I
Биһиги Дьокуускай куорат 17-с кыбаарталын Дьиикэй Запад диэн ааттыырбыт. Манна туох барыта буолуон сөбүгэр куруук бэлэм сылдьар хас биирдии олохтоох үгэһигэр кубулуйуохтаах. Оттон олохтоохтор биһиги куорат биир чуумпу кыбаарталыттан көһөн тиийэрбитигэр сүнньүнэн «үбү баһа» кэлэн баран төннүбэккэ хаалбыт Сэбиэскэй Сойуус араас муннуктарыттан мустубут дьон сыдьааннара этилэр. Кинилэр бэйэлэрин «олохтоохторбут» диэн ааттыыллара. Чахчы оннук, бары бу дойдуга төрөөтөхтөрө дии. Дьэ холобур, биһиги икки этээстээх, икки бадыйыастаах мас дьиэбитигэр уон алта ыал олороро, ол аата биир бадыйыаска аҕыс ыал. Мантан саха ыала биһиги эрэ. Ойоҕоспутугар Николай Кузьмин – Өлүөхүмэ бааһынайа, холооннооҕо Татьяна – Марха нууччата. Кинилэр хоолдьуга ыаллара хаһан да, ким да хараҕар көстүбэт Плич диэн дьэбириэй. Онтон салгыы Петя уонна Рита Соколовтар – Жатай нууччалара. Аллараа этээскэ куорат кырдьаҕас олохтооҕо татаарка Баба Маша уолунаан. Кинини утары биир хостоох ыт уйатын саҕа кыбартыыраҕа Украинаны харахтаан да көрбөтөллөр «украинецтарбыт» дэнэр биэс оҕолоох «хохоллар» Валентин ойоҕунаан Татьяналыын. Кинилэр ыаллара сыылкаҕа кэлбит мордвиннар сыдьааннара Маруся эринээн уонна кинилэри сэргэ нуучча эрдээх бүрээткэ Полина. Дьэ ити курдук интернациональнай дьиэҕэ тоҕо эрэ биһигини үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ, тута «свои» диэн сүрэхтээбиттэрэ. «Тоҕото» дьиҥэр биллэр, дьоммут кэлии дьону сөбүлээбэттэр эбит.
Манна бары даҕаны алыс эйэлээхтик, ньир бааччы олорбуппут. Төһө да аллараа этээспит саас ууга бардар, үөрэ-көтө күргүөмүнэн тахсан дьаһайарбыт. Хас биирдии ыал туохха эрэ эппиэттиирэ. Холобур, Николай Кузьмин – биһиги «Кулибиммыт». Кини бастакынан канализацияҕа дьиэттэн турба тардан, бытархай итэҕэстэрдээх да буоллар, «хааччыныы» киллэрбитэ. Эмиэ бэйэтин мындыр толкуйунан, массыына түннүгэр да майгыннаатар, «стеклопакет» түннүк оҥостон туруорбута. Биһиэхэ тымныы уу турбатын тардан олус үөрдүбүтэ эрээри, унитазпытыгар тимир күлүүһүн мүччү тутан хампарыппыта. Бэйэтэ силимнээбитэ эрээри, уу бардар эрэ халыс гынар диппиэктэммитэ. Ону таһынан кыра чуолҕана сабыллыбат ыарыылаах түннүктэрбит хайыта барбыттарын биир-биэс төлөбүрэ суох уларытан абыраабыта. Бастакы көмпүүтэрбитин бэйэтэ талан атыылаһан, аҕалан таҥан туруорбута даҕаны, икки ыйынан туһаттан тахсыбытын баардаабатахха, кылгас кэмҥэ син сайда сырыттахпыт дии. Дьиэ уотун-күөһүн көрөөччү уонна ыксаллаах кэмҥэ «суһал көмө», төлөпүөммүт, эргэ да буоллар сүүрэр «Волга» массыыналаах Петя Соколов. Бадыйыас ырааһын уонна бэрээдэгин көрөөччү – элбэх оҕолоох Татьяна. Эрэ Валентин ардыгар «аһаан» түннүгүнэн да быраҕыстар, дьиэ иннин ыраастыыр дьарыктаах буолан, түүҥҥү «бырачыаһыгар» ыспыт бөҕүн олох биллибэт гына харбаабыт буолара. Баба Маша – күннэтэ дьиэ иннигэр лаабыска олорон, кыбаартал «сонуннарын» кэлбит-барбыт дьонтон ыаспайдаһан барыбытыгар билиһиннэрэ тоһуйара. Кыдьымах курдук элбэх оҕо-аймах уоруйахтары, кыбартыыра халааччылары таба көрө охсон, сэрэтэллэрэ. Ол сылларга ити дьаллыктар сэтэрээбит кэмнэрэ этэ.
Оттон биһиги оруолбут тута биллибитэ. Сотору биһиги хара үлэҕэ сыстаҕаһа суохпутун билбиттэрэ уонна «интеллигенция» диэн биир тылынан быһаарбыттара. Ханнык даҕаны үйэҕэ киһи аймах духуобунай аһылыкка туохтааҕар даҕаны ордук талаһар. Ыалларбыт итэҕэстийиилэрин саха култууратын, искусствотын биллэр дьоно ааны саппакка сыбыытыыр 13-с нүөмэрдээх кыбартыыралара чиэстээхтик толорбута. Ол курдук, биһиги кыракый уйабыт «культурнай-сырдатар, билии-көрүү» салаата буола түспүтэ. Манна ханна да көстөрбүт соһо сылдьар бибилэтиэкэбит дьэ идэтэ тахсан улаханныын-кыралыын уларсан ааҕар кииннэригэр кубулуйбута. Дойдуга туох уларыйыы тахсыбыта, Саха сирин устуоруйата, уус-уран литература, култуура, ыты хайдах иитии туһунан уонна да атын тиэмэлэргэ сэлэһэ киэһэ кыараҕас дьиэбитигэр лыык курдук киирэн, чэй, кофе иһэн күннээҕи түбүктэн сынньанан тахсаллара. Дьэ билигин нарылааһыны тохтотон 17-с кыбаартал атын сирэйин арыйар уолдьаста. Ол чаҕылхай холобурунан чугас ыалбыт Толя Туприн – Мальборо олоҕун тыктаран көрдөрүү буоллун.
II
17-с кыбаартал Мальборота ити эһиги Голливуд киинэтигэр көрөр быыппастар быччыҥнаах, эр хоһуун көрүҥнээх, кырдьык туһугар өһү-сааһы ситиһээччи дьоруойгутугар букатын маарыннаабата. Ол эрээри кини бэйэбит «кыра Мальборобыт» буоллаҕа дии. Арай майгынныыр өрүтэ – Голливуд Мальборотын оройугар кэтэ сылдьар ковбойдуу сэлээппэтигэр хайа эрэ өттүнэн дьүөрэлэһиэх курдук «Большевичка» баабырыка бэлиэлээх, куорат кирдээх сирдэринэн элбэхтэ сылдьыспытын туоһулуур хара дьүһүнэ бороҥсуйа быһыытыйбыт, солуута суох кэтит тэллэгэрдээх биэтэрэбэй сэлээппэтэ. Сэлээппэ иччитин лэҥкэйбит баһыгар хороччу олорбот, киэптии тимиччи кэтиллэр. Кэтит тэллэгэрэ моонньо суох мүлтүгүр саннын кытта сабардыыр буолан, көхсүттэн көрдөххө, оруобуна остуоруйа гномун санатара. Инниттэн көрдөххө, туора-маары көрө-көрө эмээхсиннээх оҕонньортон куотан суол устун төкүнүйэн иһэр буспут колобуок курдук сэлээппэ-төбө лэкээриҥнээн иһэр буолара.
Мальборо – куорат төрүт олохтооҕо. Маҥнай ийэлээх аҕатын кытта куорат киинигэр биир хостоох «хрущевка» диэн ааттаммыт, бөдөҥ киһи киирдэҕинэ өрөҕөтүнэн баары барытын сотон ааһар кыараҕас куукуналаах кыбартыыра оҕотугар олорбуттар. Онтон сэрии бэтэрээнэ аҕалара улуу иһээччи буолан хаалан, баалларын сыыһын барытын таска таһан, ыйдааҕы дьиэ-уот төлөбүрэ кыаллыбакка иэскэ хаптаран «хрущевкаларын» атыылаан 17-с кыбаарталга икки хостоох мас кыбартыыраны ылбыттар.
Мальборо ханнык баҕарар сэбиэскэй үөрэнээччи курдук куорат биир көннөрү оскуолатыгар үөрэммит. Кыра, хачаайы уолчааны саастыылаахтара элбэхтэ оройун чокуйаллара, онон ордуос, ыгым майгылаах буола улааппыт. Хата алыс иэдэйиэҕин, ахсыс кылааска диэри үөрэҕэр «Бочуот дуоскатыттан» түспэт туйгун үөрэнээччи буолан быыһаммыт. Ол сылдьан оторохсуйар сааһыгар хантан эрэ оччолорго олус сэдэх «Мальборо» диэн ааттаах омук табаҕын булан аҕалан кылааһын уолаттарын матарбакка күндүлээн, өлүү түбэлтэлээх дириэктэр илэ бэйэтинэн тутуор диэри турба анныгар олорон табахтаан, олоҕун суолун токуруппут. Сарсыныгар, тута оскуола истиэнэ хаһыатын «Тигээйи» салаатыгар «Мальборо» табах хаатыгар Толя Туприн кып-кыһыл ымынахтаах сирэйэ ойууламмыт. Буоллаҕа ол, аат иҥнэҕэ диэн кэбис. Саатын уйбакка уонна биир үксүн аҕата өлөн ыарыһах ийэтин көрөр киһи суоҕуттан, Мальборо оскуолатын быраҕан ас маҕаһыыныгар таһаҕасчытынан үлэҕэ киирбит. Ол эрээри өйдөөх оҕо олох үөрэҕэ суох хаалыа дуо, учууталлар кыһаллыыларынан киэһээҥҥи оскуолаҕа оннун булан, биир «баппат оҕо» аатын сүкпүт.
Саҥа үйэни Мальборо оҕуруктаах өйдөөх, хайы сах олох араас дьаллыктарын баһылаабыт, бэйэ туһугар атыны эрбэҕин үрдүгэр сүүстэ эргитэр үөрүйэхтэнэн, «истилээгэлэр» ыарыыларыгар ылларан СИЗО аанын саппат буолан, Англия «Битлз» бөлөҕүн бобуулаах «Радио Свобода» ханаалтан түүннэри уоран истэн уонна Дьокуускайга үтүктэн тургутан көрбүт, «арҕааҥҥы хайысхалаахтар» ахсааннарыгар киирбит уол оҕотун одьунааһа буолан көрсүбүт. Чахчы, дьэ кини күнэ Борис Ельцин «О свободе торговли» диэн аатырбыт ыйааҕа тахсыбыт күнүттэн саҕаламмыт. Ити ыйаах куорат олоҕун укулаатын бүтэһиктээхтик уларыппыта. Биир күн бары сатыырдыын-сатаабаттыын атыыһыт буола түспүттэрэ. Хамнас суоҕуттан ыктарбыт, социалистическай тутуллаах үөрэх политэкономиятын Карл Маркс «Хапытаалынан» туруулаһан туран үөрэппит бары учууталлар, быраастар уонна онтон да атын интэлигиэннэр араҥалара үлэлэрин быраҕан, эриэн «баул» куулу миҥэлэнэн Кытай, Турция, Греция курдук, күн сирин туга барыта атыыланар уонна атыылаһыллар дойдуларыгар аччыктар амырыын атаакаларын оҥорбут «челноктар» буолан көппүттэрэ. Билигин кинилэри оччолорго ол бэйэлэрин кыахтарынан санныларыгар сүгэн «челноктаан» мөлүйүөнүнэн хоргуйбуту-быстыбыты хорсуннук быыһаабыттара диир сөп буолуо.
Оттон биһиги дьоруойбут «антисэбиэскэй элимиэн» буоларын быһыытынан омук сиригэр тахсар кыаҕа суоҕа. Онон бизнесмен буоларга буһуутун-хатыытын Москва куорат аар-саарга аатырбыт ороспуойдар орҕохтонор «Лужники» ырыынактарыгар ааспыт. Мальборо ол сырыыларын билбэппит, онон маннааҕы, бэйэтэ туспа сокуоннаах ырыынакпытын одоҥ-додоҥ ойуулуур оруоллаахпыт.
Мальборо бастакы «бизнескэ» холонуута кураанах долбуурдарга кырыы-кырыыларынан дэлэччи анньыллан сытар саха лэппиэскэтинии хаптаҕай камбала балыктан саҕаламмыт. Үгүстэр өйдүүгүт, абааһы адарайыныы аҥхалаат-маҥхалаат суоллаах Пионерскай уулусса баар-суох арыычча тиэргэннээх, аттыгар ханнык да үйэҕэ тупсубатар билиҥҥэ диэри сыыгынаан турар «Новинка» эргэ ас маҕаһыынын. Бу – Мальборо идэтин иҥэриммит биһигэ. Биллэн турар, оччолорго таһаҕасчыт-куруусчут бастакы чычымас хамнаһын харчынан биэрэр кыахтара суоҕунан, хамнаһын маҕаһыыҥҥа баар бородуукталартан талан ыларыгар эппиттэр. Улахан талымастыыр суоҕуттан үлэһиттэр үгүстэрэ сэбиэскэй кэмҥэ өйдөөн көрбөккө сылдьыбыт, билигин долбуурга киэмсийэ килэриһэн турар үс киилэлээх истикилээҥкэлээх тууһаммыт кабачоктары уонна күөх помидордары хото ылбыттар. Тоҕо диэтэххэ, солун аска баҕалаах тыа дьоно куоракка киирэн атын туох даҕаны суоҕуттан эмиэ кэһиилэнэр эрэ астара сүнньүнэн ол этэ, онон хамаҕатык атыыланара. Мальборо, толкуйдаан баран, хамнаһын суотугар бүтүннүү камбала балыгы ылбытын бары күлэ санаабыттар. Сайын буолан мөлтүү быһыытыйбыт балыгы Мальборо дьиэтигэр көтөҕөн аҕалан таастаах ууга куппутун, ийэтэ: «Бу туоххунуй нохоо!» – диэн өмүрэн ыйыппыт. Мальборо харааран хаалбыт инники тиистэрин көрдөрөн мичээрдээн баран: «Ийээ, сарсын субуота дии, ол аата икки күн баһаар үлэлиир. Прикинь, онно төһө аччык киһи сылдьарын? Оттон буспут камбала сыта аччык киһи иҥсэтин хайдах курдук көбүтэрин… Чэ, астыах!» – диэн баран, бачыгыратан барбыт. Ол күн 17-с кыбаартал аҕырбыт арыыга буспут камбала балык сытынан туолбут. Маҥнай сэҥээрбэтэх ийэтэ, ол «алыптаах» сыттан тэптэн, уолун чиэһинэй үлэтигэр бэйэтин бастакы кылаатын уган, буһарсан барбыт. Сарсыныгар уол күн аҥаарын иһигэр өлөрбүт, «бизнеһин» тирэҕэ буолбут үс мөһөөх харчытын кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан ийэтин иннигэр тыастаахтык быраҕан соһуппут даҕаны, үөрпүт даҕаны. Ити ырыынак иннигэр туран атыылаан Мальборо алыс да байбатар айаҕын көрүнэр киһи буола охсубут. Ол эрээри оҕуруокка киирбэккэ ааҥҥа эрэ тэпсэҥнии турбута буоллар, Мальборо Мальборо буолбатыгар тиийэр.
Оччолорго «Новинка» маҕаһыыҥҥа, кыралаан, ыччат талаһан туран таҥнар сэбиэскэй да буоллар «джинсы» диэн ааты ылыныан сөптөөх, сиргэ туруордахха атаҕар чиккэччи турар, торбос тириитинии дор курдук хорчоххой ыстааннар атыыланар буолбуттара. Баата уонна ночуостаах ыстааны аны кэтиэхтэрин баҕарбат буола охсубут дьон, бары сэбиэскэй хатарыылаах сиэрдэрин-майгыларын умнан, сэрии кэминээҕи килиэп уочаратынааҕар алдьархайдаах уочараттарга хонуктаан туран түүннэри-күннэри тулуурдаахтык анньыһаллара. Мальборо буоллаҕына оннук анньыһыыларга кыттыспата, киниэхэ ол кэбэҕэстик кэтэҕинэн кэлэрэ. Оччолорго ас маҕаһыынын кытары кыттыгас туалет таһыгар, иһэ ыалдьыбыта буолан кубулунан, кэтэһэн-манаһан, табаар маҕаһыынын бырадабыас кыргыттарын «Красная Москва» духуунан, «Красный Октябрь» сакалаатынан мэҥиэлээн, балачча уһуннук биэбэйдэһэн патриотическай тутулларын алдьаппыт. Ити курдук, камбалаттан киирбит харчытынан истэри-тастары атыылаһан, мантан инньэ «диписиит» табаары прилавок аннынан ылыах буолан, дьыалатын ситиспит. Хас биирдии барбыт «фирматтан» (үчүгэй табаар барыта аҥаар кырыы инник ааттанара) олус баһыспакка сүүрбэ бырыһыанын биэрэр буолан, кыра хамнастаах кыргыттар үөрэ-көтө табаары бэйэлэрэ тиксэрэллэрэ. Онуоха Мальборо тута баһаарга ыстанан тиийэн, аан айаҕар туран билсибит, хантан эрэ күтүөт буолан кэлбит, сакалаат курдук ыас хара ньиэгир киһитигэр биэрэрэ. Анараата, холобур, «Тверь» суругун кэбэҕэстик «Монтанаҕа» уларытан, инэн-манан тимир сахылыапка саайталаан баран, үс бүк сыанаҕа атыылыыра.
Биир күн аан таһыгар (күрүө иһигэр турар лааппылар төлөбүрдээхтэрэ) камбала атыылыы туран, «Лужники» ырыынакка барбыт үөрүйэҕин санаан, ырыынакка киирэр үтүмэн дьонтон «киирии төлөбүрэ» диэн бытархай харчы хомуйан көрбүтэ табыллан, аҕынньыта холлубут камбалатынааҕар «ыраас» үлэ муннун анныгар турбутун булан амтаһыйбыт. Ол эрээри оччолорго үөрбэҥнэс үспүйүөннэр ордук кэтиир-маныыр сирдэринэн баһаар буолара биллэр. Сотору ол бобор-хаайар дьон кэлэн үгүс айдаана суох «рэкетир» идэтин саҥа баһылаан эрэр уолу тараччы тутан илдьэ барбыттар. Анараалар да харчыга хараҥарбаттар диэтэххит дуу, Мальборо сотору туох да буолбатаҕыныы халлаантан түһэр харчыны хомуйа, аартык айаҕар турара иһиллибитэ.
Ити кэмҥэ, «Лужники» уустук уонна кутталлаах үөрүйэҕин, харчыны сиэп тэнийэринэн уктар атыыһыттары рэкеттиир санаа арахпакка аалбыт. Ол эрээри балым бааттаах «чүөмпэ» тимиртэҕинэ күөрэйбэттии тимирдэрин Мальборо бүтэйдии сэрэйэн, салла сылдьыбыт. Тыҥырахха киирбит мас сыыһа арахпакка аалар. Ол «хатыы» Мальборо оҕуруктаах былааны буһаран таһаарарыгар күһэйбит. Тута «киэһээҥҥи оскуолаҕа» бииргэ күлүгээннээбит, атын биридимиэттэргэ иккиттэн атыҥҥа үөрэммэт буолан физкультура уруогун ордорбут, намыһах, хачаайы Мальбороҕа холоотоххо бөҕө-таҕа көрүҥнээх, киниттэн бүтүн төбөнөн үрдүк хас даҕаны «ыарахан оҕо сааһын доҕотторун» булбут. Анараалар халыҥ харчы хаппахтана сыппыт сиэйпэтин арыйбыттыы, тута аҕыйах солкуобайга атыыламмыттар.
Быһата ол «улуу былаан» олоххо маннык киирбит. Туохха да кыһамматахтыы аартык айаҕар атыылыы турар Мальбороҕа баһаар бары атыыһыттара ытыска уурбуттуу көстөллөрө. Ииччэх-бааччах куудара төбөтүгэр чабычаҕы умса уурбут курдук сэлээппэлээх, уу кыыһыныы икки чэчэгэйинэн ыйааччы көрбүт сүүрэлэс харахтаах, элбэхтэ туура охсуллан быһыыта-таһаата уларыйбыт сэлтэгэр муруннаах, биир кэм мичээринэн ыртаспыт харааччы сиэммит тиистэрдээх солуута суох киэҥ айахтаах, өҥө-дьүһүнэ кубарыйбыт үлэ таҥаһын сиҥнэччи кэппит умнаһыттан сэлээппэтинэн эрэ уратылаах уолу бу талабыр «улуу сынаарыйын» ааптара турар диэн ким даҕаны уорбалыа суоҕа. Мальборо ханнык да түбэлтэҕэ биллиэ суохтаах оруолу ордороро. Киэһэлик сэргэх массыынанан мааны таҥастаах ыспарсымыан моһуоннаах үс уол кэлэн Мальбороттан саҕалаан «нолуок» харчы хомуйаллар. Ити кэмҥэ Мальборо илиититтэн «аһыахтаах» бэрээдэги көрөөччүлэр бууткаларыгар «чэй иһэ» киирэллэр. Мальборо суулуу туппут сулуу хаччытын кытта ким төһөнү атыылаабытынан көрөн лааппы нүөмэрэ суруллубут лоскуй кумааҕытын туттарар. Биллэн турар, өлгөм атыылаах инники испииһэккэ киирэр. Уолаттар холкутук киирэннэр, куттаммыттыы түргэнник хостоон утары уунуллубут «нолуогу» хомуйан тахсаллар. Айдаарбыт эбэтэр итэҕэс төлөөбүт сарсыныгар хара ачыкылаах эбэтэр баттыктаах кэлэн турар буолар. Ураты түбэлтэҕэ оннуларыттан үүрүллэллэрэ уонна аны «бизнесменниир» бырааптара быһыллара… Ити кэнниттэн уолаттар тахсан массыыналарыгар олорон тибилиннэрэн хаалаллар. Сарсыныгар Мальборо дьиэтигэр эмиэ «атыыламмыт» бостолуйуон кэлэн илии баттатан бандырыал туттарар. Бүттэҕэ ити.
Ити түбүктээх уонна сэрэхтээх «үлэтэ» баһаам барыһы киллэрэн, Мальборо амтаһыйбыт бөрөлүү куорат бары ырыынактарын суптурута сүүрэ сылдьан хадьырыйара. Астаах сир иччитэ суох буолбат, атыттар да бааллара. Ол эрээри Мальборо ити идэҕэ илиитин биир бастакынан укпутун быһыытынан, уонна барыһыттан харыстаабакка «анараа дьону» атыылаһа охсор талаанынан «адьырҕа акула» буола охсубута. Кини оччотооҕу мээрэйинэн төһө да аатын билбэт буола байдар, тоҕо эрэ биһиги хаарбах кыбаарталбытыттан көһөргө тиэтэйбэт этэ. Таҥаһа-саба, аһа-үөлэ, мала-сала да тупсубута көстүбэтэҕэ. Оннооҕор иччитигэр силбэспиттии кэтиллэ сылдьар кубарыйбыт сэлээппэтэ уларыйбатаҕа. Баай, мааны олоххо эмиэ бэлэмнээх буолуох тустааххын, оттон 17-с кыбаартал онно кими эмэ ииппитэ буолуо дуо? Ол эрээри кыбаартал олохтоохторо бэйэлэрин «Робин Гудтарын» бэккэ үчүгэйдик билэллэрэ уонна тастарыгар атыннык да тылласталлар, истэригэр утарбат этилэр.
Оттон эдэр ыччат Мальборо төһө да Манчаары Баһылай буолбатар, кини кимиэллээх сырыыларынан киэн туттубуттуу уос номоҕо оҥостон кэпсииллэрэ. Араас сурах-садьык этэрбэс араадьыйатынан хото тарҕанара. Биир оннук кэпсээн маннык этэ. Сэмэн Данилов аатынан уулуссаҕа турар дьиэҕэ олорбут биир сулумах дьахтар уолун хара таастаах массыыналаах дьон тиэйэ сылдьан кырбаан өлөрбүттэр. Милииссийэлэр сыл аҥаарын быһа көрдүү сатаан баран аккаастаммыттарын, дьахтар ыалыгар Мальбороҕа үҥсүбүтүн, киһитэ аҕыйах күнүнэн булларан, бэйэтэ дьүүллээбит. Кыбартыыра талабырдьыттарын эмиэ кэбэҕэстик булан, уорбуттарын төннөрөрүн туһунан истэрбит. Оннооҕор үйэ тухары киһи мунар хараҥатыгар турбут Якутская уулуссаҕа бэйэтин үбүгэр, ахсааннаах да буоллар уот таттаран, дьону абыраабыт сураҕа барыбытын үөрдүбүтэ. Оччолорго «кыанар дьон» ахсааныгар киирэ охсубут биэнсийэлээх эмээхситтэр, оҕонньоттор харчыларын былдьыыр идэлэммит интэринээт оҕолорун бэйэтэ сатыырынан дьүүллээн ити дьаллыктан араарбытын уонна да атын араас дьээбэ быһыыларын туһунан кэпсээн үллэ-үллэ тарҕанара.
III
Мальборо дьиэтэ биһиги дьиэбит нөҥүө турара. 17-с кыбаартал куорат биир хойуу нэһилиэнньэлээх, ордук эргэ, кирдээх, сайдарга сырдык ыйдаҥата суох суостаах-суодаллаах түөлбэтинэн биллэр. Бу – хаһаалара сууллубут хаһаарымалар курдук харыстаабакка салыыр аһаҕас күн уотуттан харааччы сиэммит эркиннэрдээх, иккилии этээстээх, киһи олоҕун киэргэтэр, чэпчэтэр хааччыллыыта суох хара баһаам хаарбах дьиэлэринэн туолан турар, тойон, дьокутаат ааттаах тобуга да тостуо буоллар үктэммэт саллыылаах дойдута. Уу, сиик үйэлэрин кэбирэтэн, кымаах да кырыһа суох сиргэ батарыта түһэн «быыһааҥ даа» диэбиттии араастаан сөрүөстэ таттарбыт өлбөөркөй таас түннүк харахтарынан аһыннарыахтыы сургуччу көрөн турар бараахтар, кэмнэрэ төһө да аастар, син кыһалҕалаах дьону дурда-хахха буолан билигин да абырыы турдахтара. «Чэ, синим биир» диэбиттии, аллара этээстэрэ түннүктэригэр диэри обоччоҕо батары түспүт дьиэлэр, хаһааҥҥыта эрэ көнө сүрүннээх кырыыһалара айылҕа атыҥырыыр долгуннарынан будулуһан ыраахтан көһүннэхтэринэ, мин хараастан ыларым. Манна «баһаар» диэн суостаах тыл сонуна сүппүтэ ырааппыт. Куурбут-хаппыт дьиэлэр саһаҕата да суох кутаа уот аһылыга буолан, бэйэлэрэ арыычча сыыгынаан олорбут дьону харысхала суох аһаҕас халлаан анныгар быраҕан, бүтүн олохторун сыыһын умса уураллара ахсааҥҥа киирбэт. Хатаммат буолуохтарыгар диэри сүүстэ халаммыт сарайдар, дэҥҥэ хомуллар өрөһөлүү кутуллубут үйэлээх сытыган бөх-сах, элбии турар дьэллик ыттар үөрдэрэ бу курус хартыынаны ситэрэн биэрэллэр. Үйэлэригэр саатар кумах, таас кутуллан тупсарыллыбатах хараҥа уулуссалар куорат амырыын «адьырҕалара» хорҕойор арҕахтарынан буолалларын ким мэлдьэһиэй?
Мин Мальбороны кытта билсиһиим судургу этэ. Төһө да «Мальборо дуо?!» диэн аат суостаахтык иһилиннэр, кини ис-иһиттэн үчүгэйгэ, билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта эмиэ ураты күүстээҕэ. Ханнык да түбэлтэҕэ ырыанан анньа сылдьар Мальборо кими баҕарар кытта тута истиҥ доҕордоһо охсорго бэлэм буолара. Биир бэйэм бу хаарбах кыбаарталга улааппыт уол билиитин-көрүүтүн, балаһыанньаны тута быһаара охсор сытыы өйүн сөҕөрүм. Кини туох эрэ дьикти оҥоһуктаах, эбэтэр кэрэ көстүүлээх солуута суох бытархайы даҕаны сэҥээрэн, хараҕа атын үлүгэр чаҕылыҥныы түһэрэ. Онтон куруук аппаратураҕа ымсыырар артыыстарга кини элбэх харчыны кутан булбут оччолорго «шик!» диэн биир тылынан бэлиэтэнэр тыаһы-ууһу күүһүрдэр тэрилэ улахан алыптааҕа. Ордук, саҥа үөдүйэн эрэр «корпоративкаҕа» уора-көстө «холтууралыырга». Хайа муҥун, аҥаардас кэнсиэринэн топпоккун, артыыс да аһыыр айахтаах. Хата, кыайан хамнастаабат буолбут салалта итинник түбэлтэҕэ «хараҕын сабан» абырыыра.
Оннук биир түбэлтэҕэ мин тамадалыы барар буоллум. Аппаратура суох. Бэйэтинэн кэлэн биэрбит барыстан көрбүтүнэн матар буолбуппуттан хомойон санаарҕыы олордохпуна, Мальборо нүөмэрин биэрдилэр. Оччолорго пейджер диэн абыраллаах тэрил биһиги олохпутугар саҥа киирбитэ. Ыйытан СМС ыыттым. Киһим тута сөбүлэспит, өссө бэйэтэ оператор буолуох уонна ырыа ыллыах буолбут. Бүтүүтүгэр «50%» диэн суруйбут. Хайыамый, кыһыйдарбын даҕаны сөбүлэстим. Сарсыныгар «абааһы уонна айыы» диэххэ айылаах сүрэхтэниибит буолла. Бартыньыарым чоппууска бөтүүк хаһыытыттан эрэ бэттэх куоластаах эбит! Чэ, син ону тулуйуохха сөп, арай, айаҕын атан баран саппат ырыаһыта, тамада ааттаахха биир да тылы саҥардыбакка, быһыта түһэн өрө дьалыгыратан барара миигин ордук холуннарда. Киэһэ хамнаспытын үллэһиннибит. Киһим, миигин кыра сыанаҕа кэпсэппиппинэн сирэй-харах анньа туран, ханна барарбын ыйытта. Түүн ол «маньяк» аһылыга буолуохпунааҕар Мальборо массыынатын ордорон, аадырыспын этэрбин кытта киһим өрө көтө түстэ. Ыаллыы эбиппит. Мальборо, хата, «холтуура» кэбэҕэстик буларынан абыраабыта, онон хаачыстыбата даҕаны суох буоллар бэккэ тапсан, оччолорго саҥа кыаҕыран эрэр атыыһыттар, түөкүн аҥаардаах үптэммит дьон, тойот-хотут, сокуон үлэһиттэрин бырааһынньыктарыгар үлэлиирбит. Кэлин хамнаһын «30%» диэри түһэрбитэ.
Мальборо биһиэхэ сотору-сотору киирэн ыһа-тоҕо кэпсээн, култуура, ускуустуба сонуннарын үллэстэн тахсар буолбута. Чахчы, арыый атын эйгэҕэ үөскээбитэ буоллар, Мальборо ааттаах үчүгэй артыыс буолуох киһи хаалбыт курдук көрөрбүт. Оттон олоҕун ол атын хаттыгаһын арыйбат этэ, биһиги даҕаны сураспаппыт. Арай, «оботторо олус улааппыт» араҥаччылыыр дьонуттан күһэлиннэҕэ буолуо, соҕуруу көһөрүгэр, түһээн да көрбөтөх сыаналаах бэлэхпитин оҥорон соһуппута. Ийэтэ биһиги 17-с кыбаарталтан көһүөхпүтүгэр диэри эргэ дьиэтигэр олорбута. Кэлин Мальборо туох дьылҕаламмытын билбэппин, арай сотору-сотору төрөөбүт куоратыгар түүн сырыылаах түүлээх уллуҥах курдук саһан кэлэн барара иһиллэрэ.
Уонча сыллааҕыта Каландарашвили уулуссатынан чалбаҕы кэһэн истэхпинэ, үйэбэр харахтаабатах мааны массыынам тыаһа суох суолтан туораан, иннибин күөйэ тохтообута. Тумна хааман эрдэхпинэ, бэркэ билэр куолаһым ыҥырбытыгар көрө түспүтүм, түннүк хара тааһын түһэрэн Мальборо кыһыл көмүс тиистэрин кылбачытан мичээрдии олорор эбит. Төһө да таҥаһа-саба тубустар, миэхэ кини син биир 17-с кыбаартал баппат, мэник уолчаана Мальборо буоллаҕа дии. Кинини харытыттан харбаабыт суох, сурах хоту суоһурҕанар табыгаһа суох, онон үөрэ-көтө атастыы көрсүһэн, Дзержинскэй уулуссатыгар турар дьиэбэр илдьэн биэрбитэ. Тахсаары олорон, Мальборо күлбүтэ-үөрбүтэ уостан, ийэтин сайыспыт оҕолуу мэрбэйбит сирэйигэр баай-талым эрээри быһах биитинэн хаамар халбаҥ олоҕуттан салҕыбыт санаа курус толбоно түһэн ылбытын аахпытым. Ол эрээри түргэнник өрүһүнэн баран: «Мин тоҕо эрэ эйигин наһаа аһынабын», – диэн кыһыппыта. – Эн бу буола турар олоххо төрүт бэлэмиҥ суох. Билигин биһиги кэммит… Мин эн эбитим буоллар атын дойду быыһын арыйбытым ырааппыт буолуох этэ. Чэ, кэлин да оннук санааҕа кэллэххинэ биллэрээр, көмөлөһүөҕүм, эн кэргэҥҥинээн миигин элбэх үтүөҕэ үөрэппиккит, ону умнубаппын. Этэҥҥэ сырыт…» – дии хаалбыта.
Куорсуннаах, норуот суруйааччыта
Чолбон. – 2023. № 11
.
.