Оҕо уруккуну убаастыы, норуотун баай историятын билэ улаатыахтаах диэн этии бүгүҥҥү күҥҥэ өссө сытыырхайан турар. Маныаха уус-уран литература олус улахана суолталаах. Улуу Кыайыы 79-с сылын көрсө ыам ыйын 8 күнүгэр Хаҥалас улууһун Чапай сэлиэнньэтин олохтоохторо уонна Өктөм лицейин үөрэнээччилэрэ олохтоох норуодунай театр режиссера Зоя Егоровна Аржакова туруоруутугар прозаик, публицист, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Анна Варламова-Айысхаана «Былдьаммыт оҕо саас» испэктээгин көрдөрдүлэр.
Зоя Егоровна Кыайыы күнүгэр анаан репертуар көрдөөн, олохтоох библиотекаттан Аҕа дойду Улуу сэриитэ былдьаабыт, оонньоммотох оҕо саастаах дьон дьылҕаларын көрдөрөр биэс оонньуулаах пьесаны булан үлэни саҕалаабыттар. Режиссер театр артыыстарын буолбакка, олохтоох дьону оонньотон сэргэхситэр ордук буолуо диэн санаанан салайтаран оруолларга барсыан сөптөөх дьону ыҥыртаан, кэпсэтиһэн барбыт. Ол кэннэ сэрии кэминээҕи таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу булуу боппуруоһа турбут. Ыалларга урукку таҥас-сап элбэх баарын 2010 сыллаахха халаан уута илдьэ барбыт эбит. Ол да буоллар оруолларга тиксибит дьон ким туохтааҕынан аҕалан, бэйэ-бэйэлэригэр бэрсиһэн кыһалҕаны быһаарбыттар.
Испэктээккэ оонньообут оҕолор оччотооҕу бэйэлэрин саастыылаахтара сэриилэһэ барбыт аҕаларын, эһэлэрин солбуйан, аһыыр-аһаабат сылдьа-сылдьа туох баар үлэни үлэлээбиттэрин, үөрэнэр усулуобуйалара быстар мөлтөҕүн, уодаһыннаах сэрии оҕо аймаҕы тулаайах оҥортоон, чугас дьонноруттан матарбытын, тыылга балаһыанньа муҥутуурдук кытааппытын бэйэлэринэн биллилэр. Дьиэ кэргэнигэр сүрүн хаһаайынынан хаалбыт 12 саастаах Бүөтэккэ Захаровы оонньообут Кирилл Игнатьев: «Испэктээги ааҕыам инниттэн ол кэмҥэ оҕолор олус ыарахан балаһыанньаҕа олорбуттарын билэр этим, ол гынан баран бу оруолга тиксэн ол хайдаҕын чугастык ылынным», – диэн санаатын үллэһиннэ. Кини оруолугар бэлэмнэнэн, режиссер ыйыытыгар-кэрдиитигэр өссө бэйэтиттэн эбиилэри киллэрбит. Холобура, бииргэ үөрэнэр уолун аҕата сэриигэ суорума суолламмытын истэн баран ытаатахпына, бу ыар сүтүк өссө ситэри арыллан көстүө диэн, дьиҥнээхтии ытаабыта көрөөччүнү долгутта.
Оонньуур дьон бука бары артыыстардааҕар итэҕэһэ суохтук ис сүрэхтэриттэн оонньоон оруолларын толору арыйан, көрөөччүлэр харахтарын уутун туттумматылар. Анна Егоровна бука барыларыгар истиҥ махтал тылларын тиэртэ, ордук чорботон бэлиэтээбит оонньооччуларыгар бэйэтин кинигэлэрин бэлэхтээтэ.
Зоя Егоровна Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө бу испэктээгинэн аны киинэ устан эрэллэрин иһитиннэрдэ. Хаардаахха таһырдьа оҕолор оонньуур сыаналарын устан саҕалаабыттар. Режиссер олохтоохтортон бу үтүө дьыалаҕа кыттан күүс-көмө буолалларыгар ыҥырда. Испэктээги биир тыынынан долгуйа көрбүт дьон үөрүүнү кытта сөбүлэстилэр.
«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ