Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » БҮТТҮҮН АЗИЯТТАН ТҮМСЭН

БҮТТҮҮН АЗИЯТТАН ТҮМСЭН


Түөрт сыл устата күүппүт күндү күммүт, кэтэһиилээх кэрэ кэммит үүммүт нуурал киэһэтигэр “Туй- маада” стадион дьонунан туолбут, тупсубут киэркэйбит түһүлгэтигэр 14 атын дойдулар, 28 Россия регионнарын оҕолорун спортивнай хамаандалара тэҥҥэ үктээн киирбиттэрин, уонунан тыһыынча көрөөччүлэри кытта республика Президенэ В А Штыров, Аан дойдутааҕы олимпийскай комитет бастакы президенэ В.Г. Смирнов, Россия национальнай олимпийскай комитетын вице-президенэ М.И. Тихомиров, олимпийскай чемпион, физкультураҕа уонна спорка федеральнай департамент салайааччыта В А Васин, Азия оҕолорун III спортивнай оонньууларын тэрийэр комитетын председателэ, республика вице- президенэ АК. Акимов, правительство председателэ Е А Борисов уонна да атыттар эҕэрдэлии көрүстүлэр. Республика Президенэ В А Штыров кылгас киирии тылынан, Азия оҕолорун III норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларын аһыллыбытынан ааҕаатын кытта, стадион күөх хонуута муус кыаһаан тунал маҥан хаарынан сабыллан, хотугу дойду тыйыс тымныы уорҕатыгар үөскээбит киһи өлөр-тиллэр туһугар туруулаһан үйэлэри унуордаан, бэл аарыма мамоннар тулуйбатах бары моһоллорун туораан күөҕүнэн чэлгийбит алаастарга ыһыах ыһан, араас омуктардыын бииргэ алтыспыт бары түгэннэрин биир ситиминэн холбоон көрдөрбүт аатырбыт режиссербут АС. Борисов туруоруутун тылынан этиллибэт, илэ хараххынан эрэ көрөн итэҕэйэр дьикти көстүүлэрэ, бииртэн биир солбуллан истилэр. Ол дьикти түгэннэр абылаҥнаах дьэргэлгэннэрин быыһыгар III спортивнай оонньуулар символлара мамонт оҕото үҥкүүлээн, ыллаан сэгэйбитигэр, бэл телевизорынан көрө олорор үстээх-түөртээх бэдиктэр хаба тардан ыланнар тэҥҥэ дьиэрэҥкэйдээн барбыт  умсулҕаннаах хартыыналара улуу омуктар оҕолорун уйулҕаларын хамсатан, үөрүүттэн, сөҕүүттэн ууламмыт харахтар киэһээҥҥи халлааны сырдаппыт көй уоттар дьиримнэригэр кылабачыйан ыллылар. Андрей Саввич Азия оҕолорун бары оонньууларын эрэ буолбакка, республика иһигэр ыытыллар үгүс маассабай тэрээһиннэри туруортаабытын көрбүт эрэ барыта кини баай фантазиятыгар сүгүрүйэр, махтанар.

Эмискэ ол күйгүөн намырыы түһээтин кытта, стадион арҕаа муннугуттан ыраах Дьааҥы хайаларыттан саҕыллан бүтүн республиканы сырдатан кэлбит факеллаах уоту аан дойдуга саамай уһун дистанция чемпионката Татьяна Жиркова күөрэччи көтөҕөн,стадион сүүрэр суолугар сэгэйэн киирэн тула эргийэр уонна Саха сирин бастакы хамаандатын капитаныгар Миша Тимофеевка туттарар. Миша үрдүк кирилиэһи дабайан, стадион үрдүнэн Азия оҕолорун III спортивнай оонньууларын уотун күлүмнэтэ умаппыт сыдьаай саһарҕатыгар тыһыынчанан сарпа-сарадах уоттар киэһэрбит халлаан хараҥа хаймыытын араас өҥүнэн дьиримнэтэн үөрүү-көтүү үрдүк өрөгөйүн түмүктээтилэр. Ол киэһэ умсулҕаннаах иэйииттэн дууһалара долгуйбут Индия оҕолоро түүн кыайан утуйбатахтарын туһунан сарсыарда Индия тренерэ кэпсээбитэ.

     Спорт диэн күлүм-чаҕыл, көр-нар эрэ буолбатах. Сыра-сылба быстар сылаалаах үлэтэ, олох бары көрүнньүк күүгээниттэн, дьалбаа дьаллыктарыттан аккаастаммыт дуулаҕа санаалаахтар, айылҕат- тан айдарыылаахтар маннык үрдүк чыпчаалларга тахсаллар, бар дьон сүгүрүйэр-махтанар сырдык санааларыгар куустараллар. Азия оҕолорун III спортивнай оонньууларын бастакы кыайыытын үрдүк үөрүүтэ Саха сирин оҕолоругар, спортивнай үҥкүүгэ күрэхтэһээччилэргэ Саша Лиллоҕа уонна Рита Хамзаеваҕа тигистэ. Искусство уонна спорт алтыһар бу уустук көрүҥҥэ биһиги оҕолор- бут улахан кыайыыларын, тренердэрэ Нелли Лилло кытта үллэһиннэ. 12-13 саастаахтар бөлөхтөрүгэр биһиги оҕолорбут Денис Артамонов уонна Елена Вахольдер боруонса мэтээлгэ тиксиилэрэ — эмиэ улахан ситиһии.

    Бастакы мэтээллэр оҕолор түөстэригэр чаҕылыйа түһээттэрин кытта, мэһэйдээн турар быһыты тоҕо көппүттүү, мэтээллэр дохсун сүүрүктэрэ бииртэн биир көрүҥҥэ хаһаайыннарын булан лыҥкыныы оонньоотулар. Спорт королеватынан аатырар чэпчэки атлетика күрэхтэһиитэ быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны ахсаан да, састаап даҕаны күүстээҕин көрбүт эрэ бары итэҕэйдэ. Ордук уһулуччу үрдүк көрдөрүүлэри бу көрүҥҥэ ыалдьыттарбыт көрдөрдүлэр. 100 м. сиргэ сүүрүүгэ Кытай оҕото Ван Лей 10,7 сөк. элэстэнэн кэлэн тэҥнээҕин булбата. Устаны ойууга Хабаровскай- тан Антон Филатенков 7 м. 41 см. ойон, үрдүгү көтүүгэ эмиэ Кытай спортсмена 2 миэтэрэни ылан биһиги улахан дьоммут даҕаны ситиспэт түмүктэрин көрдөрөн кыайыылаахтарынан ааттаннылар. Дьон-сэргэ болҕомтотун тарпыт эстафеталарга күрэхтэһиилэргэ 4×100 м. дистанцияҕа Кытай уолаттара, Казахстан кыргыттара кыахтаахтык бастаатылар. 4×400 миэтэрэҕэ уолаттарга эмиэ Кы- тай сүүрүктэрэ кыайдылар, кыргыттарга Казахстан хамаандата инники түстүлэр. Биһиги оҕолор- бут саамай эриһиэхтээх уһун дистанцияларга сүүрүүлэригэр, ыалдьыттарбыт бириистээх миэс- тэлэри бэйэлэрэ үллэһиннилэр. 3000 миэтэрэҕэ Чита кыыһа Катя Карымова бүтэһик миэтэрэлэргэ Кытай кыыһын Юн Лей Бэйи баара-суоҕа биир суотай сөкүүндэнэн куотта. 5000 миэтэрэҕэ турок Мугдат Озтурк утарсааччыларын лаппа баһыйталаата. Чэпчэки атлетикаҕа уопсай түмүккэ 16, ол иһигэр 8 кыһыл көмүс мэтээллээх Кытайдар бастаатылар. Казахстан хамаандата 14, ол иһигэр 6 кыһыл көмүстээх иккис миэстэни ы.ллылар. Турция үһүс миэстэҕэ таҕыста.

     Остуол тенниһигэр Азия омуктара аан дойдуттан бастыҥнарынан биллэллэр. Ааспыт оонньууларга кытайдар суохтара, ол оннугар кореецтар аҥардастыы күннээбиттэрэ. Бу сырыыга кореецтар кэлбэтэхтэр, итинэн кытайдар аҥардастыы аатыраллара буолуо диэбиппит, кыргыттара эрэ кыайыы үөрүүтүн биллилэр. Уолаттарга Индия оҕолоро ордуктарын көрдөрдүлэр.

     Остуол тенниһэ 60-70-с сылларга Саха сиригэр киэҥник тэнийэн, Дальнай Востокка биир бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыппыт. Кэлин кэмҥэ, ордук тыа улуустарын оҕолоро уота-күөһэ суох оонньууллар. Дьиҥинэн. бу хас биирдии оскуола, нэһилиэк аайы сайдыыга кыахтаах оонньууга, анаан-минээн дууһабытын уурбат буоллубут.

   Художественнай гимнастикаҕа Виолетта Ивановалаах буоламмыт быйыл кыайыы үөрүүтүн үгүстүк биллибит. Кыыс биллиилээх тренердэр көмөлөрүнэн үрдүк ситиһиилэргэ тахсарыгар эрэнэ хааллыбыт. Спортивнай гимнастикаҕа Казахстан эдэр спортсменнара Шура Панфилова уонна Садо Бециев түөртүү-биэс кыһыл көмүс мэтээллэри сүгэн-көтө бардылар. Биһигиттэн Ксения Шейю ситиһиилээхтик кыттан многоборьеҕа иккис, биирдиилээн көрүҥнэргэ биир кыһыл көмүс, икки үрүҥ көмүс мэтээллэри ылары ситистэ. Ити курдук күнтэн аайы күрэхтэһии күүрээнэ күүһүрэн, тэгил дойду тэҥнээхтэрэ көрсөннөр ил-эйэ эҥэрдээх сытыы киирсиилэрин көрөөччүлэр дууһаларын туттулар.

    Дуобакка икки хамаандабыт утарсааччыларын утары көрдөрбөтүлэр. Арай бэйэлэрин икки ардыгар күөн көрсүһүүлэригэр иккис хамаанда чиэһин көмүскүүр Стеша Кириллина Европа, Россия чемпионкатын Ира Платонованы хотон көрөөччүлэри сэргэхситтэ. Кини бу кыайыыта биһиги иккис хамаандабыт бастакы миэстэҕэ тахсарыгар сүрүн кылаатын киллэрдэ. Саахыматчыттарбыт бүтэһик икки тур иннинэ 4-6 миэстэҕэ иһэн, бүтэһик турдарга хоттортоон ахсыс-тохсус миэстэҕэ тэбилиннилэр. Саахымакка Кытай хамаандатын оонньооччулара бары дуоскаларга бастааннар, маастарыстыба өттүнэн атыттардааҕар биир төбөнөн үрдүктэрин көрдөрдүлэр. Барыта 25 очкону хомуйан ааспыт оонньуулар кыайыылаахтарын, вьетнамнары, 7.5 очконан хааллардылар. Вьетнам хамаандатыттан 1,5 очконан хаалбыт буряттар үһүс миэстэҕэ таҕыстылар. Саахымакка барыта 19 хамаанда күрэхтэһэн, оонньуулар олус тыҥааһыннаахтык аастылар. Уһун кэмнээх улугуруу кэнниттэн улахан дьоммут быйыл тыыллан-хабыллан тураннар Дальнай Востогу хаардыы хаампыттара. Аны оҕолорбутун өрө тардар сыал-сорук туруохтаах.

     Сайдыылаах омуктар ордук футболу, баскетболу уонна волейболу сэргииллэр. Футболга бүтэ- һик аан дойду чемпионатыгар туроктар бириистээх миэстэҕэ тахсаннар үгүстэри соһуппуттара. Турция футболун историятыгар аан бастаан маннык улахан ситиһиилэммиттэрэ ордук оҕолорун угуйбута чахчы. Ол иһин Азия оҕолорун III оонньууларыгар Турция хамаандата бүтэһик оон- ньуутугар биһиги хамаандабытын 3:0 ахсаанынан хотон кыһыл көмүс мэтээллэри илдьэ бардылар. Ол оннугар биһиги оҕолорбут баскетболга туроктары 72-64 ахсаанынан хотон, ааспыт оон- нъууларга кыайыыларын чиҥэттилэр. Волейболга финалга Индия уолаттарын, кыргыттарын хамаандалара тахсыбыттара. Уолаттара Кытай хамаандатын илистиилээх киирсиигэ 3:2 ахсаанынан хотон өрөгөйдөөбүт буоллахтарына, кыргыттар Приморье хамаандатыгар хоттороннор үөрүүлэрэ быһаҕас курдук көһүннэ.

     Сахалыы атах оонньууларыгар, мас тардыһыытыгар олохтоохтор бастакы миэстэлэри барытын хомуйдулар. Аркадий Дмитриев кылыыга, ыстаҥаҕа уонна үс ыстаныы түмүгүнэн кыһыл көмүс мэтээллэри иилинэн төрөөбүт Майатыгар төнүннэ. Куобахха Сергей Семенов бастаата. Мас тардыһыытыгар бары ыйааһыннарга бастакы-иккис миэстэни бэйэбит үллэһиннибит. Уопсайа спорт национальнай көрүҥнэригэр 10 кыһыл, 10 үрүҥ көмүс, 4 боруонса мэтээллэри сиэппитигэр угуннубут.

    Саха сиригэр спорт сайдыаҕыттан ылата илии илиигэ киирсиилэргэ ордук аатырбыппыт.

Боксёрдарбьгг, тустууктарбыт олимпиада хонууларыгар көҥүл мэччийбиттэрэ, көмүс күлүмүн көрдөрбүттэрэ ыраатта. Кэлэр олимпиадаҕа даҕаны түөрт уолбут түрбүөннээн киириилэрэ, биир эрэ мөлүйүөн киһи олорор Уһук хоту дойдуга сөҕүмэр көстүү. Төһө даҕаны Р.Дмитриев, П. Пинигин, А.Иванов албан ааттарыгар, суон сурахтарыгар билиҥҥи ыччаппытын тэҥнии сатаа- быппыт иннигэр, биһиги кыахпытыгар-холбутугар дьоһуннаах ситиһиилэрдээхпитин билиниэххэ наада. Аҕыйах сыллааҕыта диэри үөйбэтэх- ахтыбатах даҕаны көрүҥмүтүгэр, тхеквондо диэн тэбэн баран кэлээр диэбит киирсиилэригэр алта кыһыл көмүс мэтээли ылбыппытыгар, бу киирсиилэр уйалара буолбут кореецтар көрөн баран улаханнык кыһыйдылар. Аныгы сырыыга анаан-минээн хамаанда аҕалан дьиҥнээх кыаххытын тургутан көрүөхпүт диэх курдук буоллулар.

Дзюдо аан дойдуга киэҥник тэнийбит, олимпийскай программаҕа бигэтик олохсуйбут, дьоп- пуоннар үөскэппит көрүҥнэрэ. Аны оҕолорбут хотторон кэбиһэннэр ааппыт-суолбут алдьаныаҕа дииллэрэ дуу, үс оонньуу тухары бэйэлэрэ кэлбэтилэр. Кинилэр оннуларыгар кореецтар аҥар- дастыы аатыран бардылар. Бу сырыыга даҕаны 8 кыһыл көмүс мэтээли ыланнар уопсай мэтээллэ-

рин улахан аҥарын мантан хомуйдулар. Кырдьык, киһи эрэ көрө олоруон курдук эрчимнээхтик, эл- бэх албастары туттан киирсэллэр. Саха сирин дзюдоистара ааспыт сырыыга икки кыһыл көмүһү илиибитигэр тутан хаалбыппыт. Бу сырыыга түөрт кыһыл көмүстэнэн үөрүүбүт балачча үрдээтэ.

Азия оҕолорун спортивнай оонньууларыгар састаап даҕаҥы, кыттааччыта элбэҕинэн да бокс уонна көҥүл тустуу саамай хатыһыылаах, биһирэнэр, дьон-сэргэ кутун-сүрүн уйгуурдар көрүҥнэринэн буолаллар. Боксаҕа бүтэһик финальнай киирсиилэр циркабыт саҥа дьиэтигэр ыытыллан күүрээн- нээх көрсүһүүлэри өссө киэргэттэ. Саха сирин боксердара Семен Степанов, Андрей Павлов, Азамат Калмаматов, Михаил Тарасов, Кирилл Исаев, Роман Топорков бастааннар бу көрүҥҥэ Георгий Балакшин, Бато Ванкеев курдук олимпиецтарбытыгар эрэллээх солбуйааччылар үүнэн иһэллэрин көрдөрдүлэр. Казахстан күүстээх хамаандата түөрт кыһыл көмүс мэтээли ылан сүргэтэ көтөҕүлүннэ. Икки ыйааһыҥҥа кореецтар бастааннар илии тутуурдаах хааллылар. Олимпийскай оонньууларга ордук улахан суолта кыһыл көмүс мэтээли ылбыттарга бэриллэр. Олимпийскай чем- пион аата үйэ-саас тухары сүппэт, билиҥҥи кэм спордун саамай үрдүк наҕараадата буолар.

    Күүтүүлээх көҥүл тустуубут, оонньуулар бүтэһик күннэригэр “Эллэй Ботур” муус ды- барыаһыгар ыытылыннылар. Көрүөн баҕалаах бары баппатаҕын иннигэр, телевизорынан быһа

биэриилэри тэрийэн республика бары олохтоохторо дуоһуйа-астына көрбүт буолуохтаахтар. Быйылгы Азия оҕолорун оонньууларыгар Корея, Монголия, Турция, Казахстан курдук аан дойдуга анньыһар бөҕөстөөх дойдулар эдэр тустууктара, ону таһынан Бурятия, Тыва, Красноярскай күүстээх бөҕөстөрө кэлбиттэрэ күрэхтэһиини олус сытыырхатта. Эрдэлээн эттэххэ. урукку өттүгэр улахан ааттаах-суоллаах тустууктарынан биллибэтэх, Индия эдэр тустууктара сиппит-хоппут хапсыһыылары көрдөрөннөр үс кыһыл көмүс мэтээлбитин ылан барбыттара соһуччу буолла. Ааспыт оонньууларга Корея тустууктарыгар лаппа баһыйтарбыппыт. Бу сырыыга кыра ыйааһыннарга сүрүннээн эмиэ кореецтарбытын кытта иэмэх мастыы эрийистибит. Би- һиэннэриттэн Витя Лебедев (42 кг), Кеша Иннокентьев (54 кг), Рома Панин (63 кг) бастаабыт буоллахтарына, Кореяттан Якг Кел Ил (46 кл уонна Рйом Джонг Мии чемпионнааннар биһиги ордук курдук көһүннүбүт. Монголлар эмиэ икки ыйааһыҥҥа бастааннар, туроктар, буряттар, казахтар үстүү-түөртүү бириистээх миэстэҕэ киирсибиттэрэ чахчы тэҥ баайыылаах тустууктар түмсүбүттэрин көрдөрдө. Маннык күүстээх састааптаах, хатыһыылаах хапсыһыылардаах эрэ күрэхтэһиилэр дьиҥнээх тустууктары иитэллэр Киһи кэрэхсиир, хайгыы көрөр тустууктара ха- маанда аайы бааллар, олортон ордук чорботон Кеша Иннокентьевы бэлиэтиэҕи баҕарыллар.

   Быһа этэн кэбиспэтэрбит даҕаны, чахчы улахан тустуук тахсар чинчилээх бөҕөс. Туттара-хаптара холкута, биир даҕаны сыыһа хамнаныыны оҥорбокко утарсааччытын албастарын уруттаан иһэринэн кэрэхсэттэ. Корея күүстээх бөҕөһүн Син Джонг Чолу киирэ түһээт түөрэх ыытан, эттэн көбүөргэ икки саннын хаптаҕайынан эрэн, үчүгэй тустууну көрүөхпүт диэн кэтэспит ыалдьааччыларын астыннарбакка олус дөбөҥнүк кыайда. Бэл, кыра даҕаны мөккүөрдээх түгэннэргэ соттордорунан далбаатаммыттарынан хамсаабакка даҕаны хааллылар, хотторууларын илэ чахчы билиннилэр. Итинник тустар эрэ буоллаххына биһиги бөҕөстөрбүт Дагестан,  Осетия тустууктарын халыҥ халҕаһаларын көтөн тахсар кыахтаахтар. Биир бэйэм бу тустууга ылбыт биир кыһыл көмүс мэтээлбитин сорох-сорох көрүҥнэр үс даҕаны кыһыл көмүс мэтээллэригэр атастаһыам суоҕа этэ. Эбэтэр бу бокс, тустуу күрэхтэһиитигэр кыайыы олимпийскай үрдэллэргэ тахсар далаһабыт буоларын Георгий Балакшин, Леонид Спиридонов илэ бэйэлэринэн көрдөрдүлэр.

    Олимпийскай идеаллар аһыныгас амарах санааны өрө туталларын бэлиэтинэн хас биирдии олимпиада кэнниттэн инбэлииттэр олимпиадаларын булгуччу ыытыылара буолар. Ол сырдык санааны олоххо киллэрэн, айылҕаттан кыахтара бохсуллубут оҕолорго анаан туспа пауэрлифтинг диэн спорт уустук күрэхтэһиитин бу III оонньууларга аан бастаан ыыттыбыт. Бу көрүҥҥэ 14 хамаанда кыттыбыта, атын даҕаны уобаластарга кыһалҕалаах оҕолорго кыһамньы, болҕомто уурулларын көрдөрдө. Кыһыл, үрүҥ көмүс мэтээллэр чаҕыл кыымнарыттан төһө даҕаны үөрбүттэрин иннигэр, бу күрэхтэһиигэ кыттыбыт хас биирдии оҕо бэйэтин Азия бастыҥ спортсмен оҕолорун кытта тэҥҥэ тутан санаалара күүһүрбүтүн, олоххо эрэллэрэ уон төгүл үрдээбитин ханнык даҕаны мэтээлгэ тэҥниэххэ сатаммат. Оонньуулар үөрүүлээх аһыллыыларыгар уонна сабыллыыларыгар инбэлиит көлөөскөтүгэр үтүллэ сылдьар бу оҕолор үөрбүт сырдык мөссүөннэрин көрбүт киһи, ама бу оонньуулар туһата суохтар диэн тыла тахсыаҕын санаабаппын. Үөһэ халлааммытыгар үрдүк айыыларбыт баар буоллахтарына, кинилэр арчылыыр, абырыыр харахтарын көстүбэт утахтара Туймаада хочотун дьоллоох түһүлгэтигэр туһуламмытыгар саарбахтаабаппын.

     Олимпийскай оонньууларга хамаанданан официальнай түмүк оҥоһуллубат. Ол эрээри ким хайдах кыттыбытын, төһө үчүгэй түмүктээхтик күрэхтэспиттэрин официальнайа суох ааҕан көрөөччүлэр. Азия оҕолорун үһүс оонньууларын спортивнай түмүктэрин ырыҥалаан көрдөххө, Саха сирин бастакы хамаандата 36 кыһыл көмүс, 33 үрүҥ көмүс, 17 боруонса мэтээллээх инники күөҥҥэ эрэллээхтик таҕыста. Казахстан хамаандата 28 кыһыл, 15 үрүҥ көмүс, 18 боруонса мэтэ- эллээх ааспыт II оонньууларга көрдөрүүлэрин икки бүктэн ордук ааһа түстүлэр. Кытайдар 14 кыһыл, 9 үрүҥ, 3 боруонса мэтээллээх дойдулаатылар.

    Оонньуулар түмүктэнэн бүтэһик киэһэҕэ мустубут, оҕолорбут омуктарынан, хамаандаларынан арахсыбакка, бука бары бииргэ стадион күөх хонуутугар кутуллан киирбиттэригэр олимпийскай идеаллар сүрүн өйдөбүллэрэ – эйэ, доҕордоһуу өрөгөйдөөһүнүн тыыннаах туоһуларыныы көрдүлэр. Манна хотторбуттар суохтар, кинилэри аан дойду үгүс омуктарын кытта бииргэ түмэр күүс Саха сирин спортивнай ареналарыгар, ырыалаах-тойуктаах болуоссаттарыгар арахсыбат сырдык ситиминэн холбообутунан дьоллоохтор.

     Олимпийскай чыпчааллар үрдүк үрдэллэрин элбэхтик дабайбыт, аан дойду үрдүнэн аатырбыт- сураҕырбьгг бүтүн Россия киэн туттар дьоно, күндү ыалдьыттарбыт Ирина Роднина, Тамара Быкова, Илья Авербух, Ирина Лобачева, Татьяна Сарычева уо. д. а.: “Биһиги оҕо сааспытыгар маннык спорт кэрэ бырааһынньыктара суохтар этэ”, – диэннэр ымсыыран, ахтан аһарбыттара элбэҕи этэр.

    Оонньуулар түмүктэниилэригэр республика Президенэ В.А. Штыров: “Азия оҕолорун спортивнай оонньуулара олимпийскай идеалларга олоҕуран ыытыллаллар. Биһиги оонньууларбыт кыырпаҕа суох ыраас, наркомания, коррупция сыстыбатах сырдык сыдьаайдаахтар, олимпиадалар аан бастаан олохтоммут сүрүн идеяларын өрө туттубут”, – диэбитэ. Бу ааспыт Азия оҕолорун үһүс спортивнай оонньууларын аал уота умуллан, быйылгыттан ылата бастайааннай миэстэтигэр, Тымныы полюһугар, ыраах Дьааҥы хайаларыгар аттанна.

     Спорт сайдыытын балысхан сүүрүгэр тэҥҥэ олорсор иннигэр, бүгүн сарсыҥҥыбыт туһугар хас биирдии спортсментан,тренертэн аныгы методиканы туһанан, кыалыннаҕына уруттаан даҕаны күүскэ үлэлээтэхтэринэ Азия оҕолорун Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуула- рын чаҕыл уота өссө үрдээн, сырдаан көстүөҕэ.

Степан ЮМШАНОВ.

Чолбон. -2004. – №8