдиир булгунньах чочурун.
Мундулаах Байымдаайы күөлун
Көмүккэ оскуолам томторун.
Саныыбын бурдуктаах аатырбыт
Солооһун дойдулаах Бахсыбын.
Туйма үрэҕим күөх тунаарын,
Туруйа кыыл тохтуур тоҕойун.
Хандайыкы үрэх сис тыатын,
Кураанах эбэ көнө ньуурун.
Ахтабын кылыыһыт убайбын
Артыыстыыр аламай бырааппын.
Ахтарым күүһүттэн сэтэрэн
Өстөөххө өһүүрүм улаатар.
Ааныттан ийэ сир иннигэр
Охсуһар күүс-санаа оргуйар.
Ахтабын оҕолоох кэргэммин
Аһыныык соҕотох эдьиийбин.
Кыргыһыы буолагар кыайаммыт,
Кытарар былааҕы тиирэммит,
Көҥүл олох дьолун тутаммыт,
Көрү-нары тутан тиийиэхпит.
Оччоҕо сэһэргиэм ситэтик
Ол үөрүү күннэрин күүттэххит.
Николай Дмитриевич фроҥҥа Стрелковай взвод командира этэ. 1945 с. лейтенант званиелаах, “Кыһыл сулус” уордьаннаах, мэтээллэрдээх дойдутугар эргиллибитэ. Сотору ахтылҕаннаах театрыгар үлэлээн барбыта.
Татьяна Филиппова “Саха театра” диэн кинигэтигэр олус истиҥник, сылаастык Туобулаахаптар тустарынан суруйбут: “Саха театрыгар кэргэннии артыыстар элбэхтэр. Олортон бэйэ-бэйэлэригэр эриэккэс эйэҕэс сыһыаннаах кэргэнниилэр Туобулаахаптар диэн ыал бааллара. Николай Дмитриевич көстөр дьүһүнүнэн уонна уҥуоҕа улаханынан үчүгэй көрүҥнээҕэ. Кини айбыт оруолларыттан саамай табылыбыттара:
Борис уонна Тихон – “Этиҥнээх ардах”, Алексей Островскай.
Сис Сэмэнэ – “Таптал”, А.Софронов.
Иванов – “Колуонньаттан коммунаҕа”, Амма Аччыгыйа.
Мардьааһай – “Лоокуут уонна Ньургуһун”, Тимофей Сметанин.
Намыын Уйбаан – “Лэкиэс”, С.Ефремов.
Хараҕа суох Наһаар – “Улахан доҕор”, Илья Находкин.
Николай Дмитриевич элбэхтик суруйбут драма- тург. Олортон “Селькор Сэмэн”, “Айталина”, “Өстөөх арҕаҕар”, “Апмаастаах тайҕаҕа”, “Сааба” уонна “Ыалдьыт” диэн драмалара театрга туруоруллубуттара.
Николай Дмитриевич М. Горькай аатынан литературнай институкка үөрэнэ сылдьыбыт суруйааччы. Кэлин Туобулаахап доҕорунаан Уустаах Избековтыын “Иирбит Ньукуус” диэн драманы суруйбуттара. Избековтыын саахыматтыы олороллорун үгүстүк көрбүтүм. 50 сааһынан Николай Дмитриевичкэ “Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх деятелэ” диэн аат иҥэриллибитэ.
Николай Дмитриевич сайын дойдутугар матасыыкылга мэҥэстэн иһэн бырахтарбытыттан сылтаан ыараханнык ыалдьан 1964 с. өлбүтэ. Кини дойдутугар Оҕо Уҥуохтаах диэн кылабыыһаҕа көмүллүбүтэ.
Туобулаахап кэргэнэ Петрова Парасковья Семеновна – Саха АССР үтүөлээх артыыската. Кини
1915 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр Уус-Алдан оройуонугар Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1933 с. театрга киирэн драмстудияны бүтэрбитэ. Парасковья Семеновна травести диэн дьикти амплуалаах артыыска этэ. Ол аата – наар уол оҕо оруолун оонньуура. Театрга өр үлэлээбит кэмигэр айбыт уобарастара элбэхтэр. Ол иһигэр:
Пистолет – “Ини-бии”, С.Ефремов.
Мэхээс – “Ситим быстыыта”, Амма Аччыгыйа.
Сережка – “Көмүс балык”, Н.Габышев.
Мүлдьу – “Сайсары”, Суорун Омоллоон.
Оотуй- “Оотуй уонна Тоотуй”, Уустаах Избеков.
Антонио – “Тереза төрөөбүт күнэ”, Мдивани.
Парасковья Семеновна 1973 с. өлбүтэ, кини кэргэнэ Николай Дмитриевич аттыгар Бахсыга көмүл- лүбүтэ. “Туобулаахаптар иккиэн үтүө майгылаах, көнө дьон этилэр,” – диэбит Татьяна Филиппова.
Туобулаахаптар улахан уоллара Коля сэрии саҕана төрөөбүтэ. Кэлин 4 уолу төрөппүттэрэ куоракка олорон. 3 уол олох кыра сылдьан өлбүттэрэ. Кэргэнэ өссө баардаммытыгар Николай Дмитриевич Парасковья Семеновнаны убайын аахха Бороҕоҥҥо ыыппыта. Онно оҕолонон, оҕо биир ыйын ааспытын кэннэ куоракка киллэрбиттэрэ. Ол уоллара тутуу инженерэ буолбута, кини 2 кыыстаах, 2 уол оҕо сиэннэрдээх, Дмитрий Николаевич Виктория Иннокентьевналыын Эркин уонна Дмитрий диэн сиэннэрдээхтэр.
Өтөх төҥүргэстээх,
Оһох кыымнаах,
Ыал ыччаттардаах, – диир саха.
1982 с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр “Кыым” хаһыакка Иннокентий Артамонов Туобулаахап туһунан ыстатыйатын “кэрэ киһи” диэн түмүктээбит этэ.
Киһи бу сиргэ “хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт” дииллэрин истэрим. Сытыытык да тыыммыт эбит саха, ханныгын да иһин хатыламмат кэрэҕинэн, мааны олоххунан бу сири киэргэтиһэн, өйгүнэн-санааҕынан байытыһан аастаҕыҥ, убайбыт барахсан!
Варвара СЛЕПЦОВА-Санаа.
«Чолбон». – 2012. – балаҕан ыйа