Саас халлаан ылааран, тулалыыр барыта дьэҥкир таастыы ырааһыран, чэбдигирэн турар кэмэ. Биһиги бөлөхпүт икки УАЗ массынанан Бүлүү эбэ дэхси мууһун устун хоммут бөһүөлэгиттэн, аҕыс көстөөх сиргэ айаннаан иһэр. Мин массыына кэлин олбоҕор соҕотох түбэһэммин, хата уһун суолга утуйан абыраныам диэн, тулуупка сууланан сытардыы тэринэн эрдэхпинэ, массыына «хорус» гына тохтуу түстэ. Суоппар уол кимниин эрэ ордуос соҕустук тыл быраҕыста. Онтон: «Чэ-чэ, кэннигэр биир миэстэ баар, түргэнник олоро оҕус», – диэтэ. Утуйан бүттэҕим ити. Массыына аана аһыллыбытыгар, бүтүннүү кырыаны бүрүммүт Сээркээн Сэһэн курдук сэксэйбит бытыктаах, бобо баайыллыбыт эргэ үрүксээктээх, мас тайахтаах, сэттэ уончалаах оҕонньор киһи көһүннэ. Кырдьаҕас тэпсэҥнээмэхтээн баран сааһыгар холооно суох сымсатык, үөрүйэхтик даҕаны диэххэ сөп, ойон тахсан мин аттыбар олорунан кэбистэ. Тута ыалга киирбит киһилии үтүлүгүнэн кырыатанан баран түүлээх бэргэһэтин устан, күлээри гыммыт курдук аһаҕас хараҕынан миигин уун-утары көрдө уонна эйэргээбиттии: «Хайаларын оҕотоҕун, тоойуом?» – диэн сымнаҕыыс баҕайытык ыйытта. Ким оҕото буоларбын таайа сатыыр быһыылаах, сааскы тыалтан кытарбыт киэҥ хараҕа чыпчылыйбат даҕаны.
– Маннааҕы буолбатахпын, Таатта сириттэн төрүттээхпин, – диэтим.
– Ол иһин даҕаны. Бу эҥээрдэргэ майгыннаабаккын ээ. Таатта диэн улуу дойду диэн кэпсииллэрэ. Саха үтүө дьоно уутуйан төрөөн-үөскээн ааспыт сирдэрэ. Истэн-билэн бөҕө буоллаҕа дии, – оҕонньор сөптөөх харданы ылбыттыы тиэрэ хайыһан массыына түннүгүнэн элэҥниир суол кытыытын аахайбатахтыы көрүөлүүр. Онтон, өрө тыынан баран суол хоту нөрүйдэ. Хараҕын кырыытынан миигин көрө охсон ылла уонна тугу эрэ өйдөөн кэлбиттии, эмиэ даҕаны сэрэхэчийбиттии, уйуһуйбут хараҕын миэхэ туһулаан одууласта. Мин, кырдьаҕас киһи тонолуппакка одуулууруттан симиттэн тиэрэ хайыстым.
– Тоойуом, баалаама, эн төрөппүттэриҥ антах олохтоох дьон этилэр дуу, кэлиилэр этэ дуу? – титирэстээн ылар куолаһыгар долгуйуу биллэр.
– Олохтоох дьон этилэр. Эн таатталартан кими эмэ билэр этиҥ дуо? Ыйыт ээ, баҕар, истэр-билэр киһим буолуо.
– Эс, суох, көннөрү ыйытабын. Дьикти баҕайы, эн биир киһиэхэ наһаа майгынныыгын, баҕар аймаҕа буолуо диэн… Ол киһи былыр суох буолбута, арай балта ханна эмэ тиийбитэ эбитэ дуу?! Дьэ, туора киһи туора киһиэхэ майгынныыра диэн, дьикти буолар эбит… – оҕонньор саҥардаҕын ахсын сыҥааҕа эйэҥэлиир, чахчы дьиктиргээбит көрүҥнээх.
– Уйбаанчык, кыыһы моһуоктаама, атын, Дьокуускайтан кэлбит артыыска дии. Эн былыр үйэҕэ өлбүт бодоруугаҕар майгынныырыгар саарбахтыыбын. Тоҕо эмиэ солуута суох олуйсан хааллаххыный?! Айан бөҕөтүн айаннаан сылайан иһэллэр, сынньанаары гынара буолуо, мээрилээмэ, – суоппарбыт бу улууһу биир гына биһигини тиэйэн гастроллаппыт буолан, артыыс сыралаах үлэтин этинэн-хаанынан билбитэ, онон кырдьаҕас миэхэ иҥнибитин сөбүлээбэтэ.
– Ээ, ол иһин ырбыт-сылайбыт көрүҥнээх эбит дии, сынньан-сынньан тоойуом, мин лахсыйыыбар кыһаллыма.
– Айан кэпсэттэххэ биллибэккэ хаалааччы, кэпсиир буоллаҕына кэпсээтин ээ.
– Оо, көр эрэ, куоластыын майгынныыр, тоҕо баҕас дьиктитэй! – оҕонньор эмискэ хараҕа дьэҥкир уунан туолла уонна «өссө туох буолар?» диэбиттии, миигин иччилээх хараҕынан батары көрдө. – Тоойуом, эн миэхэ кыһаллыма, сынньан. Мин хайдах эрэ сааһым тухары сүрэҕим ытарҕата оҥостубут доҕорбун көрсүбүт курдук сананным, ол иһин даҕаны бэрт үчүгэй, ылаар күн үүммүт эбит. Эбэтэр сотору айаннаары гыннаҕым дуу? Оннук буоллар бэрт этэ, сөбүн… – диэн иһэн хараҕын уутугар харбыкка дылы, хаҥнан хаалла. Сотору уоскуйда уонна кырдьык дуу, сымыйа дуу диэбиттии миигин одууласпахтыыр, баһын быһа илгистимэхтиир.
– Ким туһунан этэҕин кырдьаҕа-ас, хата кэпсээ эрэ, – иннигэр олорор мин биир идэлээҕим көрдөһөрдүү этэр.
Ону эрэ күүтэн олорбуттуу Уйбаанчык көхсүн этиттэ.
Онуоха:
– Ээ, бу оҕонньор куруук биир пластинканы эргитэр. Ааспыкка, улуус үөрэх салаатыттан тахсан иһэр икки дьахтары тиэйэн истэхпинэ олорсон баран, уһун суолу быһа урукку тапталын кэпсээн тахсыбыта. Бука, ол ырыатын ыллаары гыммыта буолуо?! Салгыбата бэрт ээ. Кини Лаанатын туһунан номоҕу бу дойду суоппардара бары билэллэр, – суоппарбыт сөбүлээминэ хадьардаһар. – Онно биир кыыһы эмиэ Лаанабар майгынныыгын диэбитиҥ дии, хайаан бары хаама сылдьар Лааналарга кубулуйбуттарай? Саас чахчы кэлэн эрэр быһыылаах, – сиэркилэтинэн оҕонньору «бүт!» диирдии кытаанахтык көрөн ылан баран, кыыһырбытын биллэрэн, эрчимнээхтик массыынатын тиэтэтэн атын скороһы холбуур.
Оҕонньор кымаардаан да көрбөт, үөрүйэхтик бытыгын имэриммэхтээн ылар уонна кэпсээнин саҕалыыр.
– Кини Лаана, Саргылаана диэн этэ. Үүт-үкчү бу кыысчаан курдук төгүрүччү көрбүт ньыламан маҥан намчы сирэйдээх, үрүҥ көмүс ньуоска угунуу синньигэс көнө муруннаах, санаарҕаабыттыы сып-сырдыгынан сандаарыччы көрбүт харахтаах, куруук кэтэҕэр кичэллик хомуллубут хойуу баттахтаах, ньуолах от курдук наһаа нарын-намчы барахсан этэ. Мин, куруук, ити кини төбөтүн иһигэр тугу саныы сылдьара буолла диэн таайа сатыырым. Туох эрэ куйаар кистэлэҥин ырыҥалыы сатыырдыы, боччумуран ырааҕы одуулуу олордоҕуна, мин кинини ол санааларыгар кытта күнүүлүүрүм. Саргылаана Агыытабына ханнык эрэ киин улуустан төрүттээх, Угаарап учуутал кэргэнэ этэ. Кинилэр биһиэхэ куораттан ананан үлэлии кэлбиттэрэ. Мин оччолортон булчуппун. Биирдэ, эмиэ маннык сааскы күн туһахтарбын кэрийэн истэхпинэ, суолга, кинигэ бөҕөтүн тиэммит, тулууп сонунан сирэйдэрин-харахтарын көстүбэт гына бүрүммүт икки киһини олордон, сыарҕалаах аттаах киһи ситэн ааста. Саҥа учуутал кэлиэхтээҕин нэһилиэк барыта билэр-истэр, онон кини истэҕэ диэн солуну кэпсии охсоору дьиэбэр тэбинним. Ол чахчы кинилэр этэ. Оччолорго биһиги оскуолабыт ити уруккута Өлөөчөй Баай дьиэтигэр баара. Аҥаарыгар саҥа кэлбит учууталлааҕы олордоору бэлэмнииллэрэ.
Сарсыҥҥытыгар, биһиги саҥа учууталлааҕы билсээри бары Сэбиэт дьиэтигэр муһуннубут. Арай Сэбиэт хоһун аана аһыллыбытыгар өҥөс гыммытым, мин көрдөхпүнэ аһары мааны, биһигиттэн адьас атын таҥастаах-саптаах эдэркээн баҕайы уоллаах кыыс олороллор. Уол мэһэйдии олорор буолан, кыыс сото уҥуоҕунуу сип-синньигэс моойун уонна кэтэҕэр халаачыктыы эриллибит хойуу баттаҕын эрэ көрдүм. Уол буоллаҕына, уһун дыраҕар атаҕын туора быраҕан, ханан даҕаны быыл сыстыбатах хара бинсээгин иһинэн кэппит кумааҕы маҕан ырбаахытын бэлэнньигэ быган, сыҥаах баттанан, килбэлдьигэс хара баттахтаах төбөтүн өйөөн ойоҕоһунан буолан олорор. Сирэйэ көстүбэт. «Чэ киириҥ-киириҥ», – диэн Сэбиэт Ыстапаана ыҥырбытыгар бары суккуллан киирдибит. Утары турар мас лаабыстарга олорон баран, учууталлааҕы дьэ табыгастаахтык көрдүбүт. Оо, барахсаттар, бу үчүгэйдэрин, ыраастарын, мааныларын! Биһиги, уолаттар, биллэн турар, бастаан харахпыт кыыска хатанна. Нап-нарын, муус маҥан кыракый илиитигэр чараас сыҥааҕын өйөөн, симиттибиттии кыҥначчы туттан, сиртэн-буортан тэйбит курдук наһаа кэрэ барахсан «бу туохха түбэстим» диэбиттии, өгүрүк-төгүрүк хараҕынан, биһиги сирилиспит-бурулуспут сирэйдэрбитин сэрэхэчийбиттии көрөөмөхтүү олороро. Мин, кинини көрөөт, сүрэҕим туһахха иҥнибит хабдьы курдук тилигирии мөхсүбүтэ.
«Билсэн кэбиһиҥ, бу биһиги оскуолабыт саҥа дириэктэрэ Матвей Иванович Угаров уонна кини кэргэнэ, биэлсэр, Саргылаана Агитовна Угарова. Кинилэри манна Дьокуускай куораттан анаан ыыттылар», – диэн этииттэн мин кулгаахпар «кэргэнэ… кэргэнэ» эрэ диэн тыл хатыылаах от курдук хатанан хаалла. Бэйэм даҕаны дьиктиргиэм иһин, күнүүлүү саныы-саныы учууталы көрө түспүтүм, хайдах эрэ Лаанаҕа бэйэтигэр майгынныыр ыраас хааннаах, уоһун үрдүгэр кичэллик кырыллыбыт синньигэс бытыктаах, үөрэхтээх-үөрэхтээх курдук уһун синньигэс тарбахтарынан сэҥийэтин өйөөн, хойуу хара хаастарын аннынан холку, киэҥ биилээх хараҕынан биһигини боччумнаахтык одуулуу олорор, сахаҕа олус кэрэ дьүһүннээх киһини көрөөт, бэйэбин сэнэнэн сүрэҕим кыланан ылла. «Бачча бэйэлээх кыыс интэн итэҕэс эрдээх буолуо дуо?» диэн хайдах эрэ санаам олус холунна.
Таптал диэн сүрдээх күүстээх буолар эбит. Мин онно бастакы уонна тиһэх тапталбын Лаананы көрсүбүтүм. Кинини төһө даҕаны кэргэннээх диэбиттэрин үрдүнэн, туох баар миигин тулалыыр, эмискэ барыта биирдэ сүппүтэ. Аҥардас кини эрэ минньигэс мичээрэ, таабырыннаах хараҕа, ууруурга-сыллыырга эрэ ананан айыллыбыкка дылы обуйукаан уостара, имэҥнээхтик имэрийиэх имигэс илиилэрэ, уонна… уонна… чэ, барыта кини эрэ умсулҕана өйбүн-санаабын баһылаабыта. Онно олорон кутааҕа былдьанан эрэрдии, туох баар этим-сииним барыта умсулҕан уотун ортотугар буола түспүтэ. Кини хас саҥарбыт саҥата мин кулгаахпар имэҥ сипсиэрэ буолан иһиллэр курдуга. Оннук киһи киһини көрө түһээт ымсыырар, баҕарар, эттиин-хаанныын таттаран ыра оҥостор буолар эбит. Ол саҕаламмыт төрүөтэ сүрдээх кыра этэ. Кини мин чыпчылыйбакка одуулуу олорорбун соһуйбуттуу көрөөт, тоҕо эрэ тэтэр гынан ылбыта, бука мин санаабын таайбыта эбитэ буолуо. Оо, кини хайдах таайбат буолуой мин хайдахтаах курдук кутааҕа умайа олорорбун? Таайдаҕа дии, сэгэртэйим сыыһа… – диэт, оҕонньор сыҥсыйбахтаан ылла. Кини биһиги баарбытын олох даҕаны умнан, оччотооҕу Лаанатын эрэ килбик мичээрин санаатын иһигэр тилиннэрэн, ол сылаас иэйиитин сыралыгар куустаран олороро. Биһиги мэһэйдээбэтэхпит.
– Ол күнтэн мин утуйар уум көппүтэ. Тугу даҕаны гыныахпын баҕарбаппын, кинини эрэ көрүөхпүн ыраланабын. Ити курдук икки эрэ күн тулуйдум. Туох даҕаны соруга суох эрээри кинигэ уларсыбыта буолан оскуолаҕа тиийдим. Лаана суох буолан биэрдэ. Мин ыарыылаахтык кымаахтыыр түөспүн ыга туттан уулусса устун ээл-дээл хааман истэхпинэ, арай уун-утары Лаанам бу дугуйуктанан иһэр эбит. Чэбдик салгынтан тэтэрэ кыыспыт сирэйигэр ханна даҕаны көрсүбэтэх кэрэ мичээрим олорбут. Кини халыҥ суккун сонун нөҥүө ордук умсулҕаннаахтык төгүрүйбүт түөһэ, курунан ыга тардыммыт синньигэс биилэ миигин бүтэһиктээхтик аймаан бу тиийэн кэллэ. Мин, били, көрүстэхпинэ этиэх буолбут санаам барыта сүтэн хаалла, ол оннугар акаары киһи курдук ыппайа-ыппайа умса туттан ааһа турдум, куоттум… Бэйэм баҕабыттан бэйэм кыбыстарым, кини миигин хаһан бэйэтигэр тэҥниэҕэй дии саныырым. Оо, онтон саһаан кэннигэр тиийэн саһан олорон хайдах курдук ытаабыппыный. Аны кинини саныа суох буолан бэйэбэр бэйэм күүстээхтик эрэннэрэн баран, сонно тута умнарым. Ити курдук сыл аҥаарын быһа, эмискэ өрө турбут иэйиим иитиэхтэнэн, ааспат ыарыыга кубулуйда. Ол «таптал» диэн ыарыы улааттар улаатан, туох баар олоҕум сыыһын барытын «Лаана» диэн биир «күҥҥэ» түмэн, күннэри-түүннэри ол таҥарабар үҥэргэ күһэйбитэ. Сотору букатын төбөбүнэн бырахтарыах курдук буолан бардым. Хор, имэҥ диэн оннук күүстээх буолар эбит.
Күһүн куобах күрэҕэ саҕаланна. Биир күн бастыҥ хаһаастаах сиспитин күрэтэ бары нэһилиэгинэн таҕыстыбыт. Учууталлаах хаалсыбатылар, барыстылар. Кинилэр барсар сурахтарын истээт, мин күрэх эрэ, туох эрэ, онно эрэ кыһаммаппын, биир кэм күнүм-ыйым Лаанам туһунан ыраланан, сүргэм көтөҕүллэ аҕай сырыттым. Күрэтэ сылдьар дьахтар барыта кини буолан көстөр. Ол күн «тоһуурга тур» диэбиттэрин аккаастаан, күрэтээччилэргэ холбоһон саҥа түһэн эрэр көтөҕөлөөх тыа устун хаамса сырыттым. Сотору дьону күүтэ таарыйа, аарыма тиит анныгар тохтоон олордум. Арай кэннибэр ким эрэ хааман сырдырҕыыр тыаһа иһилиннэ. Олох аттыбар кэлэн кэнсиэрбэ бааҥкатын охсон «тас» гыннарбыттарыгар эргиллэ түспүтүм, Лаана кэлэн соһуйбуттуу көрөн чоҕулуҥнуу турар эбит. Мин ойон турбуппун бэйэм даҕаны билбэккэ хааллым. Кини: «Ок, манна киһи баар эбит дуу? Тоҕо күрэппэккэ олороҕун?» – диэн баран тыас таһаарар кып-кыра бааҥкатын эмиэ охсон лаҥкынатта. «Тыас таһаарар иһитин кырата бэрт эбит, куобахтар истиэ суохтар, миэнин ылаҕын дуо?» – диэн арыычча ыган ыйыттым. «Оттон эн? Мин көннөрү аатыгар эрэ үүрбүтэ буолабын. Айылҕаны көрөбүн, наһаа даҕаны чуумпу, үчүгэй», – диэтэ уонна мин олорбут маһым анныгар кэлэн бааҥкатын талыр гына быраҕан баран олорунан кэбистэ. Мин аттыгар долгуйан тэпсэҥнии турдахпына: «Ыксаабат буоллаххына олоро түс, син сылаалаах эбит ойуурга хаамар. Мин маннык хаама үөрүйэҕим суох ээ, сылайдым», – минньигэс баҕайытык мичийэ-мичийэ кэпсиир. «Туохха ыксыахпыный, эн баар буолтуҥ кэннэ» диэхпин баҕаран баран, тугу даҕаны саҥарбакка, аҕыйах харыс чугас олордум. Оо, онно киниэхэ аан маҥнай чугаһаабытым, бу сыта үчүгэйин, сүрэҕим тахсан барыах курдук биллигириир. Лаана эмискэ мин сирэйбин-харахпын чинчилиирдии көрөн баран: «Ваня, эн тоҕо миигин утары көрсөөт куотан хаалаҕын? Эбэтэр тугуй дуу?» – диэн ыйытарын кытары, хайдах эрэ уоруйаҕым тутуллубут курдук сананным уонна ойон туран түҥнэри хайыстым. «Суох… хата бэйэҥ…» – диэн тугу эрэ ботугураатым. Онно кини миигин саҥа көрбүттүү сүрдээх уоттаах хараҕынан балачча одуулаан олордо, онтон уларыйан хаалбыт куоластанна. «Мин кэргэннээхпин ээ, дьон тылы-өһү тарҕатыа, онно-манна манаһаргын тохтот. Атыттары көрүөххүн…» – сэрэйбитим курдук мин киниэхэ сыыттанарбын билэ сылдьыбыт буолан таҕыста. «Быһата, тэҥэ суоххун диэ… Хайдах буолабын? Этиий…» – дии-дии, сааппыттан умса көрөн туран маһынан сири дьөлө кэйиэлиибин. Лаана ойон турда уонна сылбырҕа баҕайытык ааһа көтөн иһэн мас силиһиттэн иҥнэн умса туруйалаата. Мин сымса бэйэлээхтик санныттан харбаан иһэн, бэйэм тиэрэ таһылынным. Кини чэпчэки баҕайытык мин үрдүбэр сууллан түстэ. Онуоха, эр киһи дуома буоллаҕым дии, ыбылы кууһан ылбыппын билбэккэ да хааллым уонна бокуойа суох туох түбэһиэх уураа да уураа. Бу түгэҥҥэ миигиттэн ордук дьоллоох киһи суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, Лаанам утарыласпат курдуга. Кини сып-сылаас сымнаҕас уостара уураатаҕым ахсын хардарарга дылылара. Туох баар этэ-сиинэ миэхэ силбэһэн эрэрдии ыбылы сыстан сытара. Тулам барыта суураллан, тапталлааҕым эрэ туймаарыйбыт хараҕа көстө-көстө сүтэрэ.
Арай тэйиччи маһы маска охсор тыас тыаһаабытыгар Лаана, өйдөнөн кэлбиттии түөскэ анньан кибилиннэрээт, ойон туран ыркый ойуур быыһыгар сүтэн хаалбыта. Мин ким даҕаны кэлэригэр-барарыгар кыһаммакка дьолбуттан таалан сыттым. Балачча буолан баран аттыбар: «Хайа, доҕоор, аны манна таалалыы сытар дьон бааллар эбит дуу», – диэн учуутал эҕэлээх куолаһа иһиллибитигэр, «бу алдьархайы!» дии санаат, олоро түстүм. Аттыбар маска өйөнөн учуутал мичээрдээбитэ буола турар. «Уйбаанчык обургу, булчут бэрдэ тоһуурга турбакка тоҕо манна таалалыы сытаҕын? Ыарыйдыҥ дуу, тугуй? Тэтэрбитиҥ сүрдээх, кыраадыстаммыккын быһыылаах?» – диэн, эмиэ даҕаны элэктээбиттии, эмиэ даҕаны аһыммыттыы ыйытта. «Арааһа. Тоҕо эрэ мэйиим дэлби эргийэр, ол иһин сыта түһэн ыллым» – диэн, чыпчылыйан да көрбөккө сымыйалаан кубарыттым. Испэр буоллаҕына, мин Лаанабын былдьаабыт бу мааны киһиэхэ абаран кыбдьырынабын. «Чэ, оччоҕо кытаат, бу кынат мөлтөх соҕус», – диэн баран киһим саараҥнаабыттыы аргыый аҕай хаама турда.
Мин эмискэ саабын сулбу таһыйан ылан тэйэн эрэр киһини көхсүн хараҕын кыҥаан баран, чуут чыыбыспын тарда сыстым. Онтон өйдөнөн, титирэс буолбут тарбахтарбын арыычча арааран, саабын сиргэ ыһыгынным. Оо, ол түбэлтэни мин тыһыынчата эргитэн аҕалан ырыта сатыырбар олоҕум барыта баранна. Арай онно…
Ити түбэлтэ кэнниттэн мин куруук Лаананы бүччүм сиргэ тоһуйан көрсөр санаалаах кэлэр-барар суолун хайар буоллум. Ол эрээри, Лаана мин угаайыларбын хайдах эрэ барытын мүччү көтөн иһэрэ. Кини биһиги кыракый балыыһабытыгар үлэлиирэ. Тулуйарбыттан ааһан, биирдэ балыыһаҕа көтөн түспүтүм Лаана, баһаам элбэх докумуоннары көтөхпүтүнэн уун-утары хостон тахсан кэллэ. Миигин көрөөт, абааһыны көрбүттүү кэннинэн чугуруҥнаары, кумааҕыларын мүччү туппута муостаны биир гына ыһылыннылар. Иккиэн саҥата суох ону хомуйар аакка түстүбүт. Хомуйан бүтэн баран Лаана баттаҕын көннөрүнэ-көннөрүнэ туран истэҕинэ мин тулуйбакка синньигэс биилиттэн кууһан ылан бэйэбэр сыһыары тартым. Кини миигин тэйитээри кумааҕыны кууспут илиитинэн түөскэ анньыалыы сатаата даҕаны, мин ону истиэх киһи буолуом дуо, харааччы иирэн үрүт-үрдүгэр ууруу сатыы турдум. Ыксаан кумааҕытын эмиэ мүччү тутта, ону кытары тэҥҥэ хостон сиэстэрэ Дуунньа ойон тахсан иһэн төттөрү түстэ. Лаана, миигин туох баар күүһүнэн түөскэ анньаат, сирэйгэ биэрэн хабылыннарда уонна: «Дурак! Киэр буол мантан!» – диэн кыланна. Мин онно эрэ туох алҕаһы оҥорбуппун, дьэ, өйдөөтүм. «Оо, бырастыы, бырастыы гын…» – дии-дии чугаһаан эрдэхпинэ, «Вон отсюда!» – диэн, ытаары ыгыллыбыт куолаһынан ордоотоот, хоско киирэн хаалла.
Мин, тэпсэҥнээмэхтээн баран, тыыным хаайтаран уолукпун харбаммытынан таһырдьаны былдьастым. «Бүттэ… бүттэ…» диир санааттан тулам бүтүннүү хараҥарбыта.
Сарсыныгар хомунан, тыалаан хаалбытым. Билигин санаатахпына, бу баҕайы, оҥорорун оҥорон, сэгэрбин уокка анньан биэрээт, куоппут эбиппин. Кэмсиммитим иһин хайыамый, «буруйдаах сүүс аньыылаах» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Баҕар, онно куоппатаҕым буоллар, хайдах буолуо эбитэ буолла? Кини миэхэ эрэммитэ буолуо дии…
Быһата, мин барбытым кэннэ маннык буолбут. Ол Дуунньа сүрдээх тыллаах, көрбүтүн-истибитин «сыптараҥ ынах курдук» таһаара сылдьар идэлээҕэ. «Учуутал ойоҕо Уйбаанчыктыын көрсүүлэспит үһү. Оннооҕор балыыһаҕа сыталларын Дуунньа туппут…» диэн хабаатыннаран кэпсээн, ити сурах аҕыйах күнүнэн дэриэбинэни толорбут. Онтон даҕаны атын эбиилээх-сабыылаах сурах-садьык, өрт уотун ыыппыттыы начаас үлүгэрдик хаптаҕай кулгаахтааҕы барытын салаабытынан тарҕаммыт. Учууталга бэйэтигэр даҕаны ымсыырааччы дьахталлар, кыргыттар бааллара ханна барыай, ол омуннаах сураҕы сонно тута тиэрдэ охсубуттар. Учуутал, ону истэн баран, Лаана муҥнааҕы: «Көрсүүгэр бар!» – диэн дьиэтиттэн үүрэн кэбиспит. Оччолорго дьон хараҥа этэ, оннук куһаҕан адьынаттаах дьахтары ким даҕаны дьиэтигэр киллэрбэтэх. Эгэ, балыыһатыгар хонноро сытыарыахтара дуо, дьон кыыллыйара диэн сүрдээх буолар эбит. Ордук дьахталлар «эрдэрбитин иирдэр» диэн үнтү үөҕэн харыс да чугаһаппатахтар. Хайыай, оннук кыс ортото Лаана барахсан, мин үтүөбүттэн сатыы улуус киинигэр киирэн иһэн, чараас таҥастаах эрэйдээх тоҥон өлбүтүн хас даҕаны хонон баран булбуттар.
Оҕонньор ытаан сыҥсыйар.
– Онтон мин, бу киһийдэҕиҥ, ити бэйэлээх барахсаны тыыннаахтыы сиэн баран өлбөккө, сатыы абааһы буоламмын бу сир үрдүн кэрийэ сылдьабын, – диэт, Уйбаан оҕонньор балачча сыҥсыйбахтаата, онтон тыынын таһаарбыттыы өрө уһуутаан ылла уонна сабыстыбыт хараҕынан мин диэки көрдө. – Дьэ ити курдук. Миэхэ ол үрэх баһыгар ким тиэрдиэй, истибэккэ хаалбытым. Сураҕа, дьон миигин «дьахтар абыгар киирэн биэрбит» диэн аһыналлара эбитэ үһү. Кэлин ону истэн баран «суох, буруйдаах мин, кини туох даҕаны буруйа суох, мин бэйэм иирбитим, миигин буруйдааҥ!» дии сатаабытым даҕаны, биир да киһи ону истэ да барбатаҕа. Ол курдук, кэлии киһи эрэ буол, атын үөртэн кэлбит биэни үөр билиммэтин курдук олохтоох дьон бастакынан кинини буруйдуохтара. Хаарыан барахсан, дьонуттан-сэргэтиттэн быстан, биһигини абыраары кэлэн таах суор-тураах аһылыга буолаахтаатаҕа. Кэлин, Лаана аҕата диэн саха хамыһаара киһи, кыра кыыһынаан, Лаана балтынаан кэлэн барбыттара.
Биир күн миигин оскуолаҕа, учуутал дьиэтигэр ыҥырбыттара. Тиийбитим, ып-ыраас кыракый хоско оһох иннигэр кыырыктыйбыт баттахтаах бөдөҥ, төрөл уҥуохтаах мааны баҕайы киһи хамсаҕа табах тарда олороро. Мин киирбиппэр сыаналаабыттыы, баспыттан атаҕым тумсугар диэри таҥнары көрөн түһэрэн баран: «Уйбаанчык диэн эн дуо?» – диэн уһаат иһигэр саҥарардыы модьу куолаһынан ыйытта. Онуоха мин саллан атаҕым тумсун одуулуу туран: «Ыых», – эрэ диэтим. Арай хостон үүт-үкчү Лаана курдук эрээри үрдүк уҥуохтаах кыыс тахсан кэллэ. «Дорообо. Мин Ольга диэммин, Саргылаана балтабын. Бу биһиги аҕабыт Агит Петрович. Иван, баһаалыста эн Саргылаананы кытары туох сыһыаннана сылдьыбыккын кэпсээ эрэ. Кини ити кэпсииллэрин курдук „чэпчэки“ киһи буолбатах этэ. Хайдах даҕаны биһиги өйбүтүгэр батан киирбэт дьыала. Ол иһин туох даҕаны буолтун иһин, кырдьыгын билээри кэллибит. Ийэтэ букатын иэдэйдэ, ыал аатыттан ааһаары гынныбыт. Аҕам буоллаҕына „ыраас“ эрэ буоллаҕына уҥуоҕар тахса сылдьыахпыт диир», – кыыс ытамньыйар.
Агит Петрович тугу даҕаны саҥарбакка, уоту супту одуулаан ыар санааҕа баттатан олорор. «Биһиги даҕаны, ийэтин даҕаны удьуордарыгар маннык быһыы тахса илигэ. Ол иһин тиһэҕэр тиийэ кырдьыгын билэн дууһабын сынньатаары кэлэн олоробун, кэпсиэҥ буолаарай», – диэн баран мин диэки кытаанахтык көрөн ылла уонна иэдэс биэрдэ.
Мин онно эрэ өйдөөбүтүм, бу буолбут быһыы кинилэргэ кыайан сууйуллубат саат буоларын. Буруйдаах эрээри тугу кэтэмэҕэйдии туруомуй, туох баарынан тоҕо тэбээн кэпсээн биэрбитим. Бүтэн баран, киһи сөҕүөх чэпчээн хаалбыкка дылы буолбутум. Агит Петрович тугу даҕаны быктарбакка таҥаһын үрдүгэр түспүтэ. Арай ааҥҥа тахсаары туран: «Ол иһин даҕаны, оҕобор мас-таас курдук эрэнэрим», – диэн баран, миигин сиргэммиттии эмиэ үөһэттэн таҥнары көрөн түһэрбитэ, онтон киэр хайыһан, туох эрэ сыстыганнаах ыарыыттан куотардыы таһырдьаны былдьаспыта. Ол көрүү, мин ыар дьүүлүм буолан, түүн аайы эрэйдиир. Бука, анараа дойдуга батыһан тиийэрэ да буолуо. Лаана дьоно сарсыныгар төттөрү айаннаабыттар этэ. Мин, баҕар, ыҥыран тугу эрэ этиэхтэрэ, ордук «эн даҕаны буруйуҥ кыра эбит, эбэтэр тугунан эрэ ыар буруйгун боруостаа…» диэхтэрэ диэн кэтэһэ сатаабытым даҕаны, ким даҕаны миигин ыҥырбатаҕа. Оттон Лаананы үүрэн таһааран өлүүгэ умса аспыт учууталы, арааһа, бырастыы гыммыттар быһыылаах этэ, кинилэри кытары барсыбыта. Туох билиэй, үөрэхтээх, өйдөөх дьон туспа толкуйдаахтара буолуо… – диэн оҕонньор эрэйдээх, бу даҕаны олордор, син биир Лаанатын учууталга күнүүлүү саныыра куолаһыгар иһиллэн ааспыта.
Сотору Уйбаанчык оҕонньор массыынаны тохтотон, сып-сап туттан таһырдьа тахсыбыта. Ааны сабаары туран, мин диэки тугу эрэ эрэйбиттии балачча көрөн тураахтаабыта. Мин дьиктиргээн утары көрөн олорон хаалбытым. Онтон балачча айаннаан баран, дьэ оройго оҕустарбыттыы кини тугу эрэйбитин таайбытым. Массыына кэлин түннүгүнэн көрбүтүм, оҕонньор хайы-сах көстүбэт буола охсубут этэ. Онно бу курдук этиэхпин баҕарбытым:
– Уйбаанчык, эн Лаана өлбүтүгэр буруйуҥ суох эбээт, муҥнаныма. Кини эйигин бырастыы гыммыта буолуо. Таптыырга буруй суох. Эн буруйуҥ суох.
Ити курдук, Уйбаанчык эрэйдээх, үйэтин тухары хаһан эрэ ылбыт сүрэҕин бааһын мүлүрүтэр харда көрдөөн, сир икки, халлаан икки ардыгар ускул-тэскил сылдьаахтаатаҕа.
Куорсуннаах
Чолбон. – 2022. – №2