АҔЫЙАХ ТЫЛ
Айар тыл аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй 1916 сыллаахха Бодойбоҕо сылдьан суруйбут «Василий Фомич Артамоновка» айымньытыгар:
Дьоһуннаах толуу ааккыт
Хочоттон хочоҕо диэри,
Олорор дойдубут уһунун тухары
Ороһу оҕо дьон
Тойуга буолуохтун,
Саргылаах талыы ааккыт
Саас-үйэ тухары,
Саха омук сааһын устатыгар
Саҥа ыччат кыргыттар
Салпат ырыаларыгар буолуохтун!
– диэн алҕаан суруйбут. Бу хоһоон суруллубут төрүөтэ – 1916 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр Г.В. Никифоров, С.П. Барашков, В.Ф. Артамонов уонна Д.Ф. Кириллин биир дойдулаахтарыгар Илин Хаҥалас кыаммат-түгэммэт ыалларын оҕолоругар Дьокуускай куоракка пансион тутар санааламмыттара буолбут. Ити ааттаммыт үтүө санаалаах дьонтон В.Ф. Артамонов диэн кимий?
Василий Фомич Артамонов–Өрө Тэбэр Бааска бэйэтин кэмигэр Дьокуускай уокурукка балай да биллэр-көстөр киһи диэххэ сөп. Национальнай архыыпка баар матырыйааллартан көрдөххө, кини 1872 сыллаахха II Дьөппөн нэһилиэгэр төрөөбүт. Ону туоһулуур хас да докумуон баар. Холобура, 1901 сыллаахха киниэхэ бэриллибит пааспарга (ити саҕана киһи эрэ пааспардаммат, кини атыыһыт буоларын быһыытынан биир сыллаах болдьоххо бэриллибит) …инородцу Восточно-Кангаласского улуса 2-го Жемконского наслега Василию Артамонову: уволен в разные города и селения Российской империи по 18 августа 1902 г. Вероисповедание православное, 28 лет, род занятий – торговля, состоит в браке диэн суруктаах. Эбэтэр Дьокуускайдааҕы (Градо-Якутскай) Николаевскай таҥара дьиэтин метрикэлии кинигэтигэр 1894 сыл муус устар 29 күнүгэр эр-ойох буолуу туһунан сурукка маннык суруллубут: ...родович 2-го Жемконского наслега Восточно-Кангаласского улуса Василия Фомина Артамонова, первым браком, 22 года и девица 1-го Нахаринского наслега Марии Ивановой Константиновой, первым браком, 19 лет. Бу икки чахчыттан сиэттэрэн, Василий Фомин 1872 сыллаах төрүөх, билиҥҥи Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөнүттэн төрүттээх буолар. Маны таһынан, 2-с Дьөппөн нэһилиэгин Хачыкааттааҕы таҥара дьиэтин исповедальнай роспиһыгар (таҥара дьиэтигэр айыы этиитигэр сылдьар дьону бэлиэтиир сурунаал) Василий Артамонов Мытаах аҕатын ууһун иһинэн суруллубут, кинини кытта Василий Рожин диэн 36 саастаах убайдааҕа ыйыллыбыт.
1904 сыллаахха мировой судьуйаҕа үҥсүү суругар Дьокуускай куоракка Клубнай уулуссаҕа Иван Зосимович Березкин дьиэтигэр олоробун диэбит. Онтон 1909 сыллаахха Анна Ивановна Громоваттан харчы иэс ыларыгар Дьокуускай куоракка Береговой уулуссаҕа турар дьиэтин солуок уурбут. 1910 сыллаах Дьокуускай куоракка олорор дьиэлээх сахалар испииһэктэригэр Василий Фомич Артамонов үс олорор квартиралаах диэн суруллубут. 2009 сыллаахха Өксөкүлээх Өлөксөй «Ырыа-хоһоон» кинигэтин маҥнайгы томун 555-c сирэйигэр маннык ааҕабыт: Кини (А.В.Ф.) Дьокуускайга Набережнай уулуссаҕа уонна Глухой (Орлянскай) переулокка турар дьиэлэрдээх этэ. 1926 сыллаахха от ыйын 9 күнүгэр Василий Фомич кэргэнэ Мария Ивановна оччотооҕу САССР Ис дьыалатын наркомунан үлэлии олорор Р.Ф. Кулаковскайга Глухой переулокка турбут, судаарыстыба суотугар барбыт дьиэтин-уотун төнүннэрэллэригэр көмө көрдөөн сайабылыанньа түһэрбит. Итинэн көстөрүнэн, 1904 cыллаахха Артамоновтар Дьокуускай куоракка дьиэ куортамнаан олорбут буоллахтарына, 1919 сыллаахха бас билэр икки дьиэлээх эбиттэр.
Василий Артамонов сүрүн дьарыга – атыы-эргиэн. Национальнай архыыпка ону туоһулуур аҕыйах докумуон баар. Бастакытынан, 1901 сыллаахха киниэхэ бэриллибит пааспарга дьарыга атыы-эргиэн диэн сурулла сылдьар. Иккиһинэн, 1904 сыл атырдьах ыйын 11 күнүгэр суруллубут мировой судьуйаҕа көрдөһүүтэ. Онно бэйэтин атыыһыппын диэбит.
Бу киһи тугунан эргинэр эбитий диэн ыйытыыга хоруйдуур докумуоннар эмиэ бааллар. 1914 сыллаахха кини аатыгар суруллубут «Промысловое свидетельство на торговое предприятие второго разряда» диэн докумуон баар. Наименование торгового предприятия: розничная торговля диэн суруллубут. Иккис разрядтаах сибидиэтэлистибэ сылга 50–300 тыһыынча солкуобай эргиирдээх тэрилтэлэргэ бэриллэр эбит. Ол эбэтэр Артамонов маҕаһыыннаах буолуохтаах диэн сэрэйэбит. Кини 1914 сылтан 1917 сылга диэри бастаан Дьокуускай уокуруктааҕы суутугар, онтон Иркутскай суут палаататыгар «Н-ки А.М. Кушнарева» атыы дьиэтин кытта сууттаспыт докумуоннарыттан көрдөххө, үксүн түүлээҕинэн уонна сэлии муоһунан эргинэр эбит. 1919 cыллааҕы накладной докумуоннартан көрдөххө, Артамонов Дьокуускайтан Хаһааччыйаҕа биэс уонтан тахса буут ыйааһыннаах мануфактура (таҥас тигиллэр матырыйаалын) ыыппыт. Өссө кини 1919 сыллаахха Алексей Васильевич Артамонов аатыгар атыы-эргиэн ыытарга мэктиэ сурук халларбыта баар.
Өксөкүлээх Өлөксөй 1916 сыллаахха «На якутов не угодишь» диэн улахан ыстатыйатыгар Артамонов 150–200 тыһыынча үптээх диэбитэ баар. Бу ыстатыйа Г.В. Никифоров, С.П. Барашков, В.Ф. Артамонов уонна Д.Ф. Кириллин Илин Хаҥалас кыаммат-түгэммэт ыалларын оҕолоругар Дьокуускай куоракка пансион тутар санааламмыттарын үгэргээбит дьону сэмэлиир ис хоһоонноох. 1917 сыллаахха ахсынньы 18 күнүгэр суруллубут көрдөһүү сурук Национальнай архыыпка хараллан сытар. Бу сурукка үөһэ ааттаммыт Илин Хаҥалас улууһун дьоно тутуллубут пансион дьиэтин уезд земствотын бас билиитигэр ылалларыгар көрдөспүттэр уонна 1917 сыллаах өрөбөлүүссүйэ түмүгүнэн тахсыбыт уларыйыылар мэһэйдээн пансион ситэриллиэхтээҕин уонна 1918 cыл күһүнүгэр арылларын мэктиэлээбиттэр.
Былаас уларыйыытын иннинээҕи кэми сэгэтэн көрөр буоллахха, Василий Фомич ити саҕанааҕы саха бастыҥ дьонун өйүн-санаатын тэҥҥэ үллэстэн, сахалар бастакы национальнай сомоҕоһууларыгар – «Сахалар сойуустарыгар» кыттан, киин кэмитиэтин чилиэнигэр кандидатынан талыллан, Россия миниистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр граф Витте аатыгар телеграммаҕа илии баттаһан, 1906 cыл тохсунньу 19 күнүгэр сойуус атын чилиэннэрин кытта хаайылла сылдьыбыт.
Василий Фомич куорат уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар эбит, ол курдук кини маҥнайгы сахалыы драма айымньылара туруутугар үлэлэспит. Ону туоһулуур хаартыска Ем. Ярославскай аатынан Саха судаарыстыбаннай музейын хаартыскатын фондугар хараллан сытар. Бу П.А. Охлопков–Наара Суох «Бэриэт Бэргэн» олоҥхотунан испэктээги куорат баһаарынай хамаандатын дьиэтигэр В.В. Никифоров–Күлүмнүүр иилээн-саҕалаан 1906 сыллаахха туруорбута биллэр. Ити икки чахчыга олоҕуран, Артамонов уонна Күлүмнүүр чугастык билсэр дьон эбит диэххэ сөп.
Василий Фомич – меценат. Национальнай архыыпка Илин Хаҥалас түөрт бастыҥ олохтооҕо Дьокуускай уезд земствотын гласнайдарын сийиэһин аатыгар көрдөһүүлэрэ баар. Онно сахалар үөрэх өттүгэр улахан хаалыылаахтарын учуоттаан уонна үөрэх саха араҥатыгар киэҥник тарҕанарын сыал оҥостон Дьокуускай куоракка уокурук кыаммат ыалларын оҕолоругар анаан интернат туппуттарын земство бас билиитигэр ылалларыгар көрдөспүттэр.
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэннэ буолбут уларыйыылары этинэн-хаанынан билэн, доҕоро Г.В. Никифоров–Манньыаттаах Уолун кытта 1919 сыл ахсынньы 14 күнүгэр төрөөбүт дойдуларыттан кый бырах барбыттарын туһунан лингвист Семен Андреевич инитигэр Андрей Новгородовка суруйбут. Артамонов атыыһыт Гражданскай сэрии будулҕаннаах сылларыгар А.Н. Пепеляев генерал Саха сиригэр кимэн киириитин үбүлээбит дьон кэккэтигэр баара ахтыллар. Василий Фомич Кытайга Харбин куоракка тиийбит уонна 1923 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр ыалдьан өлбүт.
Петр Федотов «Чолбон» сурунаал 2023 сыл №10