Аҕа дьоло

(Кэпсээн)

Куочук иккис үөрэҕин быраҕан кэлэн олорор. Киһи кыһыйыах, кэнники кыайар үөрэҕэр киирэн баран, сөбүлээбэт аатыран тохтоото. Саатар үөрэхтэрэ иккиэн ыраах, соҕуруу куораттарга буолан, үрдүттэн ийэ-аҕа хонтуруола, кэтээн көрүүтэ суоҕа оҕустаҕа буолуо. Уол этэҥҥэ үөрэнэ сылдьар курдуга, сөп-сөп төлөпүөнүнэн кэпсэтэллэрэ. Төрөппүттэрэ төһө харчыны туттарын аахпаттар этэ, «үөрэххэ барар үп – инники кэскилин түһэ» аатырара. Онтукалара туһата суох салгыҥҥа симэлийбитэ абалаах. Уол аһара чугастык ылынан ол-бу буолуо диэн ийэтэ Кылааса улаханнык саҥарыан куттанар. Аҕалара Куоста холку: «Буолар буоллаҕа дии, хара үлэһит да наада, эр киһи эрэ буоллун», – диир.
Икки ый анараа өттүгэр Куочук төлөпүө­нү­нэн: «Үөрэхпин быраҕыыһыбын, тоҕотун тиийдэхпинэ этиэм», – диэн ийэтигэр биллэрэн долгуппута. Кылааса тута Куостаны: «Ыл, уолгун кытта кэпсэт! Туох эрэ буолбут быһыылаах, тоҕо үөрэҕин быраҕаары гынарын хайаан да бил!» – диэн модьуйбута. Аҕата уолугар хаста да эрийэн көрбүтэ да, төлөпүөнүн ылбатаҕа. Иккис күнүгэр сатаан кэпсэппэккэ Кылаасаҕа: «Мин эрийдэхпинэ ылбат дии, эн эрий! Төлөпүөнүн ыллаҕына миэхэ биэрээр», – диэбитэ. Кы­лааса хайаларыгар кыыһырара биллибэтэ: «Уолгар төрүт кыһаллыбатаҕыҥ ити, эрдэттэн хон­туруоллуохтаах этиҥ. Аллоо, аллоо! Гоша-а!». Уол төлөпүөнүн эмиэ ылбатаҕа. «Сололоннохпуна киэһэ бэйэм эрийиэм» диэн смс сурук туппуттара.
– Аны туохха эрэ түбэспитэ буолуо. Буруйу оҥорон баран куота сылдьар дуу? – ийэтэ долгуйан ону-маны саҥаран барбыта.
– Чэ, куһаҕаны санаама, киэһэ билиэхпит буол­лаҕа, талбытынан сылдьыбытын кытаа­нахтык кэпсэтиллиэ, – Куоста кыйаханыахча буолбута.
– Кыыһыраҥҥын аһары батары саҥараа­йаҕын, сэрэнэн соҕус кэпсэтээр. Кэллэҕинэ сөбүн мөҕүөхпүт, – диэн аны Кылааса кэргэнин ааттаспыта.
Киэһэ Куочук хата бэйэтэ ийэтигэр эрийэн, атаһынаан компьютер өрөмүөннээн эргинэ сылдьарын кэпсээн уоскуппута, күнүс солото суоҕун эппитэ. Үөрэҕин буоллаҕына «кутуруктар» мунньуллан эһиилгэ диэри «ака­дем» ылабын диэбитэ.
– Бээ, тохтоо эрэ, тоойуом. Бу аҕаҕын кытта кэпсэт эрэ, – диэт, ийэтэ Куостаны көрдүү гаражка ыстаммыта.
– Ээ, суох, эмиэ нотация ааҕыа, кэпсэппэп­пин, – диэн баран, уола төлөпүөнүн ууран кэбиспитэ.
– Куочук эрийэр, – Кылааса үөрбүтүнэн төлөпүөнү Куостаҕа ууммута.
– Па, уурбут дии, – аҕата хомойбута. Төрөп­пүттэр уолларыгар хаттаан эрийэ сатаабыттара, ол эрээри «абонент временно не доступен» диэн буолбута.
Ол түүн Куоста өр утуйбакка санааҕа ылла­ран сыппыта. «Бээ, ол хаһан нотация аахпыт буол­лахпыный? „Эмиэ“ диэн кэпсэтэр-кэпсэппэт күннээҕий? Арай бу сайын модьуйан туран ту­тууга үлэлэтэ сатаабыппыттан баччааҥҥа диэ­ри кыыһыра сылдьара дуу?»
Куочук ааспыт сайыҥҥы өрөбүлүгэр кэ­лэн баран дьиэтигэр аҕыйахта көстүбүтэ. Доҕотторунаан квартира куортамнаан олор­буттара. Үлэтэ булан харчыта мунньун диэн төрөппүттэрэ сүбэлээбиттэрин истибэтэҕэ. Ол оннугар доҕотторунаан түүҥҥү компьютер кулууптарыгар дугуйданаллара. Хата арыгы, табах диэҥҥэ умньаммат буоланнар төрөппүттэрэ холку соҕустара.
– Бээ, бу эн тугунан айаххын ииттэҕин? – диэн аҕата биирдэ Куочуктан ыйыппыта.
– Ээ, биллэриинэн компьютер өрө­мүөннүүбүт, программалары туруорабыт.
– Оттон дьиҥнээх үлэҕэ үлэлиэххин баҕар­баккын дуо? Күһүн ботуччу хамнастанан үөрэх­хэр соҕуруу барыаҥ этэ дии. Мин табаарыһым хас да тутууну тэҥҥэ ыытар, каркас дьиэ тутуута, онно кэпсэтэбин дуо? – диэн аҕата үтэн-анньан көрбүтэ.
Онуоха уола:
– Чэ, бэйэм билэрбинэн олоруум ээ, хаһааҥҥа диэри хандалылаары гынныгыт? – диэбитэ.
Биир быстах көрсүһүү онон түмүктэммитэ. Дьиэтигэр биирдэ эмэ хоно кэллэҕинэ төлө­пүө­нүттэн арахпат, дьонун кытта кэпсэтии да суох кур­дуга. Куоста онтон ордук хомойоро, отой атын киһи кэлэн олорорун курдуга. Аармыйат­­тан кэллэҕин утаа эр киһилии сонообут куолаһы­нан «батя-я» диэн унаарытан аҕатын «блатной­дук» ыҥырара. Куоста ону иһигэр киллэрбэтэҕэ да, таһыгар биллэрбэтэҕэ. Оттон Кылаасаҕа уола аттыгар баара, тот сылдьара даҕаны сөп курдуга. Онно-манна ыраах барбатар ханнык дии саныыра. Эбиитин билэр дьоннорун уоллара аармыйат­тан этэҥҥэ эргиллэн кэлээт, бэйэтигэр тиийиммит сураҕа иһиллэн, Кылааса сүрэҕэ хайды­быта. Куостатыттан да куттанара, мээнэ быстах кыыһырбат, тууйуллубат киһи биирдэ эмэ тоҕо барааччы. Ол кэмҥэ этиҥнээ­ҕэр кытаанах дорҕооннор тахсааччылар. Төһө да биирдэ эмэ буоллар ол өссө сытыытык, ыара­ханнык ньиргийээччи.
Дьиҥэр, Куочук үөрэҕин кыайбатын билим­митэ ырааппыт эбит. Дьонун эрэллэрин таҥ­наран биэрбитэ дууһатын аалан, дойдутугар кэлбэккэ сылдьыбыт.
«Эр киһи ылыммытын тиһэҕэр тиэрдиэхтээх, эппит тылыгар туруохтаах, эн да кытаатан бу үөрэххин бүтэрэ сатаа, икки эрэ сыл хаалла. Билигин кэлэн баҕарабын-баҕарбаппын диэн буолуо суохтаах. Син биир кэнэҕэс бэйэҕэр туһалаах буолуо», – диэн аҕата эппитин аанньа ахтыбатаҕыттан бэйэтин кэлэнэрэ. Арай куйаар ситимэ эрэ аралдьытан атын сиргэ тиэрдэрэ, уоскутара. Бырахпыт үөрэхтэриттэн иилэн ылан хаалбыта – компьютеры өрөмүөннүүрү, про­грам­малары туруорары сатыыра. Онон до­ҕотторунаан биллэ­риинэн компьютер оҥорон харчыланара. Дьо­нугар тостубут кынаттаах төн­нүөн баҕарбата, санаатыгар ити дьарыгынан өрө дайыах курдуга. Ол эрээри, биирдэ эмэ быстах-остох көстөр үп олох дьиҥ ыарахаттарын барытын толуйбата: дьиэ куортамныыр, аһыыр-сиир, таҥнар-симэнэр ороскуота элбэҕэ. Онон төһө да ийэлээх аҕатыттан кыбыһыннар, дой­ду­тугар төннөр санаалар сотору-сотору киирэл­лэрэ.
Күн-дьыл баран испитэ, көмүс күһүн күөйэ көтөн кэлбитэ. Куоста хаар түстэ даҕаны бултуу бараары хомуна сылдьара. Кэнники кэргэни­нээн: «Уол улахан киһи буолла, бэйэтин олоҕун бэйэтэ оҥоһуннун, орооһумуох», – диэн сүбэлэспиттэрэ.
Ол кэмҥэ Куочук аҕатыгар төлөпүөннээн со­­ҕурууттан кэлээри харчы көрдөөбүтэ. Куоста тугу да хардары эппэккэ уолугар харчы ыыппы­та. «Ыксыыр, ыгылыйар кэмигэр син аҕалаах­пын диэн эрэнэр буоллаҕа. Уолбун хата булка угуйан көрүүһүбүн», – диэн иһигэр үөрэ санаабыта. Ол аҕа киһи ыраах кистии сыппыт ыра санаата этэ.
Киһини үөрдүөх улахан уларыйыы буолба­таҕа. Уол көтөн кэлбит күнүгэр дьиэтигэр чэй­дээн, сынньана түһэн баран киэһэ доҕотторугар көһөн хаалбыта. Куоста үлэтиттэн хойут кэлэн уолун көрсүбэккэ хомойбута. Хата ийэтэ Кы­лааса, оҕом иккис үөрэҕин этэҥҥэ быраҕан кэллэ диэбиттии, үөрүү бөҕө этэ.
Куоста санаата түспүтүн көрөн, кэргэнэ уоску­тардыы:
– Чэ буоллун, биир оҕобут аттыбытыгар баар буоллун ээ. Кыыспытын этэҥҥэ үөрэттэрдэххэ ол да сөп. Уол булан сылдьыа. Хата эрдэ үлэһит буолан күүс-көмө буолуоҕа. Эн кинини кытта ис санааҕын тоҕо тэбээн кэпсэппитиҥ дуо? Эйиэхэ баҕа санаатын, инники былаанын кэпсээччи дуо?
– Бу диэн эттэххэ, соччо суох. Эн курдук чааһы-чааһынан төлөпүөннэспэппин дии уонна хаһан, ханна атах тэпсэн олорон олох туһунан сэһэргэс­пит үһүбүт. Ааспыт сайын куота сылдьар курду­га дии, көннөрү сорудаҕы, күннээҕи кыһал­ҕаны, үлэни толороругар эрэ кэпсэппитэ буоларбыт.
Онуоха кэргэнэ күлүм аллайан олорон:
– Иһит эрэ, уол кэлиэн иннинэ аҕабын кытта тыаҕа барсыам, түүлээх соноругар сылдьан харчы оҥостуом диэбитэ. Ону мин аҕаҥ тыаҕа харчы иһин сыл аайы барбат ээ, ити кини айылҕата, ис туругун оҥоһуута итинник диэ­битим. Эн куруутун «бултаан байбыт киһи диэн суох, эбилик буолуон сөп» дииргин санаппытым. Хараҕар харчы кыбыллыбыт киһи айылҕа оҕото буолбат, өстөөҕө буолар диэн өйдөппүтүм.
– Оччоҕо тыаҕа барсар дуо? Тоҕо миэхэ эппэтий? – Куоста үөрэ түспүтэ.
– Чэ, ону эр дьон бэйэҕит быһаарсаарыҥ, утуйуохха.
Ити курдук сэһэргэһэ түһэн баран сыппыт­тара. Сытан баран эмиэ ыраах куоракка үөрэнэ сылдьар кыысчааннарын ахтан ылбыттара, түүн­нэри куйаар ситиминэн кэпсэтэн дуоһуй­буттара. Ийэлээх аҕа иккиэн үлэ үгэнигэр сыл­дьар буолан эрдэ утуйа сатыыллара да, бүгүн төрүт хойут утуйбуттара. Оҕолорун инники дьыл­ҕалара дол­гутан, уулара көппүтэ.
Биир күн Куоста, үлэтин кэнниттэн дьиэ­лээн иһэн, уолун доҕотторун квартираларын бу­лан тиийдэ.
– Гоша утуйа сытар, – дэстилэр доҕотторо.
– Уһугуннарыҥ, ыла кэллим, – диэтэ Куоста.
Гоша уһуктан, туох да саҥата суох хомунан массыынаҕа тахсан олорунан кэбистэ. Аҕата төһө да бэлэмнэнэн кэллэр, кэпсэтиини хайдах саҕалыырын билбэккэ балачча саҥата суох айаннаан истилэр.
– Хайа, маама? Үлэлээн бүтэ илик дуо?
– Ээ, эрдэ бүппүт этэ, дьиэтигэр автобуһунан тиийбит. Эн туох былааннааххын, инники олоххун хайдах дьаһанар санаалаах­хын? – аҕата оргууй саҕалаата.
– Билбэппин, быһаарына иликпин…
– Ээ, хайдах оннук? Ким билэр оччоҕо?
– Көстөн иһиэ буоллаҕа…
Куочук, аҕам мөҕөөрү-этээри кэлбит буоллаҕа диэн бүөлэнэн, арыллыбакка олордо.
– Оттон миигин кытта тыалаабаккын дуо? Ик­киэн бултуо этибит, бултуур сирбин-уоп­пун көр­дөрүө этим, – диэн аҕата ис санаатын биллэр­дэ.
– Ким билэр, онно дьаарбайа сырыттахпына, үлэ куотар буоллаҕа, – диэн соһутта уола.
– Үлэҕэ киирэ оҕустуҥ дуо? – Куоста чахчы соһуйда.
– Оттон биир-икки сделка уруһуйданыах курдук. Эн син биир өйдүөҥ суоҕа.
– Ийэҕэр тыаҕа барсыах курдук тыл быктар­быт этиҥ…
– Кини киһи бултаан байбат диэбитэ. Мин онно син биир туһам суох буолуо, – диэн быһаччы хоруйдаата Куочук.
– Тыа киһини уларытар… Тыаҕа булт эрэ буолбатах, өйүҥ-санааҥ сааһыланар, этиҥ-сииниҥ чэбдигирэр, ырааһырар, – Куоста уолу­гар быһаара сатаата.
– Чэ, көстөн иһиэ. Туохпун уларыта сатыыргыт буолла, – уола иннэ-кэннэ биллибэт хоруйу биэрдэ.
Киэһээҥҥи аһылыкка эмиэ ирэ-хоро кэп­сэ­тии тахсыбата. Уол алдьаммыт компьютер­дары атыылаһан, өрөмүөннээн баран ботуччу сыа­наҕа атыылыырдыы санаммытын ийэтигэр кылгас­тык быһааран биэрдэ. Аҕата саҥата суох истээччи эрэ буолла.
– Хайа оттон аҕаҕын кытта тыаҕа барсан илии-атах, күүс-көмө буолбаккын дуо…
– Чэ-чэ, оччо наада буоллахпына, барсар буол­лаҕым, – диэт, Куочук науш­ник кэтэн баран, хо­һугар киирэн, сытынан кэбистэ. Манна эрэ төрөппүттэрэ уоллара мунаахсыйа сылдьарын өйдөөтүлэр.
Куоста өрөбүл күннэргэ сололоннор эрэ сиэккэҕэ хааллан олорор ыттарын мыраан үрдүгэр тыаҕа таһааран сүүрдэр. Ол аата холлоро босхо бардын диэн эрдэттэн дьарыктыыр бы­һыыта. «Оо, Куочук баара буоллар, бэйэтэ да дьарыктана таарыйа күн аайы эһигини сүүрдүө эбит» диэн ыттарын кытта санаатын үллэстэр. Атыыра маҥан, тыһыта хара эриэн ыттар быйыл иккилэригэр сылдьаллар. Тииҥи көрүөх бэтэрээ өттүгэр булан маска таһаараллар. Тыаны биир гына үрэн баргыйаллар.
Маҥнайгы хаар номнуо сири-уоту бүрүйдэ. Куоста уоппуската чугаһаата, уола тыаҕа бар­сарынан эбии таҥас-сап бэлэмнэнэр. Айан­ныырга халыҥ үтүлүк наада эбит диэн эргэ мутон сону көтүрдэ, иистэнньэҥ бэрдэ буолан, онон суппуун таҥаһынан тастаан уолугар бэр­тээхэй үтүлүк тиктэ. Ийэлэрэ Кылааса туох таҥас­таахтарын барытын бэрэбиэркэлиир, уолум тоҥуо диэн хонтуруол кытаанах, атаҕын та­ҥа­һыгар эмчиирэтэ (түнэ уллуҥнаах булт этэрбэһэ) суоҕуттан долгуйар. Уола барсар буолбутуттан Куоста санаата көтөҕүллэ сылдьар. Иллэрээ сыллааҕы тайах түнэтэ баарын булан кэргэнигэр көрдөрдө:
– Куочукка дэриэбинэҕэ тиийэн этэрбэс тигиллиэ, уолум сабыс-саҥа эмчиирэнэн саҥа хаарга үктэниэ!
Уоллара онно эрэ кыһаллыбат. Хата, кулууп­ка ыытыллар хамаанданан компью­терынан оонньууга бэлэмнэнэр. Күрэхтэһии буо­ларын эрдэттэн билэннэр, атастарын кытары турунуу бөҕө. Бу киэһэ төрөппүттэригэр хоно кэлиэх буолан баран эмиэ сүттэ.
Иккиэ буолан тыаҕа барар тэринии ороскуота эмиэ икки бүк буолара чахчы. Кэргэнниилэр уолларын кыттыһыннарбакка бэйэлэрэ ас-үөл ылар харчы мунньуналлар. Куоста уолугар «ум­а-
тыкка кыратык харчынан кыттыс» диэн бык­тарбытыгар: «Үлэлэтэ илдьиэҥ үһү, өссө харчы төлүөм үһү дуо?..» – диэн өһүргэнэн турардаах. Аҕата соһуйан айахха бэрдэрбит тэҥэ буолбута. Ол да буоллар: «Чэ бээ, куоракка көрүлээн эр… Ийэҥ хаххатыгар сөрөнө сырыт, тыаҕа тиийиэхпит эрэ суоҕа. Кытаанах оскуоланы көрдөрүллүө. Онно закон – тайга, прокурор – медведь!» дии санаабыта.
Булчуттар айанныыр күннэрэ тиийэн кэллэ. Ийэлэрэ Кылааса массыына ыыта үөрэммитэ ыраатта, онон булчуттары дэриэбинэҕэ диэри кини илдьэр буолла. Тыаҕа барыахтарыгар диэ­ри уоллара Куочук атастарыгар олордо. Ийэ­лээх аҕата ыла тиийбиттэригэр тыаҕа барсы­бат буолбутун этэн соһутта.
– Манна «нормальнай» соҕус дьыала көстүөх курдук буолла, – диэн эрдэҕинэ, аҕата кытаанахтык бардьыгынаата.
– Бээрэ, бу эн хайдах буолбут киһигиний? Барсабын диэн эрэннэрбитиҥ дии. Ыйы быһа бэлэмнэннибит. Хайдах бу бараары тур­дахха таҥнаран биэрэҕин?!
Ийэтэ кыһыытыттан ытамньыйыахча буолла:
– Хайдах буолаҕын, Гоша! Аҕаҥ эйиэхэ анаан таҥас-сап бөҕө тиктэ, бултуур сааҕар тиийэ быһаарда, көҥүл ылла.
Дьоно итинник ылыныахтара дии санаабатах уол соһуйда:
– Чэ, чээ, – диэтэ. – Ол гынан баран онно мин улаханы абыраабаппын.
Аҕата кыыһырбытын, кыынньыбытын нэһии­лэ иһигэр тутан саҥарбакка олордо. «Туох ааттаах! Атааҕа бачча сааһыгар диэри үтэ сыл­дьар буоллаҕа… Хайдах итинник кубулҕат дьах­тар курдук халбаҥныы сылдьарый? Чэ бээ, туттуна түһүөххэ, таска таһаарымыахха, тыаҕа эрэ тиий», – диэн кыыһырбытын хам баттаата.
Паромҥа диэри уу чуумпутук айаннаатылар. Арай ыттара – Милкалаах Умка массыына саамай кэннигэр олорон мөхсөн, ыйылаһан буойуллан ыллылар. Паромҥа балачча уоча­раттаах эбит, массыыналар биир-биир субуруһан турал­лар. Ыттар сүгүн буолумаары гыннылар, аҕата Куо­чугу ыттары сиэтэ сылдьан хаамтара түс диэн дьаһайда. Уола, төлөпүөнүттэн арахсыан баҕарбат буола-буола, ыттары хаам­тара барда. Ону көрөн олорон Куоста эрэлэ эстибит, хо­мойбут быһыынан:
– Ээ, айака, барсыан баҕарбат киһини тоҕо состохпунуй?! Аны тыаҕа тиийэн эт-тирии бараныа… Хааллын, бэйэтин баҕатынан сырыттын, олоҕун хайдах да оҥоһуннун.
– Хайа, доҕоор, аны эн төттөрү буоллуҥ дуо! Кэбис, бэйэбит оҕобутун хайдах да буоллун диибит дуо, оччотугар? Иннин булбакка муна сылдьарыгар, харахпытын симэн эппиэттэн куотабыт дуо? Билигин эн эрэ эр киһи үөрэҕин биэ­рэриҥ хаалла. Кытаат, уолуҥ дии, хааллары­ма, быраҕыма. Төрөппүттэр тыыннаахтарын туха­ры оҕолорун үөрэтэ-такайа сылдьыахтаахтар эбээт, – диэн Кылааса Куостаттан көрдөһөрдүү саҥарда.
Куоста кэргэнин тылларыттан бэйэтэ да кы­быстан ылла: «Кырдьык, кыра да кыы­һырыыт­тан сыалбын ситиһимээри гынным. Хай­дах да түгэҥҥэ оҕобутун өйүүр буоллахпыт, өйдөһүө да этибит. Хайа муҥун туора дьон курдук сы­һыаннаах буолуохпутуй. Ама да улааппытын, майгыта уларыйбытын иһин. Хайаан да аатта­һан, модьуйан даҕаны туран тыаҕа илдьиэхтээх­пин» дии санаан, Куоста бэйэтин кыатана ту­тунна. Тыа киһини ыраастыыр, уларытар. Айыл­ҕалыын алтыһыы дириҥ толкуйга түһэрэр диэн бигэ эрэллээх буолан, уолугар булт, сонор умсулҕанын, аар тайҕа кытаанах үөрэҕин толору көрдөрөр баҕата хаттаан уһугунна.
– Куочук, чэ кытаат, ыттаргын аҕал, паром чугаһаата, – диэн Куоста тахсан холкутуйбут куолаһынан уолун ыҥырда.
Суол халтараан буолан, аа-дьуо түүҥҥү айан буолла. Уол ыттарынаан кэнники олбоххо утуйан хааллылар. Кэргэнниилэр айан тухары инникини кэпсэттилэр. Сэттэ чаас айаннаан, дойдулары­гар түүн тиийдилэр. Дьонноро утуйбакка күүтэн олороллор эбит. Кылааса улахан эдьиийин Натаа­­һаны, кэргэнэ Өлөксөөнү Куочуктаах оҕо эрдэхтэриттэн эһээ, эбээ диэн улааппыттара. Иккиэн сэттэ уончаларыгар барбыт аҕам дьон. Өлөксөөн Куосталыын бииргэ бултаабыттара сүүрбэччэ сыл буолла, онон адьас уоллаах аҕа курдуктар.
Оҕонньор Куочугу көрөн үөрүү бөҕө буол­ла: «Хата, сиэним бултуу кэлбит дуу, дьэ бэрт», – диэн өрө көтө түстэ. Киһитэ тоҥуйдук дорообо­лосто, барсыан баҕарбат киһини аҕалбыттарын көрдөрө сатаабыттыы тылласта. Хата Өлөксөөн онно эрэ наадыйбат: «Дьэ аҕаҕынаан бултуу бардаххына абыранаҕын. Ыттары баайталыах, баанньык кэннигэр иччитэх уйалар бааллар», – дии-дии, сиэнин кытта ыттары сиэтэн бардылар.
Хара сарсыардаттан дэриэбинэ олоҕо саҕа­лан­на. Куосталаах үһүөн таһынааҕы кыра, са­йыҥ­ҥы дьиэҕэ түспүттэрэ. Ортотугар кир­пииччэ оһох­тоох дьоҕус буруус дьиэ аҥаар эрки­нэ уста­тын тухары түннүктээх. Дьиэни тилэри кэриэтэ аһыыр саалалаах, оһох кэннигэр икки утуйар орон­ноох. Эһэлэрэ Өлөксөөн эрдэ оһо­ҕу оттон бэлэмнээ­бит буолан, ичигэс дьиэҕэ хоннулар. Куочукка эр киһи үөрэҕэ саҕаланна. Аҕата эрдэттэн төбөтүгэр буһара сылдьан ки­ниэхэ анал сорудахтары тол­куйдаабыта. Үс чаас эрэ да утуйдаллар, алта чааска Куоста уолун уһугуннаран оһох отуннарда. Сүрэҕэлдьээн турбакка сыттаҕына:
– Кытаат, оһоҕу отто оҕус, ийэҥ тоҥуо, оттон баран салгыы утуйа түһүөҥ буоллаҕа, – диэтэ.
Ийэтин син харыстыы саныыр уол ойон туран, таһырдьа тахсан мас көтөҕөн киллэрэн оһоҕу отунна. Куоста кэтээн көрө сытан тыл кыбытта:
– Сарсыардааҥҥы оттук маһы киэһэ киллэ­рэн бэлэмнээн кэбиһэр ордук, уматык кыспаны эмиэ.
Куочук саҥата суох истэн кэбистэ. Ол да буоллар инникини чэпчэтэр үөрэх төбөтүгэр иҥин­нэ ини дии саныы сытта аҕата. Өссө биир күн өрөөн баран, ийэлэрэ төттөрү куораттаата. Хата устудьуон оҕолору аргыс оҥостон илдьэ барда. Ол да буоллар Куоста долгуйар:
– Суол син биир халтараан буолуо, сэрэнэн айаннаар.
Кылааса массыынаны төһө да үчүгэйдик ыыттар, Куоста кини ыраах айанныырыттан дьиксинэр, соҕотоҕун төн­нө­рүттэн куттанар. Бу сырыыга кыһалҕа эрэ буолан манна аҕаларыгар сөбүлэспитэ.
Икки күн устата Куоста уолунаан «Буран­нарын» көрүннүлэр, оҕунуохтаан, өрөмүөн­нээн биэрдилэр. Ол тухары аҕата «Буран» туохтан турарын, хайдах үлэлиирин быһаарда. Куочук саҥата суох көмөлөһөн иһэр. Ийэтэ баран тулаайахсыйан, уол аҕатын утары тыл быктарбакка илии-атах буола сылдьар. Сору­дахтары эндэппэккэ толорор. Сөбүлээбэтэр да, күн аайы эрдэ турарга үөрэнэн эрэр.
– Нохоо, баран эбиэттэ буһара тур. Өлөксөөн эт биэриэх буолбута, киирэн ылаар эһэҕиттэн, – диэн соруйда аҕата.
Эбиэт кэнниттэн сарай үрдүттэн сыарҕаларын түһэрэн көрүтэлээтилэр. Киэһэ аайы өрүс туругун киирэн көрөллөр, буоларын курдук мээнэ кэпсэппэттэр, иккиэннэрин ситимниир сыһыан олохтоно илигэ биллэр. Халлаан сылаас, кыдьымах киирэ илик.
Дэриэбинэ эр дьоно, булчуттар, бары хаар түһэрин күүтэллэр. Алтынньы бүтэрэ чуга­һаата. Балаҕан ыйын ортото хаардаан ба­ран ууллар­быта, тыаҕа эрэ ала-тала хаалбыт. Кытаанах тоҥот буолбут. Бороҥ, намыһах былыттар хал­лааны бүрүйэн лүҥкүрэн тураллар.
«Буран» айаҥҥа бэлэм буолла. Куочук хараҕа уоттанан аҕатыттан:
– Сүүрдэн, боруобалаан көрөбүн дуо? – диэн ыйытта.
Онуоха биирдэрэ:
– Суох. Хаара суохха, хара сиринэн сүүрдүл­лүбэт. Хайыһарын ыллыга тургэнник аалыллан хаалар, – диэтэ.
Сарсыардаттан уоллаах аҕа чохорооннорун туппутунан тыаҕа сис талаҕын кэрдэ таҕыстылар. Куочук саҥата суох батыһан иһэр. Сис үрдүгэр тиийэн баран, Куоста уолугар сыарҕа ылахтара буолар хара сис талахтары көрдөрдө.
– Бу маннык модьу соҕустарын, аҕыйах салаа­лаах көнө талаҕы талан кэрдиэххэ наада уонна, көр эрэ, бу маннык бааһа суоҕу тала сатаа.
Киһи харытыттан арыый синньигэс, икки аҥаар былас усталаах ылах талаҕын кэртилэр. Иккиэн сэттэлии талаҕы быанан хам кэлгийэн сүгэн төттөрү киирдилэр. Эбиэт кэнниттэн эһэлэрэ Өлөксөөн кутаа оттон ылах иэҕэргэ бэлэмнэнэ сырытта.
– Дьэ эрэ, сиэҥҥин үөрэт, – Куоста дьоһуннаахтык көрдөстө. – Улахан сыарҕаҕа икки ылах, биир тууйуу уларыйыахтаах, кыра көтөлгө үс ылаҕа үһүөн уонна буруунтугун да уларытар киһи.
Куочук хата эһэтин кытта үөрэ-көтө кэпсэтэн барда. Өлөксөөн да эдэр киһилиин оҕолуу бэтиэхэлээхтик кэпсэтэр. Бэркэ тапсан үлэлээн бардылар. Уола санаата көтөҕүллэн үөрэ-көтө сылдьарын Куоста туораттан астына көрөр. Оҕон­ньор уолга мас сыарҕа хайдах оҥоһулларын, ым­пыгын-чымпыгын барытын бэрт тиийимтиэ гына кэпсээтэ, көрдөрдө. Уокка буруунтук талаҕын ириэрэн баран ортотунан эрийэ тутаары күлсүү бөҕө буоллулар. Өлөксөөн аһары эрчимнээхтик эрийэ туппутугар уола тиэрэ таһылла түстэ.
– Эһээ, туох ааттаах резкайгыный, доо… Көтө сыстым дии! – Куочук күлэн үп-үрүҥ тиистэрэ кылбайар.
– Эн эмиэ утары эргийиэхтээх этиҥ, оччоҕо талахпыт буруунтук быһыытын ылыа этэ. Чэ, өссө биирдэ боруобалыах.
Сырыыны сылдьыбыт уһун, эргэ сыарҕа киэ­һээҥҥэ диэри саҥатыгар түстэ. Уларыппыт ылахтара маҥхаһан көрөргө үчүгэйэ сүрдээх. Бу күн ордук бэлиэ, ураты күн буолла. Киэһэ эһэлэрэ Куосталаах Куочукка аһыы киирдэ. Хойукка диэри булт-алт туһунан кэпсэттилэр, сырыыларын ырыттылар.
Кэнники икки күн тымныйда. Өрүс кыдьы­маҕа хойдон суугунуу устар. Булчуттар сотору-сотору Куосталаахха киирэн кэпсэтэн ааһаллар.
– Куочук улааппыт аҕай эбит дии, модьута-таҕата да сүрдэммит, көрүҥэ бэйэҕин баһый­быт, – диэн сөҕөр Миичик.
– Ойох көрдөнө сылдьыахтаах киһини тыаҕа соспуккун дуу, – диэн күлэллэр сорохтор.
– Дьэ абыраныыһыгын, бэйэҥ уолгунаан сылдьар, бултуур саҕа үчүгэй суох, – Элиэнчэ аа-дьуо сөҥөдүйэр.
Куочук бииргэ үөрэммит уолаттарыттан Оппой эмиэ кэлэн көрсөн барда. Уолаттар туспа олорон кэпсэтэллэр, күлсэллэр.
– Тыаҕа тиийдэххинэ сибээскэ тахсаар, мин позывнойум «Подкова», – диир табаарыһа.
Куорат ыччата төлөпүөн нүөмэрин бэрсэр эбит буоллаҕына, манна уруккулуу рация позывнойун өйдүөххэ наада. Булчуттар хал­лаан туругун ырыталлар, салгыы хайдах айанныыры быһаарса сатыыллар. Бары булт былдьаһыктаах күннэрэ бүтэн эрэллэриттэн ай­маналлар. Хаар суоҕар «Буран» хайыр тааска айанныыра кыаллыбат буолан ыксыыллар.
Куоста Амма баһын диэки ньиэп ситимин суолунан барыахтаах массыына суоп­пара Бүөтүрү көрсөн кэпсэттэ. Аарааҥҥа диэри таһаҕас көҕүрэтэн оҕонньору кытта уолун батаран ыытар санаалаах. Хата Бүөтүр уматыгын суотугар илдьиэх буолан, сэтинньи бастакы күнүгэр айанныырга сүбэлэстилэр, илии тутустулар. Сонунун оҕонньорго кэлэн кэпсээтэ, сэргэхсийии бөҕө буоллулар. Оннооҕор Куочук өрө ойуоккалыы түстэ.
– Оттон эн, паа? Хайдах кэлэҕин? – диэн соҕотохсуйбут харахтарынан көрүтэлээтэ.
– Эһигини атааран баран, уҥуор туораат, «Буранынан» эккирэтиэм буоллаҕа. Таһаҕас төһө батарынан массыынанан ыытан көрүллүө. Сыбыдах сыарҕалардаах «Буран» чараас хаарга аа-дьуо барыа. Хата сарсын-өйүүн сыарҕалары, «Бураны» уҥуор туоратан бэлэмниэххэ наада. Мотуордаах оҥочолоох киһини булан кэпсэ­тиэм, – диэн быһаарда аҕата.
Аны Өлөксөөн «Буранын» көрүннэ, бу сы­рыыга номнуо өрөмүөннүү үөрэммит Куочук көрдө-иһиттэ, саҥа чаастары таҥна. Эһэтэ илии-атах эрэ буолла, сиэнинээн уу тэстибэт доҕордуу буоллулар. Сарсыныгар үһүөн омук мотуордаах тимир оҥочоҕо Куоста «Буранын» тиэйэн, кыдьымах быыһынан астаран Алдан эбэ уҥуор туораттылар. Куочук аан маҥнай итинник ньыманан «Бураны» кыдьымахтаах өрүһү туораталларын көрөн сөхтө аҕай. «Буран» синньигэс оҥочо иһигэр тиэллибитэ түөрэҥнээн кутталлаах баҕайы курдук этэ. Уол хараҕар аҕата хорсун хапытаан курдук көстөр, хойуу кыдьымах быыһынан сүүрүгү утары тутан бэрт үчүгэйдик уҥуор туоратта. Мууһа тоҥмут элгээҥҥэ мотуо­ру барылаппытынан оҥочону мууска өрө сүүр­дэн таһаарда. «Бураны» оҥочоттон сүөкүүр, тиэйэрдээҕэр быдан дөбөҥ эбит. Өссө иккитэ кырынан сыарҕалары, уматыгы, балаакканы уҥуоргу биэрэккэ таһаардылар. Булчуттар айаҥҥа бэлэм буоллулар.
Хаалбыт күн уоллаах аҕа аны ииһинэн дьарыктаннылар. Былырыыҥҥы тайах тирии­тит­тэн бэлэмнэниллибит түнэни муостаҕа тэнитэ бырахтылар. Эдьиийдэрэ Натааһа Куочук атаҕар сөптөөх киэп булан биэрдэ.
– Көр бу, тыа киһитэ иистэнэри сатаатаҕына табыллар. Ылсан ис, маҥнай түнэбит саамай халыҥ өттүттэн уллуҥ быһабыт, – дии-дии, Куоста умса түһэ сытан ньэмиэт быһыытын уруһуйдуур.
Уол, түнэ этэрбэс диэн кэтэн көрбөтөх буолан, соччо өйдөөбөккө олорор. Сотору-сотору билбэт, истибэтэх да тыллара мунчаардаллар. Кыһыах, чучун, саарыы, тирбэҕэ…
– Ити чучуну ылан түнэни тэнитэн биэриҥ ээ, –
Натааһа кэлэ-бара сылдьан көрөн сүбэ­лиир.
Ыыһаммыт минньигэс сыттаах саһархай түнэ бүтүннүү этэрбэс быһыытынан чаастарынан уруһуйданна. Уоллаах аҕа ону бэркэ кыһаллан сытыы быһаҕынан бысталаатылар. Иҥиир сап булбаккалар сымалалаах, халыҥ хоппуруон сабынан этэрбэс эттиктэрин холбуу тигэн бар­дылар. Эбээ Натааһа ачыкытын кэтэн Куочук аттыгар оҥостон олордо. Уол кыһаллан тиритии-хорутуу бөҕө, эбэтэ көрдөрөн, көмөлөһөн биэрэр. Үс кырыылаах иннэни тута үөрэҕэ суох тарбахтара сотору ыарытыйда быһыылаах. Куочук иннэтин чыскынан тардар буолла.
– Дьэ, сэрэн, нохоо! Ити харыстыыр фин­скэй иннэм, тоһутаайаҕын, – эбэтэ сэрэтэр. Харыстыыра да сөп ээ, сүрдээх сытыы иннэ. Хайдахтаах да халыҥ тириини, тыһы холкутук дьөлө киирэр. Уонча сыллааҕыта Өлөксөөннөөх Натааһа аан дойдутааҕы табаһыттар конгресс­тарыгар кыттыбыттара, онно финнэр бэлэхтээбит иннэлэрэ. Куоста, үөрүйэх киһи, үс чаас кэриҥэ олорон эмчиирэ аҥарын тигэн бүтэрдэ. Уола ону соһуйа, ымсыыра көрдө.
Тиһэх күн киэһэ, эбэлээх эһэлэригэр киирэн хоннулар. Булчуттары атаарар остуол дьоро киэһэтэ буолла. Натааһа айаҥҥа диэн бэрэски бөҕө астаабыт. Сиэн уолга этэрбэстэригэр ха­ныы гына саҥа кээнчэлэри бэлэх уунна:
– Атаҕыҥ тоҥмотун, тоойуом. Удьуор булчут буолаар, аҕаҕыттан, эһэҕиттэн үөрэнэн хаал, – диэн алҕаата.


Кыһыҥҥы күн күлүмнээн арҕааҥҥы намтал хайалар көхсүлэригэр саста. Алдан, Амма кындааларын нөҥүөлээн Куоста Оллонгоро үрэххэ киирдэ. Сарсыарда өрүһү ыттарын кытта туораан, уон саҕана туруммута. Алдан өрүс­тэн көс курдук сири, хаара суох буолан, оргууй аҕай, хаамтаран кэриэтэ айаннаабыта. Үөһээ тахсыбыта хата хаар бэркэ тоҥоттоон турар эбит. «Буран» айаныгар олус табыгастаах буолбут, эбиитин үрэхтэр бастара бүтүннүү тарыҥнаан суол оллороотун-боллороотун биллэрбэт гына үрдүнэн халыйбыт. Ыттара иннигэр-кэннигэр сүүрэн элэстэнэ сылдьаллар, үөрүү бөҕө. Кырдьык даҕаны, куоракка, онтон дэриэбинэҕэ хааллан олорбут ыттар, иччилэрэ даҕаны, сиргэ-уокка босхо баран өрө тыыныы буоллаҕа. Ып-ыраас салгыны толору эҕирийэн киһи мэйиитэ эргийиэхчэ. Куоста санаатын баттыы сылдьыбыт уолунаан сыһыаннарын, иитии кыаллыбат боппуруостарын айан кыһалҕата сайҕаан хата төбөтүн сынньатта. Тугу да санаа баттыга оҥостубакка «Буранынан» көтүтэн иһэр үчүгэйиэн… Ити кэмҥэ киһи төбөтүгэр субу буола турар түгэннэр эрэ көстөннөр холкутуйар, көҥүлгэ көтөр.
Күн саҕахха түспүтүн кэннэ Куоста Оллонго­ро кытылыгар турар балааккаҕа кэлэн тох­тоото, «Бу­ранын» умулларда. Сынньанан балачча оло­ро түстэ. Бэҕэһээ оҕонньордооҕу массыына­нан маныаха диэри аҕалан биэрбиттэр эбит. Эрдэт­тэн кэпсэппиттэрин курдук, манна балаак­ка туруорунан хонон баран, бүгүн Киэҥ Үрэххэ тиийэ барбыт буолуохтаахтар. «Бураннарын» суола тоҥ. Аһы-үөлү барытын тиэнэн барбыттар, уматык аҥаарын, аҕыйах мэҥиэни, балаакка, оһох хаалларбыттар. Куоста балаакка оһоҕун оттон чэйдээтэ. Сытан сынньана түстэ. Хаара суоҕа буоллар, манна түүн үөһэ, сылайан-элэйэн аҕай кэлиэ эбит. Оччоҕо бэлэм хонор сир баара абырал буолуохтаах этэ. Оттон бүгүҥҥү туругу­нан бэртээхэй, чэпчэки айан буолла. Маныаха диэри холкутук, улаханнык илистибэккэ кэлбит ки­һи салгыы айанныы турарга быһаарынна. «Бач­ча бэлэм суолунан, фара уотунан, ичигэс дьиэ­ҕэ түүннэри да тиийэр инибин, түөрт эрэ көс хаалла» диэн санаа көтөн түстэ. «Арай ыттар эрэ эстиэхтэрэ, чэ, кэлин кыра сыарҕаҕа олордон кө­рүөм». Айанныы үөрүйэх киһи көрүөх бэтэрээ өттүгэр балаакканы хомуйан, оһоҕу сойута охсон сыарҕаҕа тиэннэ. Хаалбыт таһаҕаһы барытын батарда. «Бураныгар» эбии уматык куттан баран, салгыы айаҥҥа турунна.
Халлаан халлан тымныйда, туолан турар ый уота тыа иһин сырдатан, дьэҥкир дьэргэлгэн көһүннэ. Куочук итиитик оттуллубут үүтээнтэн сөрүүкүү таһырдьа тахсан чэй иһэ олордо. Хараҕар дьикти көстүү хатанна, ыйдаҥа ту­наархай сыдьаайыгар харыйалар хайдах эрэ хамсыыр, хаамар курдуктар. Эһэтинээн манна кэлиэҕиттэн төбөтүгэр араас санаалар эрил­лэн аҕай биэрдилэр. Чугастааҕы инникитин ыры­ҥалаан көрө сатаата. «Мин маннык тыа оло­ҕор дьоммун кытары тэҥҥэ, түһэн биэрбэккэ сылдьыам дуо? Сырыыларын ситиһэн, булчут буолуом дуо? Чэ, көстөн иһэр ини, онноо­ҕор кы­лааһынньыгым Оппой соҕотоҕун со­нор­­дуу сылдьар эбит дии. Мин да туохха эмэ үөрэнээ инибин» диэн санаа арахпакка сордоото.
– Куоса-а, киир, дьиэ сойдо. Утуйуох, түүн оройо буолара чугаһаата.
– Һок, эһээ, ханна эрэ ыраах «Буран» тыаһыыр курдук дии.
– Ээ, оһох турбата уһуурар ини.
– Суох, суох, чахчы иһиллэр, сүтэ-сүтэ барылыыр, – Куочук дьиэҕэ үөрбүт дьүһүннээх ойон киирдэ. Тугу эрэ эрэйбиттии эһэтин сирэйин одуулаан турда.
– Оттон аҕаҥ ини, ким уонна бу дойдуга бачча түүн айаннаабыт үһүө, – оҕонньор мичээрд­иир. – Эдэр эрдэҕинэ түүннэри айанныыр идэлээҕэ.
Куоста «Буранын» хараҕын уотун холбоо­бокко ыйдаҥа сырдыгын туһанан үүтээнигэр айаннаан кэллэ. Куочук эһэтинээн таҥнан тахсан күүтэн тураллар эбит.
– Дорооболоруҥ, тыа дьоно! Хата суол үчүгэй эбит, үрэхтэри бэркэ туораатым, – Куоста үөрэ-көтө хобдьоорбутунан кэллэ.
– Хайа, паа, «Бураныҥ» уота суох хайдах кэллиҥ? Хайаата? – уолун долгуйбут саҥата ыйыта тоһуйда. – Ыттарбыт?
– Ээ, кэлэн иһэллэр ини. Куруҥҥа диэри батыһан испиттэрэ. Сотору аа-дьуо батыһан кэлиэхтэрэ. Лаампам умайан хаалла.
– Хайа Оллонгороҕо туох хаалла? – диэн Өлөксөөн сыарҕалартан малы өһүлэргэ көмө­лөһө сылдьан ыйытта.
– Барытын батаран аҕаллым. Суолгутунан сылыктаатахха, эһиги даҕаны бэркэ, моһуо­гурбакка кэлбит эбиккит дии.
– Биһиги олох ыксаабакка айаннаабыппыт. «Бураным» дабааннарга ыарырҕатар этэ. Куочук түһэн кэнники сыарҕаны анньан биэрэ-биэрэ кэлбиппит.
Бу киэһэ Куочук аҕатын ураты сылаастык көрүстэ. Чэй кутан, киэһээҥҥи аһы сылыта охсон остуол тарта, тэҥҥэ олорсон аһаста. Кэпсэтиигэ бэркэ сэргээн кыттыста.
Биир күн өрөөн баран, оҕонньор үрэҕи таҥнаран үүтээнигэр көстө. Хаар чарааһа бэр­диттэн Куоста уолунаан хапкаан иитиититтэн саҕалаатылар. Күн тура-тура «Буранынан» үрэхтэри өксөйөллөр, систэри, кирбиилэри быһаллар. Куочук балачча элбэххэ үөрэннэ. «Бураны» дэриэбинэ иһигэр ыытар судургу эбит буоллаҕына, тыаҕа адьас атын сатабыл ирдэнэр эбит диэн өйдөөтө. Аҕата төрүт ыгылыйбакка сүбэлээн-амалаан биэрэр.
Биир күн уол үрүйэ баһыгар буом, лааҥкы сиргэ көлөтүн иҥнэри түһэрэн батылыннаран кэбистэ. Онуоха Куоста соҕотох сылдьар киһи хайдах маннык балаһыанньаттан тахсыахтааҕын көрдөрөн, бы­һааран биэрдэ.
– Эн хайаан даҕаны бэйэҕэр эрэллээх буо­луохтааххын, оччоҕо туох барыта кыаллар. Бу көр, холобур маннык сиргэ батары түспүт сэби мындырдаан эрэ хостуугун. Соҕотох хара күүскүнэн кыайбат түгэҥҥэр сыарҕаҥ быала­рын туһанар буол. Физика сокуонун тутуһан, уһун мас бааҕы сүрдээх кыайыылаах буоларын умнума.
Куоста итинник ыксаллаах кэмҥэ холку буолан, уола да ыгылыйбат.
– Маннык түгэннэргэ мөҕүттэр, кыыһыран тымтар төрүт наадата суох. «Бураныҥ» бэйэтэ тахсан кэлиэ суоҕа. Ыксыыр, санааны түһэрэр эмиэ сатаммат. Уоскуйан олоро түс, тула хаама сылдьан көр, сыарҕаларгын босхолоон хам­сатан көрүөххүн сөп. Баҕар чөҥөчөккө эҥин иҥнэн турара буолуо. Хаары тэбэн ыраастаан, мэһэйдэрин туоратаҕын.
Сыарҕа быатын босхолоон, биир уһугун кэн­ни­гэр үүнэн турар маска баайдылар. Биир өттүн «Буран» тиһилигин хараҕар баайан баран аа-дьуо кэннин диэки хаамтардылар. «Буран» быа тиһилигэр эриллибититтэн тардынан бэрт дө­бөҥнүк аҥхайтан тахсан кэллэ. Куочук бэрт ньыма эбит диэн саҥа аллайда.
Бу курдук күнтэн күн саҥаттан саҥаны ары­йан, уол үөрэҕи бара сырытта. Киэһэ үүтээннэ­ригэр кэлэн эмиэ үлэ бөҕө буолаллар. Биир үксүн сарсыҥҥы, кэлэр күннэргэ бэлэмнэнии буолар. Хата аһы олус үчүгэйдик астыыр эбит диэн аҕата иһигэр астынар. Куоста уолунаан син ону-маны ис санааларын арыйан кэпсэтэр-ипсэтэр буолан истилэр.
Төрдүс күннэригэр түүн кыратык кыраһа­лаа­та. «Бураны» сынньатан, иккиэн ыттарын сиэп­питинэн сир хаама бардылар. Аны саарба сонорун үөрэҕэ саҕаланна. Куочук, эдэр киһи, сэниэ бөҕө – хаамара харса суох. Аҕатын иннигэр түһэ сылдьан сугун угун быыһыгар саарба суолун өйдөөн көрбөккө ааһа турда.
– Хаарбыт чарааһа бэрдиттэн ыттарбыт да өйдөөн көрбөттөр эбит. Тохтоо, бу аһары көттүҥ дии, – аҕата күлэр.
– Ээ, бу ыстаммыт эбит дии… Ойбута тугун ырааҕай, иккис түһүүтэ ол мас анныгар эбит, – уол сүүрэн кэлэн суолу үөрэтэ сатыыр.
Куоста, уола хараҕа уоттаммытын көрөн, иһигэр астынар.
Саарбаларын суолун хайа сырыттахтарына, хойуу сугун угун быыһыттан улардар көтөн тахсан, чугас мастарга олордулар.
– Аа-дьуо чохчойбутунан үөмэн киир, сирэй­гин үтүлүккүнэн саба тутта сырыт, – аҕата сиби­гинэйэр.
– Ол тоҕо чохчойобунуй? – Куочук ол быыһыгар ыйыта охсор.
– Чохчой, оччоҕо ыкка маарыннатан эрдэ көп­пөк­кө олорон биэриэхтэрэ. Ытаргар төрүт ыксаама.
Уола долгуйбута аҕатыгар кытары бэрилиннэ. Куочук куругар баалла сылдьар ытын кэннит­тэн чохчойон, сороҕор түөрт атах буолан ыла-ыла, чугас соҕус маска олорор хара улар диэки киирэ турда. Куоста туораттан көрөн туран көрдөһөн сибигинэйэр: «Байанай эһэкээбит, мааны кө­төр­гүн бэлэх уун, уолум бултуйдун, хаана уһугуннун». Улар тэһииркээн саҥаран тоһурҕат­та, моонньун уһатан ол-бу диэки олоо­тоото. Куочук ыта үрэн барда, хата мээнэ тардыаламмата. Биэс уонча миэтэрэ чугаһаан баран туоһапка тыаһа «тас» гынна. Улар маҥнай хамнаабакка байааттаҥныы түһэн баран му­тук бөҕөнү солообутунан таҥнары сурулаан сиргэ «лүҥ» гына түстэ. Куочук үөрүүтүттэн ойон тураатын кытта икки өттүттэн кирийэн олорбут улардар көтөн тигинэстилэр. Уол соһуйан ньыкыс гынан ылла. Уларыгар сүүрэн тиийэн харбаан ылан кыра оҕолуу үөрэн аҕатын диэки хайыста. Куоста уолун кэлэн эҕэрдэлээтэ:
– Дьэ бу Сииҥкэн буолар, эйиэхэ. Тиийэн оһоххун күндүлээр. Тугу сыыспыккын өйдөөтүҥ ини?
Куочук хараҕа уоттаммытын, сүргэтэ көтөҕүл­лүбүтүн көрөн, аҕата үөрдэ аҕай.
– Астык дии, паа. Улахан даҕаны, ыйааһына сүр. Ээ, ити туран кэлбиппэр көттүлэр дии, сөпкө сүбэлээбит эбиккин. Олорон эрэ эрдэ бары ханан-ханан олороллорун көрүөхтээх эбиппин, оччоҕо, баҕар, өссө биири бултуом хаалбыт. Чэ, аныгыскыга ити лайфхагы туһаныам.
Куоста тута уолугар улар түүтүн үргэттэ. Сап-саһархай сыанан бүрүллүбүт, олус уойбут улар сылааһыгар тириитэ хайа барбакка дөбөҥнүк үргэнэрин быһаарда.
– Паа, Сииҥкэн диэн тугу этэр этигиний? – Куочук уларын үргээн бурҕаҥната туран ыйытта.
– Инники булт табыллыытын мэктиэлиир көстүү. Байанайы эбэҥкилии Сииҥкэн дииллэр.
Уол булдун сүгэһэригэр уктан ыйааһына эбил­либитигэр: «Оо, иккини-үһү бул­таабытым буол­лар, олох баттатыа эбиппин ээ», – диэ­мэхтиир.
Үүтээннэрин тумулун эргийэн аллараа үрэххэ киирэн иһэн, ырааска саарба кутуйах көрдүү сылдьар суолун булан, ыттарын төлө тартылар. Булчуттар ыттарын харахтарыттан сүтэрбэккэ ыраахтан көрөн турдулар.
– Бу адьас буруолуу сытар суол диэн буо­лар, – аҕата тайаҕынан саарба чарапаайдаабыт суолун булкуйан хаары бурҕатар.
Уол төҥкөйөн тарбахтарынан тыытан көрөр. Саарба субу ааспыт сыта ыттар муннуларын кычыкалатан, көстүбэт быа буолан бэйэтин начаас булларда. Маҥнай Милка үрэх ыарҕа­тын быыһыгар саарба хараарыҥнаан ылбытын таба көрө охсон быһа түһүнэн кэбистэ. Кэн­ниттэн мэник-тэник Умка обургу ыстанна. Дулҕа быыһыгар кутуйахтаан аралдьыйа сыл­дьы­быт саарба, соһуйан чугас турар төбөтө тостубут муҥурахха өрө сүүрэн тахсан, ыттар тиистэриттэн кыл-мүччү быыһанна. Саарба кут­талыттан өссө уоҕурбут аһыы сыта үнүгэстэр өйдөрүн көтүттэ. Үрэх иһэ омуннаах үрүүнэн баргыйа туолла. Булт бу бэрт эриэккэс хар­тыыната тэйиччиттэн көрөн турбут Куочук өйүгэр умнуллубаттык хатанна. Кулгааҕар ыттар омуннарыгар салгыны хабыалыы-хабыалыы, чачайа сыһа-сыһа үрэллэрэ кэрэ дорҕоон буолан иһилиннэ. Хойуу талахтаах, онтон үрдүк дулҕалаах сир устун хайдах сүүрэн маҕыйан тиийбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Саарба эчи имигэһин, сылбырҕатын, маска эрийэ сүүрэн тахсыбыта түргэнин. Хап-хара кылааннаах түүтүн адаарыппыт саарба муҥурах төбөтүгэр бөкү­нүк бэргэһэ буолан курдургуу олордо. Куоста Умканы тутан ылан чугас талахха баайан кэбистэ.
– Дьэ эрэ, нокоо, саарбаҕын моонньун көрөн баран ыт. Оччоҕо тириитигэр биллэр биллибэт буулдьа суола хаалыа.
Куочук ыттар аймалҕаннарыгар бэйэтэ кытта тэҥҥэ үрүөх айылаах буолла. Маҥнай кыҥаан көрдө да, илиитэ салыбыраан, сыыһыах курдук. Саатар чугас өйүүр мас суоҕа тиэрэ түһэн сытан кыҥыырга кыһайда.
Аҕата күлээн-күлэн баран:
– Мэ, Куочук, бу тайах туохха туһалааҕын бил уонна туһан, – диэтэ.
Уол тута өйдөөтө, тайаҕы хаарга батары анньан баран, чохчойон олорон саатын онно өйөөн саарбатын биирдэ эрэ ытан кэбистэ. Оо, бу үөрүүлээх да, көрүдьүөс да көстүүттэн Куоста дьоллонон аҕай турда. Уола хаһыытыы-хаһыытыы ытын эккирэтэриттэн быара ыал­дьыар диэри күллэ. Милка, мин булдум диэбит­тии, ытырбытын ыһыктыбакка дулҕа быыһынан куота сырытта. Куочук, иҥнэн умса баран түһэ-түһэ, ытын кутуругуттан харбаан ылан саарбатын былдьаста. Умка, баайыллан туран кыһыытыттан сарылыы сатаан баран, устунан улуйан барда. Куочук саарба булдугар сүрэхтэниитэ буолла. Булчуттар киэһээҥҥи барык буолуута кэпсээн-ипсээн бөҕө буолан, күннээҕи сырыыларын ыры­тыһа-ырытыһа үүтээннэригэр кэллилэр. Аҕалаах уол икки ардыгар истиҥ сыһыан күүһүрэн, Куочук аармыйаҕа сылдьыбытын туһунан, би­лиҥҥи атастарын тустарынан аһаҕас­тык кэпсээтэ. Уола санаа, толкуй бөҕөҕө сылдьарын аҕата, дьэ, биллэ.
– Паа, дьиҥнээх доҕор диэни эн хайдах быһаараҕын? Киһи киһиэхэ сүүс бырыһыан эрэнэр дуо? Доҕотторуҥ тустарынан кэпсээ эрэ.
– Оо, бу диэн эттэххэ, олоҕуҥ устата араас атастар, табаарыстар көстөн ааһар буоллахтара. Кэм-кэрдии бэйэтэ туспа доҕоттордоох, холо­бур – оҕо саас. Оскуола кэмнэрин доҕотторо бааллар, сорохторун кытта билигин да билсэн-көрсөн үөрэҕин, уруккуну сэһэргэһэҕин. Ол гынан баран дьон-дьон бары тус-туспа суоллаах-иистээх, көрүүлээх буолан, арыый тэйсэн, сүтэрсэн кэбиһиэххин сөп. Ол сөптөөх көстүү буолар. Арай эрэ өстүйэн дуу, кыыһырсан дуу арахсыбатаргын, көннөрү тэйсэҕин, интэ­­риэс да уларыйан, улаатан, атын дьону-сэргэни бил­сэн, тус бэйэҕэр сөп түбэһэр биир хаамыылаах доҕоттору булан алтыһар эйгэҥ ула­рыйар. Ол да бэйэҕиттэн тутулуктаах. Мин санаабар, доҕордоһууга сыҥаланыы диэн суох буолуохтаах, дьылҕа бэйэтэ быһаарар курдук. Кэм-кэрдии син сиидэлиир, кими эрэ аттыгар хаалларар, кими эрэ тэйитэр. Ким эрэ эйигин туһана сылдьар буолуон сөп, сорох таҥнарыа, ким эрэ эн тускар атаҕын тоһутуо.

Киэһээҥҥилэрин аһаан баран Куоста уолу­гар саарба хайдах сүлүллэ­рин, таҥастанарын көрдөрдө. Маҥнай илин атаҕыттан саҕалаата, тыһын тиэрэ тардан тарбахтыын, тыҥырахтыын сүлэн көрдөрдө.
– Дьэ эрэ, аҥаарын аны эн.
Куочук үөрэнэ илик тарбахтара аанньа исти­бэт курдуктар. Уһун быһах төбөтүнэн тутта или­гэ бэлиэ, саатар, маҥнайгы күндү түүлээ­ҕим ти­риитин алдьатыам диэн сэрэнэн бэрт өр эристэ.
– Сөөп, аны кэлин атахтарын үкчү итинник эрээри, көр бу, эмэһэтин үүтүттэн маннык кө­нө­түк эмиэ атаҕын ортоку тарбаҕар диэри сиирэ анньаҕын. Быһаҕыҥ төбөтө сытыы буолуохтаах. Оччоҕо туора-маары хайыппат.
Уол тиритэ-хорута ылсан иһэр. Үүтээн иһин аккумуляторга холбоммут светодиод лаампа бэркэ сырдатар да, Куочук эбии сүүскэ кэтэр фо­наригынан көмөлөһүннэрэр, эпэрээссийэлии турар хируру санатар. Аҕата туораттан көрөн олорон мичээрдиир. Бэйэтэ да маҥнайгы саарба­тын икки чааһы быһа сүлбүтүн санаан ылла.
– Паа, оттон дьээдьэ Лехалааҕы, Оппуон­ньа­лааҕы, Гирииһэлээҕи кытта хаһан, хайдах бул­сан доҕордоспуккутуй? Бэйэбин өйдүөхпүттэн баар курдуктар дии, акаары өссө аймахтарбыт дии саныыр этим ээ, – уола күлэр.
– Тоҕус уонус сыллартан бииргэ буспут-хап­пыт, олох араас очурдарын тэҥҥэ ааспыт доҕот­торум. Оччолорго Сойуус ыһыллан дойдубут саҥа тутулга киирэ сатыыр кэмэ этэ. Биһиги, оскуоланы саҥа бүтэрбит оҕолор, үөрэххэ талаһа сылдьарбыт. Ырыынак үйэтэ саҥа саҕаланан, дьоҥҥо үп-харчы кэмчи. Биһиги харчы өлөрөө­рү саҥа тэриллибит куруусчуттар биригээдэлэ­ри­гэр киирбиппит. Көр-нар билиһиннэрбэтэҕэ, кы­һал­ҕа кы­һайан бэйэ-бэйэбитин булларбыта. Уулуссаҕа да бэрээдэк, быһыы-майгы мөлтөх со­ҕус кэмнэрэ этэ, ол иһин бары бииргэ тутуһан, биир сутурук буолан сылдьыбыппыт. Сорохпут устудьуон, сорохпут эдэр ыал, ким эрэ үлэ булбатах эдэр специалист, күрэхтэһэ сылдьар спортсмен кытаанах үлэҕэ үлэлээн, син харчы өлөрөн дьон тэҥэ буоларбыт. Онтон ыла ити уолаттары кытта олох суолун устун бииргэ хааман истэхпит. Оччолортон бэйэ икки ардыгар албыннааһын, түөкүннээһин суоҕа, оннук да дьон көстөн ааспыттара, ол эрээри би­һиги кэккэбитигэр кинилэр миэстэ бул­баттара чахчы. Иэс-күүс баайыы эҥин диэн ахтыллыбат даҕаны. Ол иһин доҕордоһуубут күүһүрэн, эн аймахтарым дии саныыр буоллаҕыҥ, – Куоста до­ҕотторун санаан сылаас иэйиигэ кууста­рар. – Мөк­күһүү, биир санааҕа кэлбэт буолуу да кэм­нэрэ бааллара… Оннук буолуохтаах да буоллаҕа, бары атын-атын дьон буоллахпыт дии. Ол да буоллар этиһиигэ, охсуһууга тиийбэт этибит. Инньэ гынан араас майгылаах дьон бэйэ-бэйэбит нэммитин билсэн, хайдах баарбыты­нан ылынан сырыттахпыт. Биир тылынан эттэх­хэ, үчүгэй доҕоттордоох дьол дии саныыбын. Таба тайанан табаарыс булунар уустуктардаах. Ол барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Дьон тардыһар көнө киһитэ буолуоххун наада. Аһаҕас, элэккэй киһиэхэ дьон тардыһар. Дьэ, онтон, кимниин доҕордоһоргун бэйэҥ быһаараҕын буоллаҕа. Ол аайы аймах буолбатах, ылынар-ылыммат быраабыҥ.
Аны сүлүллүбүт саарбаны субалааһын бо­дьуус­таһыыта буолла.
Куоста күлэ-күлэ уолугар быһаарар:
– Бу улахан тойон тарбаҕыҥ тыҥыраҕа уһун соҕус буолара ордук. Маннык саарба тириитин хонноҕун анныттан саҕалаан эргитэ сылдьан субатын дьүккү анньан аллара түһэрэн иһэҕин. Сорох дьон эрбэхтэригэр биинтэ эрийэн баран субалааччылар. Ол да туһалыыр үһү.
Куочук, тыҥыраҕын олоччу кырына үөрэм­мит киһи, дьиктиргии иһиттэ. Иккис сүбэни туһа­нан биинтэ эринэн субатын кыайда. Хол­боон тириини тиириигэ олордон куурда ыйаа­ты­лар. Дьэ сытан сынньаныахпыт диэн эрдэҕинэ, аҕата уларгын эмиэ бүгүн дьаһайыаҥ этэ диэн сытыарбата. Сарсыардаттан киэҥ сири хаампыт атахтара төһө да нүөлүйдэллэр Куочук мөккү­һэ барбакка үргэммит уларын үрүсээгиттэн хос­тоото. Аҕата кыспа кыһан кырдырҕатта. Көннөрү оһох оттор кыспаттан арыый ураты, будьур­хай­дара күрэхтэспиттии эриллэҕэс, мэктиэтигэр күүгэннирэн көстөр кэрэ бэйэлээх сибэкки курдук буоллулар.
– Ок-сиэ, тоҕо бэрдэй, паа, – уол саҥаттан саҥаны арыйардыы сэргээтэ.
– Бу улар үргэммэккэ хаалар ньаассын түү­түн уокка салатаары маннык эриллэҕэс кыспаны кыстым.
Таһырдьа тахсан көппөх курдук будьур­хай кыспаны чуурка үрдүгэр уурдулар, Куоста испиискэ уматан даҕайаатын кытта уот буо­рахтыы өрө уһууран таҕыста. Куурбут хаһыат­тааҕар быдан суостаах кулуһун буолла. Улары эргитэ сылдьан онно кэрээтилэр. Онтон дьиэҕэ киллэрэн эбэҥкилии моонньуттан дабыталын төрдүгэр диэри быһаҕынан хайа быһан баран, көхсүттэн икки аҥы хайа тардан аппаттылар. Быарын тута тууһуу түһэн баран килиэби кытта бэркэ минньигэһиргэтэн сиэн кэбистилэр. Кур­та­ҕын тиэрэн ыраастаан баран, сүрэҕин кытта төттөрү улар көҥдөйүн иһигэр уктулар. Иһэ-үөһэ ааттаах үчүгэй мэҥиэ диэн туспа уурдулар. Астыырга бэлэм улары көхсүн төттөрү саба ту­тан баран таһырдьа дэлкэҥҥэ тоҥоро уурдулар. Онтон өссө хойукка диэри чэйдээтилэр.
– Чэ, уоту умуруордум, утуйуохха.
– Астык күн ааста буолбаат, паа…
– Булт болдьоҕо уһун курдук даҕаны биир да күн хатыламмат буолан начаас бүтүө. Астына-дуоһуйа сылдьымахтаан хаал. Бу дойду – эйиэнэ.
Куочук хараҕар хойукка диэри хара саарба сырбаҥалыыра көһүннэ, кулгааҕар улардар дохсун кынаттарын тыаһа лаһыгырайда. Онтон Куоста күннээҕи сырыылара табыллан, санаата сааһыланан, сытаат да утуйда.


Халыҥ хаар түһэрин кыыллар да күүппүттэрэ ыраатта. Халлаан тымныйдаҕын ахсын хоноо­ру сыталларыгар ойоҕосторун сылытыахтаах көп суорҕаннара суох. Бука, мас көтөрө ордук эрэй­дэнэн эрдэҕэ. Хаар үөһэ сискэ эрэ баар, ону да кытаанах тоҥоту дьөлө түһэр, куттал суоһаатаҕына тоҕо сүгэн тахсар уустук буолла­ҕа. Онон харыйа төрдүгэр, кытыан быыһыгар, үрэх бастарын бүкээҕэр хорҕойон олорон хо­ноох­­тууллар. Төһө да аһылык элбэҕин иһин, кыһыҥҥы уһун түүн тоҥорон кэһэтэр. Арай саарба эрэ үөрэ-көтө көрүлүүр: хаарга көмүл­лүбэтэх сугун угар ыанньыйан минньийбит ото­но муус кэмпиэт курдук көҕөрө бытыгыраан ыйанан турара үчүгэйэ сүрдээх. Итии аһылык диэтэҕинэ, кутуйаҕы сири хаспакка да булан күннүүр. Үрэхтэр хаар чарааһыгар дөйө тоҥон, дьүүктэлэр харса суох угуттаан, тарыҥ бөҕө. Кыра хочолору иһинэн-таһынан толорон, таас, дулҕа быыһыттан бытархай хамсыыр харамайы барытын үөһэ үүрэн таһаарда. Кутуйахтар дулҕа төбөтүгэр ыттан, муҥурах көҥдөйдөрүн булан саарба босхо аһылыга буолан биэрдилэр. Түүнүн тоҥот устун кыһыҥҥы этэрбэһин кэп­пит адьырҕа саарба үөмэн киирэн кытыан быы­һы­гар утуйа олорор бочугурас барахсаны бурҕаҥ­натан кэбиһэр. Бу үлүгэрдээх үчүгэй дьыл кинини күн­дү аһынан маанылаатаҕа. Ха­йа­лар быардарын куу­һа эргиччи үүммүт болбук­та баччаларга инчэ­ҕэй хаарга баттатан хаптайа сы­тар буолуохтаах этэ. Билигин сиргэ саккыраабатах хаарыан туораах­та­ра дөйө тоҥон ыйа­нан тураллар. Саарба онно да тиксэн сыа эбинэр.
– Күндү түүлээхпит күннээтэ, иһэ тото бэрт буолан хапкааннарга саараама чугаһаабат. Би­һиги мэҥиэлэрбититтэн сиргэммиттии туттар эбит. Бу тоҥот киниэхэ аспаал суол кэриэтэ буолла. Дина сиппэккэ хаары дьөлүтэ үктээн атахтара бү­тээхтээтилэр, – оҕонньор үрэх алла­раа тар­дыытыттан көһөн кэллэ, мунчаарбыта сүрдээх, санаата да түспүт.
– Этимэ, хаһыс да күммүн кыыллары сонор­доотум да, чугаһаппаттар. Таҥнарыахсыт тоҥот үөмэр тыаспын ыраахтан биллэрэр.
– Хайа, Куочук ханна баарый? Боруҥуй буол­ла, баччааҥҥа диэри хаама сылдьар дуо? – сыарҕаларыттан таһаҕаһын сүөкүү сылдьан Өлөксөөн сиэнин суохтаан ыйытта.
– Ээ, ити утары Үмүлүүннүүр үрүйэтин киниэхэ анаабытым, онно үөрэнэ таарыйа хапкаан иитэ сылдьар. «Буранынан» суол үктэппитэ, ол устун хааман дыгыйа сылдьан тоһуур туруортуур. Сотору кэлэр ини, – аҕата холку.
Саҥа чэйдээн эрдэхтэринэ, үүтээн аана аһыл­л­а түстэ.
– Ок, эһээ кэлбит эбит дуу, – Куочук үөрбүт сирэйэ былтас гынна. Хата кини эрэ санаа түһэр диэни билбэккэ саҥаттан саҥаны арыйа, үөрэ-көтө сылдьар. Кырдьыга да оннук, булт өҥ дьыла хайдаҕын көрө-билэ илик киһиэхэ кыһалҕа кыра ээ. Хата эдэр киһи Байанайа батыһа сылдьар.
– Көр, эһээ, мааҕыын ииппит хапхааммар кэн­ни­биттэн саарба кэлэн иҥнибит. Билигин барыкка төннөн иһэн мөхсө аҕай олорорун буллум. Паапа үөрэппитин курдук сүрэҕин хам тутан салҕаатым, конечно, не очень приятно, – үөрэн тиистэрэ килбэҥниир.
Сирэйэ-хараҕа салгыҥҥа сиэммит, быллайбыт иэдэстэрэ уолан аччаабыкка дылы буолбут, бэргэһэтин устубута быга сылдьыбыт баттаҕа мууһурбут уол оҕото киирэн кэлэн эһэтинээн илии тутуста.
Өлөксөөн сүрэ көтөҕүллэ түстэ:
– Маладьыас, нокоо! Сииҥкэниҥ ньүһүйэ туруохтун! Дьүһүннүүн тыа киһитигэр маарын­наабыккын дии. Куоратыҥ сыта суураллыбыт, – оҕонньор күлэр.
– Туох мэҥиэҕэ ымсыырбытый, Куочук? – аҕа­та интэриэһиргиир.
Уола күлэ-күлэ:
– Вы не поверите, мэҥиэбин харыстаан уйа иһигэр кып-кыра балык бырахпытым, эбиитин улаҕа өттүгэр ити эргэ хоруопкаҕа баар CD диискэни ылан уурбутум.
– Тыый! Туох килбэҥниирин көрөөрү, билэр-көрөр баҕатыгар киирэн биэрдэҕэ, ол аата, – Өлөксөөн соһуйда.
– Маннык тот кэмигэр кырдьык даҕаны киһи мыыдарастаан, сонумсаҕын көбүтэр мэҥиэ булан ыйыыһы дии, – Куоста сэҥээрдэ.
Киэһэ булчуттар үһүөн саарба сүлэн күннэрин түмүктээтилэр. Оҕонньор үс саарбаны аҕалбыт. Куоста кыыллары туруоран куоттаран баран, төннөн иһэн иккини хапкаантан устубут. Куо­чук бэйэтэ бэйэтиттэн эксээмэн тутар курдук баллыгырыы-баллыгырыы бүгүҥҥү саарбатын сүллэ.
Эһэтигэр:
– Көр эрэ, бу син сатаатым дуу? – диэн көр­дөрдө.
Киэһэ утуйаары сытан инникитин хайдах тэ­ри­нэн бултуулларын быһаарыстылар.
– Бу өттүгэр сэп-сэбиргэл барыта иитилиннэ, тоһуур барыта турда. Хаар түһүөр диэри саарба ытынан кыайтарыа суох. Сарсын биһиги өрө көһүөхпүт, онно хапкаанныахпыт. Хаара үчүгэй буоллаҕына, онно да сир хаамыахпыт, – Куоста санаатын эттэ.
– Оннук, хаар суоҕар манна күнү-дьылы ыыппат курдук инньэ гыныҥ. Мин даҕаны Куһаҕан Төрүттээҕи өксөйөн хоно-хоно Бүүрүү­лээх баһыгар түһүөм. Баҕар, онтон эһиэхэ таҥнары киириэм. Ханан таабырданаары гына­ҕыт? – Өлөксөөн утуйан иһэн уһуктан ыйытта.
– Хайата ордук буолуой? Эһэлээххэ дуу, Бүүрүүлээх төрдүгэр дуу?
– Бүүрүүлээххэ миэхэ ордук буолуо этэ, хонон ааһарга, – Өлөксөөннөөх Куоста хараҥаҕа кэпсэтэ сыттылар. Куочук номнуо мунна тыа­һаата.
– Били былырыын балааккаламмыт сиргэр оттон, хайдаҕый? Уу да чугас, суол таһа даҕаны.
– Ээ, онно кураанах маһа чордонноҕо буолуо, былырыын эрэ буолбатах, үһүс сылым буолар, ити сиргэ тохтообутум, – Куоста толкуйга түстэ.
– Маһы баҕас «Буранынан» хантан баҕарар таттараҕыт буоллаҕа, – Өлөксөөн салгыы туруорсар санаалаах.
– Чэ, онно да буоллун, Сииҥкэннээх баҕайы сир этэ, – Куоста сөбүлэстэ.
Сарсыарда уол аҕатынаан эрдэ туран хо­мунан, Киэҥ Үрэҕи өксөйө көстүлэр. Куоста уолун үөрэнэ түстүн диэн «Бураны» ыыттарар. Икки сыарҕа состоруулаах, бэйэтэ саҥа суол тэ­лэн айанныыра – туспа үөрэх. Куочук олбоххо оло­рон көрбөккө, туран эрэ ыытан иһэр. Хараҕар саҥаттан саҥа сирдэр арыллан истилэр. Кыла­лаах хайалар кэннигэр хааланнар киэҥ толоон­нор көһүннүлэр, ыраас бэс тумуллары хойуу харыйа тыа солбуйда. Салгыы үрүйэ­лэр самахтарын кэннилэриттэн кыра-кыра толооннордоох ар­бай мастаах тумуллар кэлитэлээтилэр. Тымныы салгын сирэйин хаарыйыах курдук, муннунан кии­рэн төбөтүн курдат тымныынан сайгыыр. Үөрүү да, долгуйуу да дууһатын толордо. «Бу барыта биһиги сирбит», – диэн аҕата эппит тыллара уол өйүгэр хос-хос эргийэн кэлэ турар.
Куоста сыарҕаҕа сымнаҕас олбох оҥостон хороллон олорор. Уола ыытан иһэрин көрө, сыаналыы олорон «дьоллоох да киһибин» диэн санаа күлүм гынар. Оҕото улаатан бэйэтэ суол тэлэн айаннаан иһэрэ, бултуу-алтыы көһөрө ыра санаатыгар эрэ баара. Онтон бу илэ-чахчы буо­ла турара үчүгэйиэн. Арай толору дьоллонуох ки­һини сыарҕаҕа олорон бураан буруота тум­нарыахча буолла. Куочук аара араас кыыллар суолларын ырыта истэ. Өр хаардаабакка чахыс халлаан туран, саарбалар суоллара туох да хара баһаам курдук.
Уол күнүс биир сиргэ тохтоон аҕатыттан ыйытта:
– Көр эрэ бу, паапаа. Саарбалар суолларын хайысхата таҥнары диэки дии, сыыһа көрбөт буоллахпына.
– Саамай сөпкө бэлиэтии көрбүккүн, бу аата айаннаан эрэллэр. Көс саарбаны олохтоох саарба сириттэн, ыырыттан көҥөөн кыйдыыр. Ол аата дьааҥыларга хаар түстэҕэ буолуо, аһылык­тара аччаата да, көһөн бараллар. Дьэ бу көс саар­ба хапкааннарбытыгар киириэхтээх, хоргуйбут буолан, хайа да мэҥиэни сирээччитэ суох.
Үүтээннэриттэн икки аҥаар көс кэриҥэ сир­гэ көһөн тиийэн балааккаларын тиирдилэр. Куоста уолугар уруккуттан сарааннанар сири ыйан биэрдэ. Киэҥ Үрэх салгыыта буолбут Бүүрүүлээх диэн үрүйэ төрдүгэр бэс тумулга түстүлэр. Хаар манна да элбэҕэ суох, киһи сото­тун ортотунан эрэ. Хаары хоолоо (эбэҥкилии мас күрдьэх) көмөтүнэн балаакка түгэҕин саҕа гына ыраастаатылар. Сэтиргэ харыйа лабаатын тоһутан аҕалан халыҥ гына тэлгээтилэр.
– Эн бу сиргэ наар соҕотоҕун хонооччугун дуо?
– Ээ, оннук буоллаҕа, биирдэ эмэ Өлөксөөн ити Бүрүүлээххэ киирэн иһэн хонооччу. Ити суон харыйаҕа сис мас өйөнөн турар уонна тоһоҕолор бааллар, ону аҕал эрэ. Эн эмиэ бу маннык хаалларар буол, балааккаҥ маста­рын, тэлбэлэрин, тоһоҕолорун харыйа төрдүгэр туруору өйөөн кэбиһэҕин, отууламмыт көлөҕүн кытары. Оччоҕо эһиилги сылгар саҥа маһы кэрдэр кыһалҕа суох буолар.
Үс аҥаар миэтэрэ иэннээх улахан балаакканы туруордулар. Оһох олоҕо кытта баар буолан, сотору тумулга буруо унаарда. Кубарыйбыт бириһиэннээх балаакка иһэ сып-сырдык. Тимир оһох суоһуттан тоҥ харыйа сэктэ тиллэн мутукча хойуу сытын таһаарда.
– Тоҕо бэрдэй, бэл, муннум бүөлэммитэ аһылынна дии, – Куочук дириҥник салгыны эҕирийдэ.
Чуоҥаал (аһыыр иһит уурар, остуол да буолар дьааһык) тула таба тириилэрин тарҕата сылдьар аҕата үөрдэ:
– Бу салгын бэйэтэ эмтээх.
Манна олорон эмиэ хас да күн хапкаан ииттилэр. Биир кыра кыраһалаах күн ытынан саарбалаан көрдүлэр да, кыаллыбата. Уолбун аҕалбытым кэннэ ыарахан дьыл сордоору гынна диэн Куоста санаата түһэн, мунчаара сылдьар. Иһигэр Куочугу ытынан саарбалыырга үчүгэйдик үөрэтэр санаалааҕын, кыылга да үөмтэрэн кө­рөр баҕалааҕын бу тоҥот барытын туора сот­тоҕо. Бииртэн астынар – уола үөрэ-көтө, баар-суох диэбэккэ булт абылаҥар ылларан сылдьар. Эбиитин сүрүн сыалын ситистэҕэ. Баҕатын хоту уола үөрэх бөҕөнү ылынан, сырыы-айаны моһоллорун тэҥҥэ үллэстэн, аҕатынаан биир тылы булан, истиҥ сыһыан күүһүрэн сылдьар. Куоста ону санаата даҕаны тута ис туруга көнө түһэр. Үрэх баһынааҕы сирдэриттэн аҕыйах саарбаны эбинэн, биирдии улары ытаннар төттөрү үүтээннэригэр көстүлэр.
Киэһэлик тиийбиттэрэ, Өлөксөөн кэлбэтэх, үрэх аллараа өттүнээҕи сиригэр баар буолуо диэн быһаардылар.
– Аҕаа, мин сарсын эһээбэр бара сылдьабын дуо, кэлбэтэҕэ ырааппыт дии?
– Кини эргиир суоллаах, бу Киэҥ Үрэҕинэн таҥнары киирэр, үс көс курдугу, үүтээнэ онно турар. Төннөрүгэр Сүүллээх үрэҕин өксөйөн Тыҥкырай баһыгар түһэн эргийэн кэлэр. Арай хардарсан хаалыҥ?
– Оччоҕо дьиэтигэр хонон баран, кэлбит сирбинэн төттөрү кэлиэм буоллаҕа дии. Хата сири-дойдуну көрүөм, Умканы доҕор оҥостон илдьэ сылдьыам. Баҕар, суолга саарба саҥа суолугар түбэһиэм.
– Эбии уматыкта ылан бараар уонна эрбиигин эмиэ илдьэ сырыт.


Тигди үрэх кылатын үрдүнэн оччугуй уҥуох­таах оҕонньор, туут хайыһары сыыйа тэбэн, тоҥот устун тыаһа суох хааман иһэр. Өлөксөөн ха­һыс да күнүн кыыллары сонордосто, хаста да чугас үөмэн киирэн баран мүччү тутуталаата. Хата мындыр оҕонньор бүгүн хаар чарааһын үр­дүнэн хайыһарданар санааланна. Сатыы хаа­ман хардырҕатардааҕар хайыһарга тыаһа быдан кыра. Хаар саба түспэтэх сугун уктара мэһэйдээтэллэр да, хайыһардаах арыый ордук буолла.
Иннигэр суор «кылык-кулук» диэн саҥарара иһилиннэ. Өлөксөөн тохтоон кыла үрдүттэн одуу­лаан, иһиллээн турда. Ыраах, үрэх аллараа өттүгэр «Буран» барылыыр тыаһа иһиллэн ылла. Ким кэлэн иһэр буоллаҕай диэн санаа киирэн эрдэ­ҕинэ иннигэр, эмискэ сытан эрэр болбукта ла­баата хамсаата. Кыыллар бэҕэһээҥҥи суолла­рын хайа сылдьар оҕонньорго уун-утары кыыл таба тахсан кэллэ. Икки ардылара отучча эрэ хаамыы. Адаарыйбыт муостаах кубаҕай кыыл таба, манна этэллэринэн күөрбээ, үөһэ-аллара хантаарыҥнаан салгыны сырылаччы тыыммахтаата, даллаҕар кулгаахтарын саратан аллараа диэки барылыыр «Буран» тыаһын истэн турда. Бэлэмэ суох испит оҕонньор карабинын санныттан аа-дьуо ылан кыҥаан эрдэҕинэ, сэрэх муҥутаан туора ыстанна. Ол эрээри, үстэ ойоот, тоҕо эрэ ойоҕолуу турунан кэбистэ. Өлөксөөн оччолооҕу мүччү туттубата. Моон­ньун төрдүн чопчу булларда. «Һуу» диэн өрө тыынан баран, уоскуйа түһээри олордо. «Буран» тыаһа чугас иһиллэр эбит. Дьонум сүтүктээн кэл­лэхтэрэ буолуо дии санаата. «Бу кыланы кыра­тык нө­ҥүөлээтим да, Киэҥ Үрэх сирэйигэр түһэ­­бин, аллара киирдим да, дьиэм бу турдаҕа», – диэт, оҕонньор эрчимнээхтик хаама турда. «Хата дьоммун таһааран көмөлөһүннэриэм, бу кыыл кыратык сойо түстүн», – диэн бэйэтэ-бэйэтигэр баллыгыраата.
Куочук, тиийиэхтээх сиригэр кэлээт, дьиэҕэ киирэн чаанньык сылаас турарыттан эһэтэ чугас сылдьарын сылыктаата. Эбиитин наара анныттан утуйа сыппыт Дина ньылбыйан тахсан атаахтаан ньылаҥнаата, уол илиитин салаата. Өлөксөөн кэлэн иһэрин ыраахтан истэн, сыарҕа үрдүгэр олорбут Умка үрэн биллэрдэ. Куочук эһэтин көрсө таһырдьа таҕыста.
– Оо, сиэним кэлбит эбиккин дуу! Дьэ эн Сииҥкэниҥ биэрдэ, нокоо! Олох биэрэрдии биэрдэ, адьас иннибэр күөрбээни туруорда! – оҕонньор ыраахтан үөрүүтүн үллэстэн кэпсээн бөҕө буолан кэллэ. – Ити Сүүллээх төрдүнэн суолум устун үөһэ сүүрдэн тахсыахха, эрийэ ту­тан кыылга тиийиэххэ. Мин ыраас сири көр­дөрүөм, бу сибилигин аҕай охтордум.
Куочук, оччолооҕу истэн, хараҕа уоттана түстэ. Ытын мас төрдүгэр баайа охсоот, «Буранын» собуоттаан эрийэ тутта. Өлөксөөн дьиэҕэ киирэн сойон эрэр чаанньыгыттан тиэрмэскэ чэй кутунна. Бултарын астыы сылдьан чэйдиэхпит диэн дьаһанна. Бэрт сатабыллаахтык сис үрдү­нээҕи тоҥуу хаарынан бурҕатан, кыыл охто сытар сиригэр начаас тиийдилэр. Борук-сорук буолуон иннинэ сүлэн, хол-буут арааран, дэвун оҥо­рон бүттүлэр. Куочук хата кыылы астыырга туту­һан-хабыһан бэркэ үөрэннэ. Үөрэн-көтөн фара уотунан сырдатынан үүтээннэригэр кэллилэр.
Куочук киэһээни быһа сонун бөҕө кэпсээтэ, үрэх баһыгар тахса сылдьыбыт сырыыларын бэркэ сырдатта. Өлөксөөн, уол тылын-өһүн истэн, тыалыы сөпкө саҥарар буолбут диэн сөҕөн мичээрдиир.
– Ити адьас эн Сииҥкэниҥ кыылы иннибэр сиэтэн аҕалла, атыннык хайдах да быһаарар кыах суох. Саабын көтөҕөөрү хамнаабыппар туора ойон баран эмиэ турунан кэбистэ, – оҕон­ньор саныы-саныы сөҕө олордо.
Булчуттар сарсын кыылларын этин тиэнэн көһөргө былааннаннылар.
– Халлаан халлан аҕай турар, сулус бөҕө. Эт үчүгэйдик дөйө тоҥууһу, – Өлөксөөн таһыр­дьаттан киирэн иһэн сэһэргиир.
Куочук бүөр ыһаарылыыр, киэһээҥҥи аһылык бэлэмниир.
– Эти хаарга көмпүппүт дэвун дэнэр дуо?
– Дэвун диэн бултаммыт эти харайар ньыма, тоойуом. Араас көрүҥнээх буолар, дьыл кэмит­тэн, төһө өр хааллараргыттан уратылардаах. Ити биһиги таах көмпөтүбүт ээ, хаары тэпсэн баран эти тас өттүнэн чөкө уурдубут. Салгыы үрдүнэн талаҕынан адарай курдук тэлгэппиппит дии, ол үрдүгэр өссө эт ууран баран эмиэ талаҕынан араҥалаабыппыт, онтон дьэ тириитинэн саба бырахпыппыт. Дьэ ол кэнниттэн көмпүтэ буол­буппут. Ити эт икки ардыгар баар араҥа салгын оонньууругар аналлаах, онон эт аһыйбат. Түр­гэнник сойор, эбиитин сарсын сарсыарда тута тиэйэр буоламмыт баттык мас уурбатыбыт.
– Ээ сөп, өйдөөтүм. Аҕам күһүҥҥү дэвунун холбоо диирэ. Хаһан эрэ маска атахтаах оҥорор­бут диэн кэпсээбитэ.
– Дьэ оннук, дэвун да араастаах буолар. Бул­таабыккын сатаан харайарыҥ, дьүдьэппэккэ дьиэ­ҕэр тиэрдэриҥ туспа сатабыл. Онно да үөрэ­нэн иһиэҥ, – Өлөксөөн сиэнин саннын тап­тайар. – Билбэккин кыбыстыбакка ыйытан иһэр буол.
Бу киэһэ Куоста долгуйан балачча өр утуйбата. Ол да буоллар тыа сырыыларын уол бэйэтэ этинэн-хаанынан билиэхтээх диэн уоскутунна. Рацията алдьаммыт эбит, ону киэһэни быһа өрө­мүөннүү сатаата да, кыайтарбата. Барахсан аһара эргэрбитэ биллэр, үйэтэ да бүттэҕэ.
Сарсыарда баҕалаах хаардара дьэ түһэн барда. Түүҥҥү дьыбары халыҥ былыт саба бүрүйэн симэлиттэ. Куоста халлааны одуулаан хантайан турда, сирэйигэр хаар түһээт тута уул­лан хаалар. Санаатыгар, «Буран» тыаһын истэ сатыыр. «Ээ, бачча эрдэ хайаан кэлиэхтэрэй, наай гыннар эбиэт кэннэ биллиэхтэрэ», – диэн, туоһапкатын туора сүкпүтүнэн Милканы үөрэтэ хотоол баһын диэки хаама турда.
Хаар хойуутук түһэ турар кэмигэр булчуттан ураты үөрүйэх ирдэнэр. Саҥа суолу хаар саба түһэн моһуоктуур. Куоста тайаҕынан булкуйан быһаарбыта буолар, аны саҥа үөрэнэ сылдьар ыт буккуллан суолун сотору-сотору сүтэрэр. Дьэ манныкка тулуур ирдэнэр, саарба сабыс-саҥа ойбут суолугар ыыппыт ытыҥ чаас аҥаарынан сүтэрэн, төттөрү кэлэрэ кыһыылаах. Оччоҕо булчут ытын тутан ылан сиэтэр, хаттаан хайсар. Ыта суолу быраҕан төннүбүт сиригэр тиийэн үөрэтэн көрөр. Дьиҥэр, Милка бэркэ сонордоон саарбатын бырахпакка хорооҥҥо киллэрбит эбит. Омунугар саба сүүрэн кэлэн ханан чопчу киирбитин өйдөөн көрбөккө, суолун үлтү тэп­сээхтээбит. Тула турар мас төрдүн барытын өрө ытта-ытта сымардаабыт. Хаар хойуутук түһэ турар буолан, саарба хороонун саба охсубут. Ол да буоллар сатабыллаах булчут, суол сүппүт сирин тула иккитэ эргийэн көрөөт, саарба кирийбит эбит диэн быһаарда. Онтон ытын сиэтэ сылдьан мастары одууласта, сири, дүлүҥнэри тайаҕынан дьөлүтэ анньыталаата. Быыс-хайа­ҕас аайы ытын муннун анньан көрөр. Биир сиргэ ыта сыт ылан өрө сарылыы түстэ. Сүтүгүн булбут оҕолуу өрө ойо-ойо үөрдэ. Ол быыһыгар кыһыыта бэрдиттэн ырдьыгыныы-ырдьыгыныы сири хаста, силистэри турута тардыталаата.
Куоста чохороонун ылан хороон аллараа өттүнэн хаһан кэҥэтэ түстэ. Бодапти (үөл хары­йа алларааҥҥы хара лабыкта бытыктаах, хаппыт лабаалара) хомуйан бэлэмнээтэ, «Уолум баара буоллар, сиртэн саарбаны хайдах хостуурга үөрэниэ эбит» дии санаата. Буору хаһан хап-хара буолбут ытын соһон таһааран чугас маска баай­да. Ыт хаспыт сирэ саарба киирбит холлороо­нун кытта холбоһор ини диэн баран, бодапти уматан буруолатта. Маҥнайгы быыстан буруо тахсан барда, Милка ыыс-быдааны тулуйумуна туораан биэрдэ. Сир анныгар саарба ытырдара иһилиннэ, өр буолбакка тыын былдьаһан сулбу ыстанан таҕыста. Оччолооҕу көрөөт, Милка саар­баны маска тахсар бокуой биэрбэккэ, сиһиттэн харбаан ылаат мускуйан барда. Онтукайа, бэриммэтин биллэрэн, ыты уоһуттан ытыран сарылатта. Балачча өр тутустулар, Милка кыдьы­гын барытын таһаарда. Сымнаабыт саарбатын ыһыктымаары гыммытын, кытаанах күргүй уон­на талах чыпчархай сиргэ бырахтарда.
Куоста сынньана олорон тиэрмэстэн чэй куттан истэ, ытын хайҕаан имэрийдэ. Үүтээҥҥэ тиийиитэ «Бураннар» тыастара иһилиннэ. Оһо­ҕун оттон баран уу баһа сырыттаҕына, Куочук тирилэтэн кэллэ, тиистэрэ килбэйэн улаханнык үөрбүтэ көстөр. Кэнниттэн хаалсыбакка Өлөк­сөөн иһэрэ көһүннэ. Оҕонньор да санаата көтөҕүллүбүт көрүҥнээх, көлөтүттэн ойон түһээт, сиэнинээн улахан сыарҕа быатын босхолуу охсон бириһиэни арыйа тартылар.
– Хата, биһиги бултуйан кэллибит, – Өлөксөөн Куосталыын илии тутуста.
Куочук дьоһун соҕустук илии тутуһан иһэн аҕатын кууһан ылла, саҥарбата. Дьэ дьоро киэһэ буолла. Куочук айаны, аара тугу көрбүтүн-истибитин сэһэн-тэппэн бөҕө, Өлөксөөн хос-хос бэйэтэ кэлэн биэрбит күөрбээни кэпсээтэ.


Сэтинньи бүтүүтэ тымныылар түһэн барды­лар. Үс күн хаардаан баран, эмиэ чахыс күннэр турбуттара ыраатта. Булчуттар хапкааннартан кыралаан саарба ылаллар. Ытынан булт аанньа кыаллыбата, биир үксүн тоҥокко тыстара бүтэн туһата суох буоллулар.
Куочук аҕатынаан Бүүрүүлээхтэригэр кэлэн, хайыһарданан кыыл сонордуу сылдьаллар. Куоста уола хайыһарга бигэтик турарын, сыы­дамнык хаамарын астына көрөр. «Хааныгар баар быһыылаах, сорох ыалдьыттыы кэлбит та­баарыстарым оннооҕор сатаан хайыһарынан сылдьыбакка төннөөччүлэр» дии санаата.
Киэҥ Үрэх баһын салааларынан икки аҥы хайдыһан хаамаллар. Куочук, сыа мас чагдатын устун баран иһэн, сытар кыыллары өйдөөн көрбөккө, үрдүлэригэр кэлэн хаалла. Үс кыыл үтүрүспүтүнэн иннилэрин хоту ойдулар, уол саатын санныттан эһэ охсон ылбакка хараҕын далыттан сүтэрдэ. «Бэлэм испэккэ» диэн санаа киирэн истэҕинэ, ойоҕоһуттан өссө икки кыыл таба ойон турда. Биирэ, ыт диэбиттии, уол иннинэн сиэлэн ааста. Иккиһэ сис талах быыһынан быччайыаҕынан быччайан одуулаан туран хаалла.
Эдэр булчут, ханныгы ытабын диэбиттии, бытааран ылла. Кутуругун хороппутунан кэдэ­йэ-кэдэйэ сиэлэн иһэр тыһыны ытан көрдө, сыыста. Турары ытаары эргиллибитэ, ойбута ырааппыт. Эргиллэн, тыһы эмэһэтэ элэҥнээн эрэрин кэнниттэн ытан көрда да, эмиэ табыллар тыас иһиллибэтэ. Күнү быһа хаампыта аҕыйах сөкүүндэ иһигэр быһаарыллан хаалла. Түгэни мүччү туттан бүтүн күн халтай хаампыта аба­лаах. «Хаарыан кыыл, бултуйуом хааллаҕа» диэн кыһыылаах санаалар сүгэһэр буоллулар. «Чэ буоллун, аныгыскы сырыыга манныкка сыыһа туттумуохха наада», – диэн ботугураата уонна ыппыт кыылын суолун көрө барда. Баҕар, хаан таммалаабыта буолаарай диэн санаатыгар кыыл суолун батыста.
Күннээҕи сылаа эмискэ киирбит курдук буол­ла. «Буран» суолугар киирэн уол хайыһарда­рын устан синньигэс быанан төбөлөрүттэн баайта­лаан соһон барда. «Ол да буоллар бэрт күн ааста ээ… Кыыллар түргэттэрин, кыраһыабайдарын, ойон тураат «пуус» гынан муннуларын тыа­һап­пыттара соһуччутун» диэн балааккатыгар чугаһаан иһэн санаата көнөн барда. Сыыһа туттубут кыһыыта үлүһүйүү имэ­ҥигэр кубулуйда. Хара маҥнайгыттан туохха сыыспытын ырыта сатаата.
Куочук эрэ буолбакка, аҕата эмиэ мэлийэн кэллэ. Кыыл саҥатын (саҥа суола) биэрбэтэ диир. Онтон уолун сырыыларын истэн:
– Хата эйиэхэ иннигэр көстө сылдьаллар эбит дии. Чэ бээ, ити аата сатаан эрэҕин, кыыл таба бултааһына биир үрдүк чыпчаал буоллаҕа. Сотору эт сиэтэр киһи буолууһугун, кыылдьыт аатын сүгүүһүгүн. Эһэҥ Өлөксөөн этэринэн, ол үс түһүмэхтээх оскуола: маҥнай тыаскыттан ыстаннартыыгын, иккиһигэр хараххар көрөҕүн, үһүскэр таба ытаҕын.
Куочук, ити бэргэн этиилэри төбөтүгэр араастаан эргитэ сытан, сылаата таайан, утуйан хаалла. Куоста, төһө да бултуйбатар, уолун сырыыларын истэн, хараҕа уоттаммытын көрөн, булчут хаана уһуктубут дии санаан үөрдэ, өргө диэри уута кэлбэтэ.
Өссө үс күн Бүүрүүлээх баһыгар кыыл сонор­доһон көрөн баран, үүтээннэригэр көстүлэр. Хата Эһэлээх үрүйэтигэр ииппит хапкааннара бэркэ бултуйбуттар. Куочук хотоолго тиийээт, үрэҕин көрө бараары ыксыыр. Кыраһыабай, уһун синньигэс кылаларынан ааттаммыт Кы­лаалаах тоһуурдара аҕыйах саарбаны бэ­ристэ. Ол онну­гар тумулларыттан улардары бултатан булчуттар үөрүү бөҕө буоллулар. Бу сырыыга үөрүйэх киһи быһыытынан Куочук бэркэ бултуйда. Аҕалаах уол түөрт хара улары үргээн бурҕаҥната охсон кэбистилэр. Куочук аччыктаатым диэн биир улар быарын сылаастыы үссэннэ. «Дьэ тоҥустуйан аҕай эрэҕин дуу», – диэн аҕата онуоха күллэ.
Ахсынньы маҥнайгы күннэрэ былыт, хаар бөҕөнү аҕалла. Хатаан турбут халлаан аны тохтоло суох көп хаарынан көмөөрү гынна. Куо­чук үрүйэтин тыатын күн көтө-көтө кэрийэр. Үүтээнигэр кэлэригэр урукку олугун устун сыл­дьан хапкааннарын хаардыыр. Хаста да иккилии саарбаны аҕалан санаата көтөҕүллэн сылдьар. Куоста Лэглээр, Кылалаах бастарынан, биэстии күн буола-буола, «Буранынан» киэҥ сири хабан эргийтэлиир. Хаар халыҥаан, сугун уга сабыл­лан, мэҥиэлэрин улар иһинэн уларытан саарба сэҥээрэр буолан барда.
Өлөксөөн, нэдиэлэ курдук үрэҕи таҥнаран хоно сылдьан бултаан баран, аны үрэх баһынаа­ҕы сиригэр ааста. Онон кэлэ-бара аҕыйахтыы күҥҥэ көстөн ааһар. Кини да түүлээҕин элбээтин­нэрдэ. Арай хараҕа мөлтөөн, мас көтөрө кыайтарбат. Булчуттар киэһэ аайы хойукка диэри саарба сүлэн, таҥастаан түбүгүрэллэр. Куочук номнуо дьонуттан хаалсыбат гына сүлэр буолбут. Дьо­һуннук туттан күннээҕи көрбүтүн-истибитин кэпсиир, ырытар, толкуйдуур.
Хаар тоҥоту харыс курдук лаппа саппытын кэннэ булчуттар ыттарынан саарба үрдэрэн син эбиннилэр. Куочук Умкалыын бэркэ өйдөһөн, бэйэ-бэйэлэриттэн үөрэнэн бултуу сылдьаллар. Өссө да бултуох дьону хаар халыҥа тохтотто.
Тиһэх күннэригэр ыт оймуу сатаан баран харбыыр хаара буолла. Ону көрөн Куочук эрдэ соҕус үүтээнин диэки быһа барда, ыта сылайан иччитин кэнниттэн хаала-хаала батыһан истэ. Лэглээр төрдүнэн Киэҥ Үрэххэ киирэн, уол муус устун өксөйө хаамта. Халыҥ хаарга дулҕа быыһынан хаамар сылаалааҕыттан үрэх устун эрийэ-буруйа барда. Сорох сиринэн Киэҥ Үрэх дохсун сүүрүгэ харгыларга мууһурбат, онон-ма­нан сиикэйдэр оҥоһон көстөллөр. Куочук оннук сирдэргэ сэрэнэн кытыл устун барар. Эл­гээннэр муустара халыҥаабыт диэн хорсуннук хаамар, торуоскатынан анньыалаан, тоҥсуйан көрөр.
Үүтээҥҥэ диэри үс биэрэстэ хаалтын кэннэ кыра элгээн устун баран иһэн иннигэр синньигэс сиикэй баарын көрөн туора хаамыах буолан эрдэҕинэ, мууһа эмискэ аллара кур гынна. Куочук биирдэ өйдөөбүтэ, түөһүгэр диэри ууга түһэн хаалбыт, хата атахтара уу түгэҕинээҕи хардыргас бытархай тааска тирэннэ. Күүскэ тэбинэн түөһүнэн муус үрдүгэр сыыллан та­ҕыста. Тута кытылы былдьаста, сыылан тиийэн талахтартан тардыһан таҕыста. Тыһыынчанан иннэ этин дьөлү кэйэргэ дылы буолан ылла, иҥиир­дэрэ тардыах курдук буолан куттаата. Ону-маны ырыҥалыы сатыы олорор кыах суох, таҥа­һа тута муус куйахха кубулуйара буолла. Чохчоҥноон ыстаанын уутун тобугар ыган аҕалан көҕүрэппитэ буолла. Ыта бэйэтинээҕэр уолуйбут харахтарынан көрөн турар эбит. Уолуйбутун үллэстибиттии, иччитин илиитин салыы сатаата. «Чэ, хайыахпытый, үүтээн мантан чугас, халлаан да наһаа тымныыта суох, күн да эрдэ», – диэн Куочук саҥа таһааран бэйэтин туругун күүһүртэ уонна харса суох кытыл устун сүүрдэ. Балачча тоҥуу хаары оймоон сэниэтэ эстэн иһэн, хата, «Буран» суолугар тахсан эрчимнээх хаамыынан дьиэтин диэки бара турда.
Борук-сорук буолуута Куоста Үс Салаа диэ­киттэн кэлэн иһэн, Киэҥ Үрэх туорааһыныгар «Буранын» уотун холбоото. Ол иһэн туораттан бэрт дьиибэ, атаҕын соспут киһи суолга киирбит суолун көрөн тохтоото. Туохха эрэ бэркэ ык­саа­быт киһи сүүрүү-хаамыы икки ардынан хаары үлтү солоон айан суолугар үктэммит. Хаары буккуйан көрбүтэ тоҥот кырыылаах, онон-ма­нан таммах дьөлүтэ түһүүлээх эбит. Аҕа киһи тута сэрэйдэ, туох быһылаан буолбута хараҕар ойууланан кэллэ. «Буранын» туох баарынан барылатан кэнниттэн түһүнэн кэбистэ. Хотоолу таҥнары буруо сыта кэлэн уоскуйа санаата: «Барахсаным төһө эрэ ыраах ууга түһэн баран сүүрэн кэлээхтээтэ буолла… Чэ, син дьиэтин булбут, бачча бүтэн бараары сылдьан онно-манна түбэһэн».
Куоста үүтээн аанын арыйа баттаабыта, оһох тигинэччи оттуллубут, таҥас бөҕө куурдулла ыйаммыт. Уола суорҕан бөҕөтүнэн үллүнэн баран утуйан бырылата сытар эбит. «Һуу» диэн баран, бэргэһэтин эрэ устан сонноох ту­ран чэй иһэн утаҕын ханнаран уоскуйда. Аа-дьуо тиийэн уолун сүүһүттэн имэрийэн баран, сыллаан ылла.
Урут бэйэтэ булка саҥа үөрэнэ сылдьан сиикэйгэ түһэн өлө сыспыттааҕа. Саха сирин соҕуруу улуустарын хайаларын үрэхтэрэ дох­сун сүүрүктээхтэр, дьүүктэлэрэ тоҥмоттор, кы­һыҥ­ҥы өттүгэр билбэт киһиэхэ кутталы үөскэ­тэллэр. Олунньуга күүскэ тыалырбыт кэ­ми­гэр Ньимныркаан хайаларын быыһынан хайыһарынан сылдьан, үрэххэ быһа киирээри олус туруору сиринэн сэрэҕэ суох сурулаан түһэн, уста сытар уһун синньигэс сиикэйгэ чолум гынан хаалбытын саныы олордо. Сүү­рүккэ оҕустара-оҕустара, аҥаар хайыһарын уста сатаабыта, тыын былдьаһан кытаанахтык хамсаммыта өйүгэр хос хатыланан ылла. Хата сиикэй атаҕа муус анныгар киириитэ киһини уйар буолан, аҥаар хайыһардаах мууска ыттан тахсан, харса суох харбыалаһан тыыннаах хаал­быта. Салгыы өссө биэс биэрэстэни сыылан кэриэтэ балааккатыгар тиийэн өрүһүммүтэ. «Ха­та хайаан, ыалдьыбакка сарсыныгар атахпар ту­ран, тымныы ууга сөтүөлээһини аһардыбы­тым буолла» диэн билигин кэлэн сөҕөр. Уолун көрө-көрө, «ыалдьыбатар, кэнники доруобуйатыгар оҕустарбатар ханнык» дии саныыр.
Киэһэ Өлөксөөн тиийэн кэллэ. Куочук, итии чэй иһэ олорон, дьонугар ханна, хайдах ууга буккуллубутун кэпсээтэ. Оҕонньор истэн баран, соруйан сымнатан, улахаҥҥа уурбатах курдук күлэ-күлэ:
– Хата Киэҥ Үрэх сөбүлээбит, саҥа киһини сөтүөлэтэн сэргэхсиппит. Барытын бары көр­дөр­дө, бэрсэрин бэристэ. Эбиитин сууйда-та­раа­та, доруобуйаҕын модьуратта, – диэтэ.
Куочук үөрэн сирэйэ сырдыы түстэ.
– Оннук улаханнык тоҥмотум даҕаны ээ. Аар­мыйаҕа марш-бросок оҥорон уонунан килэ­миэтири сүүрэрбит. Начаас үүтээҥҥэ кэлбитим. Арба, эмчиирэм иһэ кураанах, сотобуттан сал­гыы уу киирбэтэх.
– Ити саарыллыбыт түнэ буолан оннук, ууга өр турбатах буоллаҕыҥ дии. Илитээт тута хаарга тэбиэлээтэххэ, көмүрүө сиигин супту оборон ылар, – диэн аҕата быһааран биэрдэ уонна хайдах куурдары сүбэлээтэ. – Маннык уокка кэрээбэк­кин, хаптаһыҥҥа, көнө маска ууран туран быһаҕыҥ өнчөҕүнэн уутун ыган кы­һыйаҕын уонна итииттэн тэйиччи соҕус сара­ҕытан куурдаҕын.
Ону көрөн этэрбэһин аҥаарын уол бэйэтэ ыган боруобалаата.


Ахсынньы амырыын тымныылара хата хойу­таатылар. Ый ортотугар диэри ичигэс соҕус халлаан туран, булчуттары абыраата. Куочук сөтүөлээн баран ытырдан да көрбөтөҕө. Аҕатын «Буранынан» сылдьан, хапкааннары барытын көрүтэлиир. Булт күһүҥҥү өттүн түмүктүүр күннэрэ тиийэн кэллэ. Дэриэбинэҕэ айаннаары хо­мунуу Куочукка курус соҕус буолла. Киниэхэ булт балтараа ыйа аҕыйах күн курдук элэҥнээн ааспыт. Мүччүргэннээх сырыылара хаттаан хара­ҕар көстөн аастылар. Харыйа быыһыгар турар үүтээн күндү күннэри санатар уйата буолбут.
Куосталаах Өлөксөөн кыыл этин эрбиил­лэр, куулларга батар гына кыралаан сыарҕаҕа тиэйэллэр. Куочук улардарын дьаһайар. Бул­чут­тар күндү түүлээхтэригэр тус-туспа дьаа­һыктаахтар – оҕонньор былыргылыы мас чыма­дааннаах.
Атаара кэлбит дойдулаах суор эргийэ көтө сылдьан үстэ кыланна. Куочук хантас гынан суор хара харахтарын кытары көрөн хаалла, кэнниттэн өр одуулаан турда. Тиһэх күҥҥэ эдэр киһи төбөтүгэр туох санаа киирбитин аҕата да сэрэйбэтэ быһыылаах.
Иитиллибит хапкааннарын Саҥа дьыл инни­нэ эһэлэрэ кэрийиэх буолла, онтон тохсунньуга бэйэлэрэ кэлэн хаардыыр гына былааннан­ны­лар. Куочук эһэтигэр кистэлэҥ хапкааннара ханан туралларын хос-хос быһаарда.
– Үрүйэм туорааһыныгар уонна куруҥ кытыы­тыгар эрэ бааллары суоллуоххун наада, атыттар куруук сылдьар суолбуттан көстөн тураллар.
Олорон быраһаайдастылар. Өлөксөөн өссө уонча хонукка хаалар.
– Чэ, Куочук, бэркэ бултуйдуҥ, сирбит-дой­дубут да үөрдэ, эйигин ылынна. Өссө кэлэр, дойду оҥостор инигин?
– Кэлэн бөҕө буоллаҕа, хапкааннарбын эһиил барытын тэптиргэлиэм уонна кыыллыам этэ. Быйыл чуть-чуть не повезло.
Оҕонньор идэтинэн дьиэ таһыгар тахсан атаа­ран туран хаалла. Суор айанньыттары Ку­руҥ сиһигэр диэри арыаллаан батыста. Ыраах айаҥҥа Куоста бэйэтэ «Бураны» ыытар, Куочук көтөлгө сымнаҕас олбох оҥостон олорор, иккис сыарҕаҕа ыттар ыга сыстыһан сыталлар.
Халлаан кыраһалыыр, күн көрдөҕүнэ, кыһыҥ­ҥылыы чысхаанныыр. Уһун айан устата аҕа уолу­наан арааһы саныыллар. Куочук аҕатын атын өттүттэн арыйда. Тыаҕа сырыыта хорсуна, хоо­дуота, мындыра, туохтан да толлубат эр бэрдэ эбит. Кини оҕото буоларыттан иһигэр киэн тут­тар. Аныгыскы сырыыга хайаан да кыыл бултаан, аҕатыгар кини булчут хаана баарын итэҕэтэр санаалаах. Төбөтүгэр эһиилги дьылы ойуулаан былаан бөҕө буола истэ: үөрэҕин бүтэрэ ох­сон үлэҕэ киириэ уонна уоппускатыгар ханна барарын бигэтик быһаарынна. Ол быыһыгар маҥнай барсымаары дьүһүлэммититтэн кы­быста санаата. Онтон ийэтин көрсөрүн, күүскэ кууһан сыллаан ыларын ойуулаан көрөн ми­чээрдээтэ.
Оттон Куоста дууһатын дьол толорон «Бу­ран» тыаһыгар доҕуһуоллатан ыллыы истэ. Уолун кыт­та биир тылы булбута, өбүгэлэрин төрүт дьары­гар уһуйбута, билиитин-көрүүтүн үллэсти­битэ – дьол! Уола инникигэ дьулуурдаммы­та – дьол! Онно булт, айылҕалыын алтыһыы көмө буолбуттара – дьол!

Валерий Андросов

Чолбон. – 2022. – № 8, 9

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар