Перейти к содержимому
Сүрүн сирэй » Сонуннар » 2023 сыл түмүгүнэн Алампа аатынан «Бастакы эрэдээктэр бириэмийэ» лауреаттара

2023 сыл түмүгүнэн Алампа аатынан «Бастакы эрэдээктэр бириэмийэ» лауреаттара


«Чолбон» сурунаал – саха омук ХХ үйэтээҕи историятын сиэркилэтэ буолбут сахалыы тыллаах кырдьаҕас сурунаалынан буолар. Саха литературатын историятын үйэтитэр, үгүс көлүөнэ суруйааччылары биир ситимниир, саха интеллигенциятын бастыҥ өйүн-санаатын түмэр ытык ындыыны дьоһуннук сүгэр.

2019 сылтан ыла Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин кытта кыттыһан сурунаал Алампа Софронов аатынан «Бастакы эрэдээктэр аатынан бириэмийэтин» туттарар уонна Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр туттарар үгэһэ олохсуйбута. Сурунаал бу бириэмийэтин солбуллубат партнерунан Алампа төрөөбүт дойдутун – Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин дьаһалтата буолар.

Ааспыт 2023 сыл «Чолбон» сурунаал Анемподист Иванович Софронов аатынан «Бастакы эрэдээктэр бириэмийэтин» прозаҕа лауреатынан СЕМЕН МАИСОВ, «Дьолго дьулуһар буоллахха» роман бастакы кинигэтин иһин, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэ);

–  Поэзияҕа лауреатынан ЗИНАИДА АРХИПОВА, «Үргэр үрүҥ хоһооммор ахтылҕаҥҥын тохпуккун…» хоһоон бөлөҕүн иһин, «Алта» кинигэ кыһатын салайааччы, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (Дьокуускай куорат);

 – Уус-уран критикаҕа лауреатынан САРГЫЛААНА НОЕВА, «Куйаар кыыһа. Зинаида Архипова поэзиятыгар бэлиэтээһиннэр», «Далан “Тулаайах оҕо”, “Тыгын Дархан” романнарын уус-уран далааһына» ыстатыйаларын иһин, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун наукаҕа аҕа үлэһитэ, филология наукатын кандидата (Дьокуускай куорат)

уонна ОЛЬГА МАКАРОВА, «Далан – саха сээркээн сэһэнньитэ», «Кыларыйар кылаан кырдьыктаах», «Будьурхай үөт ахтылҕана» ыстатыйаларын иһин, «Мандар Уус» саха омук олоҕун-дьаһаҕын кэлим музейын үлэһитэ (Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэ);

 БАСТЫҤ ПАРТНЕР анал аат лауреатынан АФАНАСИЙ СЕМЕНОВИЧ ВЛАДИМИРОВ, Баһылай Харысхал «Ааспыт кэм аартыктарынан» документальнай романынан ааҕааччы конференциятын тиһигин тэрийсибитин иһин, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы буоллулар.